Олунньу 24 күнүгэр Өлүөхүмэҕэ ыраас уу станцията үлэҕэ киирдэ.
Өлүөхүмэ куоратыгар уу ситимэ «Жильё и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Ыраас уу» региональнай бырайыак көмөтүнэн саҥардыллыбыт. Уу оботторор тутуу, ууну ыраастыыр станция, аныгы хочуолунай тутуллубуттар. Саҥа станция куорат олохтоохторун сылы эргиччи үчүгэй хаачыстыбалаах уунан хааччыйар кыахтаах. Инникитин чугастааҕы нэһилиэктэри хабар сорук турар.
Ил Дархан Айсен Николаев видеоконференцсибээс нөҥүө 2024 сыл түмүгүнэн «өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 76%-нын ыраас уунан хабар сорук турарын» эттэ. Кини бастакы эбийиэк Өлүөхүмэҕэ киирбитин эттэ.
1984 сыллааҕы тутуу сууккаҕа 1,8 тыһ. куб. м ууну хааччыйара. 263 мөлүйүөн федеральнай үп көмөтүнэн станция ууну ыраастыыр технологията уларыйбыт итиэннэ ууну хачайдыыр кыаҕын 40% үрдэппит. Билигин сууккаҕа 2,4 тыс. куб. м. ыраас уу бэлэмнэнэр.
ОДьКХ миниистирэ Дмитрий Садовников кулун тутар 1 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ, онтон Покровскай куоратыгар станциялар аһыллалларын иһитиннэрдэ.
This post was published on 25.02.2021 15:04 15:04