Норуот ырыаһыта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ С.А. Зверев – Кыыл Уола 1945 сыллаахха бэрт интэриэһинэй, чаҕылхай айымньыны айан хаалларбыта. Кини 1944-1945 сылларга М.Н. Жирков айар бөлөҕөр киирсэ, Москва куоракка тиийбитэ. Ырыаһыт аан бастаан сөмөлүөтүнэн көтөн дойду тэбэр сүрэҕэр тиийбитин, тугу көрбүтүн-истибитин хоһуйан саха киһитин сиэринэн ылбаҕайдык туойбута. Айымньы “Улуу Москуба туһунан тойук” диэн ааттаммыта. Салгыы ырытыыны «Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар ааҕыҥ.
Ааптардар:
Ефимова Людмила Степановна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, билэлиэгийэ билимин дуоктара, «Культурология» хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ,
Осипов Артем Семенович, М-КРК-21 бөлөҕүн маҕыстыраана
“Улуу Москуба туһунан тойук” айымньыны болкулуору, литэрэтиирэни чинчийбит Г.К. Боескоров, Г.М. Васильев, Г.У. Эргис, тыл үөрэхтээҕэ Г.Г. Филиппов уо.д.а. анаан ырыппыттара. Оттон суруйааччылартан Г.Вешников, Л.А. Попов, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон бэйэлэрин санааларын суруйбуттара.
Аан бастаан Г. Вешников С.А. Зверев “Улуу Москуба туһунан тойук” тиэмэтин, сюжетын ырытан “Истиҥ иэйиилээх эпическэй поэма” диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ [“Эдэр коммунист” хаһыат, 1953]. Ааптар бу үлэтигэр тойук эпическэй айымньы буоларын тоһоҕолообута. Леонид Попов “Аан тыл оннугар” диэн киирии тылыгар “Москуба 800 сылын туолбут өрөгөйдөөх бырааһынньыгар Москуба үлэһиттэрэ биһиги Зверевпыт “Москва туһунан тойугуттан” көмүс строкалары буланнар, И.В. Сталиҥҥа суруктарыгар киллэрбиттэрэ” [Зверев 1971, с. 9] – диэн бэлиэтээбитэ.
Г.К. Боескоров ырыаһыт, тойуксут, үҥкүүһүт С.А. Зверев – Кыыл Уолун олоҕун уонна айар үлэтин туһунан күн бүгүҥҥэ диэри соҕотох анал кинигэни суруйбут чинчийээччинэн буолар [Боескоров 1956]. Кини “Улуу Москуба туһунан тойук” 290 строкалаах айымньы уус-уран өттүн сиһилии, дириҥник аан бастаан ырыппыт чинчийээччинэн биллэр. Кини айымньы идиэйэ өттүнэн лаппа күүстээх диэн бэлиэтээбитэ, ырыаһыт дойду тэбэр сүрэҕэр – Улуу Москубаҕа сүгүрүйэрин, муҥутуурдук киэн туттарын, айымньы ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматынан олус баайын сиһилии сырдаппыта.
С.А. Звереви кытта 1947 сылтан ыкса бииргэ үлэлэспит Г.М. Васильев айымньыны хайдах сурукка-бичиккэ түһэрбитин туһунан сиһилии суруйбута [Васильев 1973].
Г.У. Эргис [Эргис 1974] “Улуу Москуба туһунан тойук” аллитерационнай формалаах айымньы диэн быһаарбыта. Чинчийээччи тойук баай эпитеттээҕин, элбэх тэҥнэбиллээҕин ыйбыта уонна саамай кэрэхсэбиллээх уобарастарын чопчу көрөн бэлиэтээбитэ.
Айымньы тылыгар-өһүгэр ордук болҕомто уурбут чинчийээччинэн бэрэпиэссэр Г.Г. Филиппов буолар. Кини “Сергей Зверев “Улуу Москуба туһунан тойук” бэйиэмэтин тыла-өһө” диэн бэрт улахан ыстатыйаны суруйбута [Творческое наследие народного певца С.А. Зверева – Кыыл Уола и современность 2019, с. 32-45]. Чинчийээччи 293 строкалаах тойук тутулун ырыппыта, айымньыны эрэдээксийэлээһин көстүүлэригэр, уус-уран ситиһиитигэр, тойук тылыгар-өһүгэр ордук болҕомтотун уурбута. Ол гынан баран билиҥҥитэ “Улуу Москуба туһунан тойук” хас барыйааннааҕа уонна хас строкалаах буолара чопчу биллибэт. Маны таһынан тойукка нуучча тылыттан киирии тыл ырытылла илик.
