Өлүөхүмэ куората - 385, оройуон - 90 сылларын бэлиэтээтилэр

Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Өлүөхүмэ куората тэриллибитэ 385, оройуон 90 сылларын бэлиэтээтилэр. Бэлиэ күн Үҥкүр нэһилиэгэр 50 миэстэлээх таас тутуулаах оҕо саадын аһыллыыта буолла. Үөрүүлээх тэрээһиннэргэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын э.т. Сергей Местников сырытта.


«Түөрт үйэ анараа өттүгэр Енисей хаһаахтара төрүттээбит Өлүөхүмэ куората сыыйа почта, уу суолун аартыгар тиийэ улааппыт. Быйыл 150 сылын бэлиэтиир Спасскай собор куорат историятыгар улахан суолталаах. 1930 сыллаахха Өлүөхүмэ куората саҥа тэриллибит оройуон киинэ буолар. Доруобуйа харыстабылын, култуура тэрилтэлэрэ, оскуолалар, оҕо уһуйааннара аһыллаллар. Тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин үөрэтэр техникум арыллар. Билигин Өлүөхүмэ улууһа тыа хаһаайыстыбатын итиэннэ бырамыысалыннас киинэ буола улаатта. Манна улахан инвестиционнай бырайыактар олоххо киирэллэр, социальнай эбийиэктэр тутуллаллар, нэһилиэктэр тупсаллар«, — диэн Ил Дархан эҕэрдэ тылын Сергей Местников тиэртэ.

Бу күн Үҥкүр нэһилиэгэр 50 миэстэлээх таас тутуулаах оҕо саадын аһыллыыта буолла. Сергей Местников Саха сиригэр сири оҥорууну кэрэһэлиир мусуойга, Кыайыы болуоссатыгар сырытта. Олоҥхо ыһыаҕар барар тутуулары билистэ.

Вице-премьер э.т. олохтоохторго судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.

Билигин Өлүөхүмэҕэ үс сэрии бэтэрээннэрэ Иван Ильич РукосуевПетр Иванович Максимов и Егор Дмитриевич Филатов олороллор.

Саха сиригэр сири оҥорууну кэрэһэлиир мусуой салайааччыта Ирина Никифорова 1869 сыллаах тутуу история дьиэтин 2018 сыллаахха бүтүн Арассыыйатааҕы бастакы аччыгый куораттар уонна историческай нэһилиэктэр күрэстэригэр кыайан сөргүппүттэрин кэпсээтэ.

This post was published on 15.09.2020 12:01 12:01