Хотугу кыыл таба туундаратааҕы көрүҥүн бултааһын – олохтоох омуктар былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит сүрүн дьарыктара. Ол эбэтэр, булт киһини аһатарын-сиэтэрин сэргэ, омук уратытын харыстабылыгар улахан оруолу ылар, суруйар edersaas.ru
Таба суох буолуо – долганнар, эбэҥкилэр уо.д.а. омуктар суох буолуохтара. Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттара уонна тулалыыр эйгэ биир ситимнээхтэр. Булт хонтуруолламмата уонна таба дьиҥнээх ахсааныгар араастаһар чахчылар, хостооһун нуорматын тутуспат буолуу, араас көрүҥнээх хотугу кыыл табалары бултааһыҥҥа сиэрэ суох быһыы курдук кыһалҕалары быһаарыынан дьарыктамматахха, кыыл таба эстиэн сөп. Итинник балаһыанньа үөскээбэтин туһугар АЛРОСА Экологияҕа киинэ СӨ Экологияҕа министиэристибэтин уонна РНА Сибиирдээҕи салаатын криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун кытары икки холбоһуктаах бырайыагы: кыыл таба айанын кэтээн көрүүнү (мониторинг) уонна дьиикэй таба ураты харыстанар сирин (заповеднигын) оҥорууну олоххо киллэрэллэр. Кэпсэтии кыыл таба Өлүөнэ-Өлөөн көрүҥүн туһунан барар. Бу популяция Саха сирин арҕаа өттүгэр, Өлүөнэ уонна Анаабыр өрүстэр икки ардыларыгар, сүрүннээн Анаабыр, Булуҥ, Өлөөн, Эдьигээн, Мииринэй уонна Ньурба улуустарын сиригэр-уотугар үөскүүр. Арыт сылларга Ньурба, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын сиригэр кыстыы киирэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Өлөөн улууһа Саха сиригэр табаны элбэхтик иитэр улуустартан биирдэстэринэн буолар. Аҥаардас Дьэлиҥдэ бөһүөлэгэ бэйэтин кэмигэр 25 тыһыынча табалаах этэ. Хомойуох иһин, кэлиҥҥи уонча сылга таба ахсаана аҕыйаата. Ол гынан баран, АЛРОСА ыытар бэлиитикэтинэн уонна өйөбүлүнэн таба ахсаана көҕүрүүрүн тохтотуу ситиһилиннэ.
Кыыл табаны кэтээн көрүү
Алмаас хостонор оройуонугар Хотугу сир кыыл табата өлүүтүн туоратарга уонна ахсаанын оннунан хаалларарга, Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын үгэс буолбут олохторун оннунан хаалларар туһугар АЛРОСА улууһу уонна криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун кытта холбоһуктаах бырайыагы олоххо киллэрэр, Удачнайдааҕы ХБК үлэлиир сиригэр кыыл таба ахсаанын кэтээн көрөр. Бу 84 тыһыынча кэриҥэ ахсааннаах Өлүөнэ-Өлөөн көрүҥэ ханна барарын, сыҕарыйарын кэтээн көрөр кыаҕы биэрэр. “Моойторук туһунан этэр буоллахха, ол барыбытыгар дьоһун суолталаах. Учуонайдарга – кыыл табалар баар сирдэрин тиһигин быспакка кэтээн көрөр, оттон биһиэхэ, табаһыттарга, Хотугу сир олохтоохторугар – кыыл таба дьиэ табатын илдьэ барбатын бопсор ньымалар. Уруккуттан да дьиэ кыылларын илдьэ барар идэлээх Таймыыр уонна Өлүөнэ-Өлөөн көрүҥэ биһиги улууспут сиригэр-уотугар киирэн ааһар. Холобур, 90-с сылларга кыыл табалары кытта олус элбэх дьиэ табата барсыбыта. Оччолорго табаһыттарга ким да кыһаллыбат кэмэ этэ. Маны өй-санаа өттүнэн ылынар олус уустуга. Киһи тугу да гынар кыаҕа суоҕун курдуга, кини айылҕаны утары барар кыаҕа суох. Маннык балаһыанньа 2013 сыллаахха эмиэ хатыламмытыгар, кыыл табалар биһиги таспытынан үс төгүл ааспыттарыгар, биһиги үгүс табаһыттарбыт моойторуктары туһанар, табалар баралларын-кэлэллэрин маныыр наадатын туһунан толкуйдаабыттара. Өссө биир итинник улахан айан кэлэн ааспыта буоллар, биһиги туга да суох хаалыахпытын сөп этэ. Ол курдук, 2000-с сыллар саҥаларыгар Харыйалаах салаата 1 960 табалааҕа. Бу ахсаанын туох кыалларынан оннунан хаалларар олус суолталаах этэ. Билигин таба ахсаана 4 000-тан кыратык таҕыста. Урут биһиги табалары ардыгар быстан хаалбыттары ир суолларынан эрэ ирдээн көрдүүрбүт. Бу олус элбэх бириэмэни ылара, оттон табалар бу кэмҥэ айаннарын тохтоппотторо. Биһиги олус ыарахан сыаналаах сөмөлүөтүнэн көтүүнү сакаастыырбыт. Олохтоох көрбүөччүлэр көмөлөрүнэн туһанар түгэннэрбит эмиэ бааллара. Туох да диэбит иһин, кинилэр чопчу ыйбыт сирдэриттэн буларбыт. Оттон биирдэ тэлэбиисэр биэриитигэр көрөн, бэйэбит табаларбытын биркаларынан булан турардаахпыт. Ол иһин, билигин моойторуктар табаһыттар үлэлэрин олус чэпчэтэллэр. Биһиги көмпүүтэргэ киллэриллибит анал бырагыраамаларынан дьиэ уонна таба кыылларын айаннарын кэтээн көрөбүт. Олус чопчу көрдөрөр. Онон, саҥа технологиялар көмөлөрүнэн табаларбыт ахсаанын сүтэрбэтибит уонна элбээтиннэрдибит. Билигин бэл, квадрокоптердары туһанабыт, ол гынан баран, бу тэрил 3 килэмиэтир эрэ сиргэ көтөр уонна тыал да суулларар. Оттон олус күүстээх беспилотниктары, таба үөрэ ханна сылдьарын мүнүүтэ аайы көрдөрөр саҥа моойторуктары курдук, атыылаһар кыахпыт суох. Онон, бу ыарахан сыаналаах дьаһаллары ыытарга өйөбүлү ылыахпытын баҕарабыт. Кэтээн көрүү биһиэхэ уонна кыыл табаларга олус наадалаах”, – диэн улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга, Сугулаан оройуоннааҕы сэбиэтин дьокутаата, СӨ табаһыттарын ассоциациятын чилиэнэ, 17 сыл “Өлөөн” МУП дириэктэринэн үлэлээбит Мария Николаева кэпсээтэ.