С.А. Зверев – Кыыл Уола “Улуу Москуба туһунан тойук” айымньытын бэйэтэ тыыннаах куолаһынан туойан хаалларбыт аудиозапиһын “Олоҥхо тыйаатыра” диэн интэриниэт анал саайтыгар угуллан сытарын булбуппут. Кыыл Уолун илэ чахчы тыыннаах, кылыһахтаах тойугун истэн бараммыт, тойугу сурукка түһэрдибит. Биллэн турар, ырыаһыт айымньытын кылгатан 98 строкалаах гынан туойбут. Ол туойарыгар ырыаһыт 8 нуучча тылыттан киирии тылы саха тылын нуорматыгар олоҕуран туойбут. Ол курдук, тойукка Москуба, уокурукка, Аасыйа, Дьобуруоппа, Ыстаалын, кырааскалаах, массыынаны, куорат диэн киирии тыл туттуллубут.
Ырыаһыт бу айымньыта барыта уон төгүл бэчээккэ тахсыбыт эбит. Ол иһигэр 1947 сыллаахха үс төгүл бэчээттэммитэ. Айымньы бастакы барыйаана ити сыл ыам ыйын 18 күнүгэр “Кыым” хаһыакка аҥаардас “Москва туһунан тойук” диэн аатынан улуу диэн тыла суох бэчээттэммитэ. Айымньы 274 строкалаах этэ. Ол эрээри, айымньыны ырыаһыт тылыттан ким сурукка түһэрбитэ хаһыакка ыйыллыбатаҕа. Хаһыакка бэчээттэммит айымньыга барыта нуучча тылыттан 23 киирии тыл туттуллубут (Москуба, муостаҕа, кырааскалаах, куорат, уулусса, бирилийээн, лаахтаах, көлүөһэлээх, сиэдэрэй, кириэппэс, болуоссат, Аасыйа, Дьобуруопа, народ, дьоруой, орденнаах, мэтээллээх, Пуускун, Сталин, Улуйаанап Элиэнньин, Кириэмил). Бу тыллартан 20 тыл саха тылын нуорматынан суруллубут. Ол гынан баран, үс тыл: народ, орден+наах, Сталин нуучча тылыттан уларытыллыбакка киирбиттэр. Оттон Улуйаанап Элиэнньин диэн икки анал ааттан Элиэнньин диэн тыла икки —ннь дорҕоонунан суруллубут. Ону таһынан тиэкискэ Элиэнньин диэн анал аат сахалыы киэбинэн суруллан соҕотоҕун эмиэ туттуллубут. Сталин анал аат тиэкискэ нууччалыы суруллубут.
1947 сыллаахха Г.М. Васильев “Норуот ырыаһыттара” диэн хомуурунньугар С.А. Зверев “Улуу Москва туһунан тойук” поэматын 279 строкалаах бэчээттээбитэ. Бу тиэкискэ айымньы аатыгар улуу диэн тыл эбиллибитэ, сорох тыл нууччалыы суруллуутунан киирбитэ. Холобур Москубаҕа диэн тылы Москваҕа диэн көннөрүллүбүтэ. Оттон сорох нууччалыы тылы сахатытан сурукка киллэрбитэ. Киирии 12 тылтан саха тылын киэбинэн 10 тыл, нууччалыы 2 тыл суруллубуттар. Ол курдук, народ — норуот, орден+наах – уордьан+наах диэн саха тылын суруйар нуорматыгар сөп түбэһэринэн киллэрбитэ. Оттон Улуйаанап Элиэнин диэн икки анал ааттан Элиэнин диэн тыла тиэкискэ биир н дорҕоонунан суруллубут. Ол эрээри Ленин/Элиэнньин, Элиэнин анал аат соҕотохтуу киирбэтэх. Сталин анал аат тиэкискэ нууччалыы суруллубут. Сабаҕалаатахха, норуот ырыаһыта Сергей Зверев туойар-ыллыыр ньыматыгар варваризм мэһэйдиирин иһин, кини киирии тылы төрөөбүт тылын сокуонугар олоҕурбут барыйаанынан туттан хоһуйар буолуохтаах. Ону сурукка түһэрбит дьон бэчээккэ таһаарарга буккуйбуттар быһыылаах дии саныахха сөп.
