"Өлүөхүмэ – Дьокуускай" суолунан айан бобуулаах

Госавтоинспекция «Өлүөхүмэ – Дьокуускай» суолунан айанныыры бобор. Манан айан суола билигин сабыылаах, көҥүллэнэ илик. Туоһу бэлиэлэр бааллар.  


Бу күннэргэ суолу буурҕа-силлиэ, тибии тибэн, айанныырга уустуктардаах. Онон ГИБДД Управлениета Саха сирин олохтоохторугар туһаайан, суолунан айаннаабаккытыгар көрдөһөр.

This post was published on 30.12.2020 14:01 14:01