Дьокуускай уонна Ленскэй архиепископ Роман Өлөөн уонна Харыйалаах орто оскуолатын учууталларын, үөрэнээччилэрин, улуус култуура уонна духовнай сайдыы үлэһиттэрин кытта көрүстэ.
Оройуон актыыбын уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсөн православнай таҥара итэҕэлэ нэһилиэнньэҕэ олох сайдарыгар, тупсарыгар эрэллээх, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит киһиэхэ көмөлөөх, аһыгынас буолууларын хааччыйыыга ыытар үлэтин билиһиннэрдэ. «Биһиги дьону долгутар боппуруостарга сөптөөх быһаарыыны, эппиэти бириэмэтигэр тириэрдэр аналлаахпыт», — диэтэ кини.
Олохтоох православнай приходка көмөнү оҥорууга уонна итэҕэллээхтэр үтүө дьыалалары тэрийэллэригэр сүбэ-соргу биэрдэ.
This post was published on 31.03.2016 17:08 17:08