Д.К. Сивцев ырыаһыты кытта Тылы, литэрэтиирэни, устуоруйаны чинчийэр үнүстүүккэ үлэлии сылдьан билсибитэ. 1947 сыллаахха Д.К. Сивцев “Саха фольклора” диэн хомуурунньугар “Улуу Москуба туһунан тойугу” 290 строкалаах бэчээттээбитэ. Кини айымньыны «ырыаһыт тылыттан Г.М. Васильев сурукка түһэрбитэ” диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ [Саха фольклора 1947, с. 9]. Ол аата, Георгий Митрофанович ырыаһыттан 290 строкалаах айымньыны сурукка түһэрбит буолуохтаах. Манна нуучча тылыттан 12 киирии тыл саха тылын нуорматыгар олоҕуран туттуллубуттар (Москуба, норуот, Аасыйа, Дьобуруопа, дьоруой, уордьаннаах, мэтээллээх, Пуускун, Ыстаалын, Улуйаанап Элиэнин, Кириэмил). Манна даҕатан эттэххэ Улуйаанап Элиэнин диэн икки анал ааттан Элиэнин диэн тыла тиэкискэ биир н дорҕоонунан суруллубут. Ленин/Элиэнньин, Элиэнин анал аат соҕотохтуу киирбэтэх. Оттон Ыстаалын диэн сахалыы киэбинэн суруллубут. 2006 сыллаахха Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон “Саха фольклора” хомуурунньуга хос тахсыытыгар “Улуу Москуба туһунан тойук” 284 строкалаах киирбит, ол аата 1947 сыллааҕы барыйааныттан 6 строка кылгатыллыбыт уонна сорох киирии тыл нууччалыы суруллубут (Пушкин, Ульянов Ленин, Ленин). Бу хомуурунньукка Ульянов Ленин диэн икки анал ааттар варваризм ньыматынан суруллубуттар. Оттон Ленин диэн нууччалыы анал аат соҕотохтуу эмиэ туттуллубут.
С.А. Зверев – Кыыл Уола бэйэтэ тыыннааҕар кини айымньытынан үс кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта (1953, 1964, 1971).
1953 сыллаахха “Мин сүрэҕим” Г.М. Васильев эрэдээксийэтинэн тахсыбыт хомуурунньукка «Улуу Москуба туһунан тойук» айымньы 291 строкалаах. Айымньы тиэкиһигэр 13 нуучча тылыттан киирии тыл баар буолбут (Москва, Сибирь, народ, Азия, Европа, герой, орденнаах, медаллаах, Пушкин, Сталин, Ульянов Ленин, Кремль). Урукку таһаарыылартан өссө нуучча тылыттан 1 киирии тыл эбиллибит – Сибирь. Бу хомуурунньукка Сибирь диэн тыл аан бастаан киирбит эрээри “Мин сүрэҕим” (1953), “Икки үйэ” (1964), “Аман өс” (1971) диэн хомуурунньуктарга Сибирь диэн варваризм ньыматынан суруллубут. Ырыа тылыгар 13 нуучча тылыттан киирии тыл сахатытыллыбакка, төттөрүтүн варваризм ньыматынан киирбиттэр. Холобур Ульянов Ленин диэн икки анал ааттар варваризм ньыматынан суруллубуттар. Оттон Ленин/Элиэнньин, Элиэнин анал аат соҕотохтуу киирбэтэх. Сталин анал аат тиэкискэ нууччалыы суруллубут. Маны таһынан тылы таба суруйууга кэккэ алҕастар көстөллөр.
1964 сыллааҕы “Икки үйэ” (Г.М. Васильев эрэдээксийэтинэн) уонна 1971 сыллаахха бэчээттэммит “Аман өс” (Д.К. Сивцев хомуйуутунан) кинигэлэргэ айымньы иккиэннэригэр 294 строкалаах, нуучча тылыттан 13 киирии тыл киирбит. Урукку таһаарыылартан баларга Сталин эбэтэр Ыстаалын диэн тыл киирбэтэҕин бу кэмҥэ И.В. Сталин аата дойду историятыттан сотуллубутунан быһаарыахха сөп. Айымньы кэнники таһаарыыларыгар Сталин эбэтэр Ыстаалын анал аат отой даҕаны киллэриллибэтэх. 1964, 1971 сыллардааҕы икки хомуурунньукка “Аҕыс сүүс сылга Аарыгыран сайдыбыт” диэн икки строка эбии суруллан биэрбит. Ону таһынан Ульянов-Ленин диэн тыллар икки ардыларыгар дэпиис турбут. Ленин диэн анал аат соҕотохтуу туттуллан варваризм ньыматынан суруллубут. Оттон 1964 сыллааҕы “Икки үйэ” диэн хомуурунньуктан саҕалаан кэнники сыллааҕы таһаарыыларга Сталин /Ыстаалын анал аат төрүт киирбэтэх.
