Лөгөй сирэ Хомус ыһыаҕар ыҥырар

Уус-Алдан улууһа, Кэптэни бөһүөлэгэ ХОМУС ыһыаҕар сайдам санаалаах сахабыт дьонун бэс ыйын 11-12 күннэригэр Лөгөй сиригэр ыҥырар.


Лөгөйдөр биир дойдулаахтара, Россия үтүөлээх артыыһа, аан дойду виртуоз хомусчута Бүөтүр Оҕотоойоп төрөөбүтэ 55 сылын көрсө ыытыллар Хомус ыһыаҕар ыҥыраллар.

Ыһыах тосхоло:

Бэс ыйын 11 күнэ, киэһэ 18:00 — олорбут дьиэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэни арыйыы сиэрэ-туома;

19:00 — Петр Оготоев аатынан сынньалаҥ кииҥҥэ ахтыы киэһэтэ. Кыттыыны ылаллар: Бүөтүр бииргэ үөрэммит доҕотторо, атастара, аан дойду виртуоз, импровизатор хомусчуттара;

21:00 — ат сүүрдүүтэ.

Бэс ыйын 12 күнэ, сарсыарда 10:30 — Хомус ыһыаҕын аһыллыытын сиэрэ-туома, театрализованнай дьүһүйүү, эҕэрдэ концерт, хомуска күргүөмүнэн толоруу, улахан оһуохай, түһүлгэлээн олорон аһааһын;

13:00 — хомус туһунан ырыа күрэҕэ;

14:00 — хомуска бөлөҕүнэн, биирдиилээн толорууларга, хомус уустарын, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, ыараханы көтөҕүүгэ күрэхтэр ыһыахтыыр түһүлгэҕэ ыытыллаллар;

19:00 — «Хомус Уолан» 17-тэн 30-гар дылы саастаах уоланнар күрэхтэрэ;

23:00 — «Лөгөйгө үрүҥ түүннэр» шоу программа. Буолар сирэ: П.П.Оготоев аатынан сынньалаҥ киин кэлиҥ, сылдьыҥ, хомус дьүрүскэн тыаһыгар кыттыһыҥ.

This post was published on 06.06.2016 18:03 18:03