Дуума Сэбиэтэ дьоҥҥо саба түһэр бэйдиэ ыттар кыһалҕаларын быһаарыыга сокуоҥҥа көннөрүүлэри бэлэмнииргэ сорудахтаата. Ол туһунан Госдуума спикерэ Вячеслав Володин телеграм-ханаалыгар суруйда. Оробуочай бөлөҕү Владимир Бурматов салайыаҕа.
Олунньуга «Об ответственном обращении с животными» федеральнайдааҕы сокуон туолуутун анаалыстыырга быһаарыы ылылынна, миэстэлэринэн ханнык кэһиилэр тахсалларын үөрэтэн көрүөхтэрэ.
Бүтэһик ыйга бэйдиэ ыттартан икки киһи олохтон туораата: ХИФУ преподавателэ Сардана Слепцова Саха сиригэр уонна 7 саастаах Маргарита Канорская Забайкальскай кыраайга.
Володин бэлиэтииринэн, регионнарга салайааччылар эппиэтинэстэрин үрдэтии туһунан этиллэр. Маны сэргэ приюттары тутууга гражданнар көҕүлээһиннэригэр эбии миэрэлэри көрүү суруллар.
Сиһилии https://ysia.ru/v-zakon-ob-otvetstvennom-obrashhenii-s-zhivotnymi-vnesut-izmeneniya/
This post was published on 25.01.2022 17:01 17:01