Өлүөхүмэҕэ Степан Идельгин аатын үйэтитэр тэрээһин ыыттылар

Ааспыт өрөбүллэргэ Өлүөхүмэ оройуонун Нөөрүктээйи нэһилиэгэр биллиилээх меценат, дьииҥнээх патриот Степан Иванович Идельгин аатын үйэтитэр бырааһынньык тэрийдилэр, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Олохтоохтор киэн туттар биир дойдулаахтарын үлэлээбит үлэтин, норуокка оҥорбут өҥөтүн туһунан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр.

Меценат олорон ааспыт олоҕун олус бэркэ оонньоон көрдөрдүлэр. Бу күн минньигэс астаах-үөллээх дьаарбаҥка үлэлээтэ.

This post was published on 23.10.2023 16:53 16:53