Өлүөхүмэ аэропорда: сөмөлүөт олорор-көтөр балаһата тутуллар

Өлүөхүмэ улууһугар «Аэропорты Севера» федеральнайдааҕы бырагырааманан көтөр аал түһэр-көтөр балаһата оҥоһуллар. Билигин аэродромҥа билиитэлэри ууруу салҕанар.


1580 устуука билиитэ бэйэтин миэстэтин булла. Бырайыак быһыытынан, барыта, перрону уонна «рулежнай» суолу учуоттаан туран, 7,5 тыһ тэлгэниэхтээх. Быйылгы дьыл былаана — 5000.

Билигин икки биригээдэ күүскэ үлэлиир. 2х6 кв.м. кээмэйдээх уонна 4,2 туонна ыйааһыннаах билиитэлэри кыраан көмөтүнэн цемент-кумах булкадыһыга ыпсарыылаах бэлэмнэниллибит сиргэ уураллар. Холбонор сирдэрин битумнууллар.

Былаан быһыытынан, 2020 сылга 525 м оҥоһуллуохтаах. Искусственнай балаһа уопсай уһуна 1772 м, кэтитэ – 36 м. Көтөр аал эргийэр сиригэр, балаһа саҕаланыытыгар уонна бүтүүтүгэр 46 м тиийэр.

Кыраапыктан кыра хаалыы баар, ити бэдэрээччик «Нордтрансстрой» тэрилтэ техниката аҕыйаҕын кытта сибээстээх.

Балаһа оҥоруутун сэргэ ГСМ ыскылаата уонна саахал-быыһыыр ыстаансыйа тутуллуохтаах сирдэригэр кумах кутуллар.

This post was published on 18.09.2020 16:02 16:02