Өлүөхүмэҕэ уу ханаалын саҥардыы үлэтэ барар

Өлүөхүмэҕэ уу ханаалын саҥардыы үлэтэ былааннаммыт кэмигэр баран иһэр. Бу туһунан ОДьКХ тэрилтэтин салайааччытын солбуйааччы Лев Соров иһитиннэрэр.


Саҥардыы үлэтэ бүттэҕинэ Өлүөхүмэ олохтоохторо киин уу ситимиттэн ыраас ууну иһэр кыахтаныахтара.

Уу ханаала «Экология» национальный бырайыак иһинэн «Ыраас уу» региональнай бырагыраама чэрчитинэн саҥардыллар.

Билигин уу станциятын ис өттүн көтүртэр, реагеннары харайар ыскылаат тутуута бүппүт, модульнай котельнай турар сирэ оҥоһуллубут. 300 кубометр ууну хаһаанар үс резервуар турар сирин оҥоруу, ууну ыраастыыр фильтрдары таҥыы, дьиэ ис өттүн тупсарыы үлэлэрэ салганаллар.

Наадалаах матырыйаал миэстэтигэр тиэрдиллэн, үлэ кыраапык быһыытынан кэмигэр баран иһэр диэн ОДьКХ тэрилтэтин Өлүөхүмэтээҕи салаатыгар иһитиннэрдилэр.

Сиһилии манна ааҕыахха сөп http://gazetaolekma.ru/news/rekonstrukcija_olekminskogo_vodokanala_s_fevralja_nachnetsja_zavoz_materialov/2020-01-31-15100

This post was published on 30.07.2020 11:01 11:01