Өлүөхүмэ аэропорда саҥардыллыбыт эбийиэктээх үлэлииргэ бэлэмнэнэр

«Өлүөхүмэ» аэропордун көтөр балаһатыгар үлэ салҕанан барар. Бэлиэлэр оҥоһуллаллар, уота-күөһэ тардыллар. 

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Өлүөхүмэтээҕи порт өрөмүөннүүр үлэтинэн мунньах буолла. Онно тэрилтэ дириэктэрэ Владимир Разинков бастакы соруктары иһитиннэрдэ.

Аэрпорт бары өттүнэн үлэтин саҕалыырыгар күрүөтэ-хаһаата, аварийнай-быыһыыр ыстаансыйата тутуллуохтаах, аэровокзал өрөмүөннэниэхтээх уонна көтөр ааллар балаһаларын көрөр-истэр техника ылыллыахтаах.

This post was published on 21.09.2021 12:33 12:33