Ырыаһыт суох буолбутун кэннэ “Улуу Москуба туһунан тойук” араас кинигэлэргэ строката кылгатыллан, кэккэ уларыйыылар киирэн, ону таһынан айымньыны эрэдээксийэлээн бэчээккэ бэлэмнээбиттэрэ. Холобур, “Якутские народные песни”(1980), “Аҕам туһунан аман өс”(1995), “Улуу Москуба туһунан тойук”(1999) диэн таһаарыыларга Сибиир диэн саха тылын нуорматыгар олоҕуран суруллубут. Ол курдук, 1980 сыллаахха «Саха народнай ырыалара» диэн сэбиэскэй кэмнээҕи ырыалар хомуурунньуктарын үһүс чааһыгар “Улуу Москва туһунан тойук” 288 строкалаах киирбитэ. Бу хомуурунньукка урукку нуучча тылыттан киирбит 11 тыл варваризм ньыматынан суруллубут (Москва, Азия, Европа, герой, орден+наах, медал+лаах, Пушкин, Ульянов-Ленин, Кремль). Оттон норуот, Сибиир диэн тыллар саха тылын нуорматыгар олоҕуран суруллубуттар. Сталин эбэтэр Ыстаалын диэн тыл киирбэтэх. Тоҕо эрэ соҕотох Сибиир диэн тыл сахалыы киэбинэн суруллубут. Бу тыл “Кыым” (1947), “Норуот ырыаһыттара” (1947), “Саха фольклора” (1947, 2006) таһаарыыларга киирбэтэх этэ. Ону ааһан Ульянов-Ленин диэн тыллар икки ардыларыгар дэпиис турбут. Ленин диэн анал аат соҕотохтуу туттуллан варваризм ньыматынан суруллубут.
С.А. Зверев төрөппүт уола Д.С. Зверев 1995 сыллаахха “Аҕам туһунан аман өс” диэн кинигэтигэр “Улуу Москва туһунан тойук” айымньыны 294 строканан киллэрбит. Нуучча тылыттан 12 киирии тыл баар (Москва, Азия, Европа, герой, орденнаах, медаллаах, Пушкин, Ульянов-Ленин, Ленин, Кремль). Эмиэ Сибиир диэн тыл соҕотоҕун сахатытыллыбыт. Оттон Ульянов-Ленин диэн тыллар икки ардыларыгар дэпиис турбут. Ленин диэн анал аат соҕотохтуу туттуллан варваризм ньыматынан суруллубут. Ол кэнниттэн Д.С. Зверев 1999 сыллаахха айымньыны туспа кинигэнэн уонна биэс омук тылынан тылбаастатан таһаарбыта. Манна “Улуу Москуба туһунан тойук” барыта 299 строкалаах буолбута. Кини аҕыйах тылы эбэн-сабан, сорох тылы ол иннинээҕи барыйааннарга хайдах баарынан буолбакка уларытан-тэлэритэн киллэрбит, эбии аҕыйах строканы эбэн биэрбит. Нуучча тылыттан 10 киирии тылы Д.С. Зверев барытын сахатытан киллэрбит (Москуба, Сибиир, Аасыйа, Дьобуруоппа, дьоруой, уордьан+наах, мэтээл+лээх, норуот, Буускун, Кириэмил). Ол эрээри тиэкискэ кэккэ уларыйыылар бааллар. Холобур, эрдэтээҥҥи хомуурунньуктарга Ыстаалын, Улуйаанап-Элиэнньин, Элиэнньин диэн анал ааттар баар эбит буоллахтарына, бу барыйааҥҥа киллэриллибэтэхтэр. Итиэннэ Дьобуруопа — Дьобуруоппа уонна Пуускун — Буускун диэҥҥэ көннөрүллүбүттэр.
