Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи маҥнайгы сийиэстэриттэн сиэттэрэн, бу күннэргэ Өлүөхүмэҕэ “Өлүөхүмэ улууһугар саха тылынан иитии-үөрэтии билиҥҥи туруга уонна кэскилэ” диэн ааттаах кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Тэрээһини саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын методическай холбоһуга иилээн-саҕалаан ыытта. Манна улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Туйаара Карташова, култуура управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Ларионова, улуустааҕы үлэлээх буолуу киинин салайааччыта Ирина Чердонова, улуустааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн салаатын салайааччыта Анна Сафонова, саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталлара, оҕо саадын иитээччилэрэ, төрөөбүт тылларын туһугар туруулаһар биирдиилээн дьон кытыннылар.
Ү
өрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Туйаара Карташова улууска сахалыы тылынан үөрэтии бүгүҥҥү туругун билиһиннэрдэ. Оттон саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын улуустааҕы методическай холбоһугун салайааччыта Раиса Уйгурова өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэс туһунан кэпсээтэ. Улуустан сийиэскэ кыттыбыт дэлэгээттэр “төгүрүк остуолларга” туох кэпсэтии тахсыбытын билиһиннэрдилэр.
Кэмпириэнсийэ туһунан Раиса Уйгурова бу курдук кэпсиир:
— Өрүс суолун баттаһа ити күн улуус таһымнаах үс тэрээһин ыытыллыбыта. Онон сорохтор санааларын этэн баран барбыттара. Абаҕа, Кээччи, Кыыллаах, Токо, Дабаан, I Нөөрүктээйи, II Нөөрүктээйи, Улахан Муҥку, Өлүөхүмэ сэлиэнньэтэ, Өлүөхүмэ куорат бэрэстэбиитэллэрэ кыттыннылар.
Кэмпириэнсийэ сүрүн чааһын кэнниттэн “Оскуолаҕа саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын үөрэтии билиҥҥи туруга”, “Култуура эйгэтигэр сахалыы тыын”, “Уопсастыбаннай тэрилтэ – норуоту түмэр күүс”, “Төрөппүт – норуот кэскилэ” итиэннэ “Оҕо саадтарыгар сахалыы иитии” диэн тус-туспа бөлөхтөрүнэн кэпсэтии тэрийдибит.
Урбаанньыт Максим Алексеев, 2020 сылга Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан сибээстээн, онно бэлэмнэнэ таарыйа, 2019 сылы улууска “Саха култууратын” сылынан биллэрэри туруорсуохха диэн этии киллэрбитин бары өйөөтүбүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ Өлүөхүмэ куоракка биир даҕаны сахалыы тыллаах оҕо саада суох. Онон төрөппүттэр аны күһүҥҥүттэн сахалыы тыллаах бөлөх тэриллэрин курдук, билиҥҥиттэн үлэни ыытыаххайыҥ диэн туруорсаллар. Ону тэҥэ мустубут дьон сахалыы тыллаах суругу-бичиги (баннер) элбэтиэххэ, тэрээһиннэри сахалыы тылынан ыытыахха, “Чароит” олохтоох устуудьуйаҕа сахалыы биэриини туруорсуохха, “Олекма” хаһыакка сахалыы балаһаны элбэтэр наадатын, оҕону фольклор нөҥүө иитэр туһугар лааҕырдары үлэлэтиэххэ диэн санааларын эттилэр.
Манна даҕатан эттэххэ, кыыллаахтар олоҥхоҕо аналлаах улуустааҕы лааҕыр (салайааччы Р.Е.Лавернова) тэрийэн үлэлэтэ сылдьыбыттара. Сылын ахсын Абаҕа нэһилиэгэр Олоҥхо күнүгэр анаан, сэтинньи 25 күнүгэр улуустааҕы “Олоҥхо – уолбат ойбон” тэрээһини ыытабыт. Оскуолаларынан солбуһа сылдьан олоҥхо иһитиннэрэбит. Уларыта сылдьан сиэлгэ, оҕуруонан тиһиигэ, кыбытык тигиигэ о.д.а. тиэмэлэргэ араас дьоҕурдаах дьон маастар-кылаастары ыыталлар.
Ити курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэн сиэттэрэн, өлүөхүмэлэр оҕону сахалыы иитиигэ-үөрэтиигэ улуустарыгар бастакы тэрээһини ыыттылар диэтэхпинэ, бука, улаханнык алҕаһаабатым буолуо. 2020 сылга Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа буоларынан сибээстээн, биирдиилээн көҕүлүүр дьон баара кэрэхсэбиллээх.
This post was published on 18.04.2017 14:04 14:04