Өлүөхүмэ куорат баһылыгын таллылар

Быыбардыыр хамыыһыйа Өлүөхүмэ куорат баһылыгын болдьохтоох быыбарын түмүгүн таһаарда, диэн Саха сирин киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр. Кыттыбыт  киһи ахсаана  36,80% буолла.

Быыбардааччылар куоластара бу курдук түҥэтилиннэ:

Несмелов Иван Александрович (биир ньыгыл Арассыыйа) — быыбарга кыттыбыт быыбардааччылар ахсааннарыттан 37,03 % куолас;

Щебляков Сергей Евгеньевич (бэйэ туруорунуу) — быыбардааччылар куоластарын 50,97 %.

Онон Өлүөхүмэ куорат баһылыгынан Щебляков Сергей Евгеньевич буолла.

Быыбар кэмигэр сокуону кэһии бэлиэтэммэтэ.

This post was published on 04.04.2022 10:01 10:01