Түмүктээн эттэххэ, С.А. Зверев – Кыыл Уола “Улуу Москуба туһунан тойук” айымньыта 10 төгүл сахалыы тылынан бэчээттэммит эбит. Тиэкистэри барытын ырытан көрдөххө, нуучча тылыттан 26 киирии тыл туттуллубут (Москва, уокуруктарга, куорат, муостаҕа, уулусса, бирилийээн, лаахтаах, көлүөһэлээх, сиэдэрэй, кириэппэс, болуоссат, массыынаны, кырааскалаах, Азия, Европа, народ, герой, орденнаах, медаллаах, Пушкин, Сталин, Ульянов Ленин, Ленин, Кремль, Сибирь). Олортон Москуба, Аасыйа, Дьобуруопа, норуот, дьоруой, уордьаннаах, мэтээллээх, Пуускун, Ыстаалын, Улуйаанап Элиэнньин, Элиэнньин, Кириэмил, Сибиир диэн тыллар саха тылын саҥарар, суруйар киэбинэн туттуллубуттар. Хас таһаарыы ахсын киирии тыл сороҕор саха тылын саҥарар, суруйар үөрүйэҕэр олоҕуран, сорох тиэкискэ варваризм ньыматынан суруллубуттар. Маны таһынан сорох тиэкистэргэ Сталин /Ыстаалын, Ульянов-Ленин/Улуйаанап Элиэнньин, Элиэнин, Элиэнньин/Ленин, Сибиир диэн тыллар көтүтүллүбүттэрэ, ардыгар хостон киллэриллибиттэрэ бу айымньыны чинчийиигэ улахан буккууру таһаарар дии саныыбыт.
Литэрэтиирэ
- Боескоров Г.К. Якутский народный певец С.А. Зверев. Очерк л жизни и творчестве. – Якутск: Книжное изд-во, 1956. – 64 с.
- Васильев Г.М. Живой родник. – Якутск: Книжное изд-во, 1973. – 304 с.
- Вешников Г. Истиҥ иэйиилээх эпичэскэй поэма // Эдэр коммунист (01.1953).
- Зверев Д.С. Аҕам туһунан аман өс. Якутскай, – 176 с.
- Зверев Д.С. Улуу Москуба туһунан тойук. – Дьокуускай, 1999. – 74 с.
- Улуу Москуба туһунан тойук // Норуот ырыаһыттара (хомуйан оҥордо Г.М. Васильев) – Якутск: Кинигэ изд-та, 1947. – С. 23-30.
- С.А. Зверев – Кыыл Уола. Москва туһунан тойук // Кыым (18.05.1947).
- С.А. Зверев Мин сүрэҕим. Эрэдээктэр: Л. Попов. – Якутскай: Кинигэ изд-та, 1953. – 59 с.
- Сергей Зверев (Кыыл Уола) Аман өс. Ырыалар, тойуктар, поэмалар. Эрэдээктэр: Суорун Омоллоон. – Якутскай: Кинигэ изд-та, 1971. – 294 с.
- Сергей Зверев (Кыыл Уола) Икки үйэ. Бэчээккэ бэлэмнээтэ: Г.М. Васильев. – Якутскай: Кинигэ изд-та, 1964. – 102 с.
- Сергей Зверев (Кыыл Уола) Улуу Москуба туһунан тойук (Аудиозапись из сети интернета http://theatreolonkho.ru/audio/345-sergej-zverev-kyyl-uola.html).
- Сивцев Д.К. – Суорун Омоллоон Саха фольклора. – Дьокуускай: Якутия изд-во, 2006. – 424 с.
- Сивцев Д.К. Саха фольклора. – Якутск: Госиздат ЯАССР, 1947. – 362 с.
- Филиппов Г.Г. Сергей Зверев “Улуу Москуба туһунан тойук” бэйиэмэтин уус-уран тыла-өһө // Творческое наследие народного певца С.А. Зверева – Кыыл Уола и современность – Якутск: 2019.
- Эргис Г.У. Очерки по якутскому фольклору. – Москва: изд-во “Наука” 1974. – 406 с.
- Якутские народные песни часть 3. Песни советского периода. Научные редакторы: П.Е. Ефремов, С.П. Ойунская, Л.Д. Нестерова. – Якутск: якутское книжное изд-во, 1980. – 304 с.
This post was published on 10.12.2021 11:01 11:01