Ураты харыстанар тэрийии
АЛРОСА Саха сиригэр кыыл таба ахсаанын оннунан хаалларарга уонна элбээтиннэрэргэ айылҕа ураты харыстанар сирин оҥорууга бэлэмнэнии үлэтигэр кыттар. Саха сирин учуонайдара АЛРОСА экологтарын кытары аргыс көмөтүнэн ыытар кэтээн көрүүлэрэ табалары харыстыыр туһугар кыыл таба төрүүр-ууһуур сирдэригэр анал харыстанар сирдэр наадаларын туоһулууллар. Кыыл таба үөскээһинин кэтээн көрүү түмүктэринэн СӨ Экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин научнай-тиэхиньиичэскэй хамыыһыйатын уочараттаах мунньаҕа ыам ыйыгар видео-кэмпириэнсийэ-сибээс быһыытынан ыытыллыбыта. Билигин СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ уонна Саха сирин бырабыыталыстыбата ураты харыстанар сирдэр (ООПТ) бырайыактарын оҥоро сылдьаллар. Бу сир-уот уопсай иэнэ 64 152 гектардаах буолуоҕа. «АЛРОСА-Rangifer Чекановский» диэн ааттаныахтаах резерват кыыл таба Өлүөнэ-Өлөөн көрүҥүн, чуолаан, тыһы табаны, кини оҕотун мэччитэр, сайылыыр сирдэрин харыстыырга анаан оҥоһуллуохтаах түөлбэтин көтө сылдьан үөһэттэн көрөр-истэр кыаҕы биэрэр. — 2016 сылтан АЛРОСА Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтын кытта бииргэ Өлүөнэ-Өлөөн популяция кыыл табатын көрүҥүн айанын аргыс араадьыйа-моойторуктар көмөлөрүнэн сыл аайы кэтээн көрөллөр. 2019 сыл олунньутугар хампаанньа Саха сирин кыыл табаларын, ол иһигэр Красноярскай кыраайтан Саха сиригэр киирэр кыыл табалар туруктарын сыаналааһыҥҥа СӨ биология ресурсаларыгар уонна айылҕа уратын харыстанар сирдэригэр дириэксийэтин кытта уһун кэмнээх сөбүлэһиигэ илии баттаабыта”, – диэн АЛРОСА экологияҕа уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын кытары үлэ боппуруостарыгар кылааабынай инженери солбуйааччы, Экология киинин салайааччыта Полина Анисимова кэпсээтэ. – АЛРОСА Саха сирин Булуҥ оройуонун Чекановскай түөлбэтигэр оҥоһуллуохтаах ураты харыстанар сир тэрээһинин үлэтин үбүлүүр. Онон, ураты харыстанар сир оҥоһуллуохтаах түөлбэтин көтө сылдьан үөһээттэн көрөр-истэр, научнай-чинчийэр үлэлэри ыытар кыах баар буолла. Оттон быйыл кадастр үлэлэрин ыытыы былааннанар”.
Өлүөнэ-Өлөөн көрүҥэ биир кэм туруктанна
Кыыл таба айанын кэтээн көрүү АЛРОСА Экологияҕа киинин уонна Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун икки ардыларыгар түһэрсиллибит дуогабар чэрчитинэн ситиһиллибитин санатабыт. Институт үлэһиттэрэ кыыл табалары тутан, Арассыыйа аргыстан салаллар «Пульсар» араадьыйа-моойторуктарын иилбиттэрэ. АЛРОСА Үөһээ Мууна сиригэр табалары кэтээн көрөр. Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун дириэктэрэ, биологическай наука хандьыдаата Иннокентий Охлопков бэлиэтээбитинэн, табаны кэтээн көрүү уонна ааҕыы түмүгэр көрүҥ уопсай туруга, тыһы таба төрүүр-ууһуур кыаҕа, тугут тыыннаах хаалыыта, тыһы-атыыр ахсаанын араастаһыыта этэҥҥэ, биир кэм туруктаах. Кыыл таба Өлүөнэ-Өлөөн көрүҥүн ахсаана 84 000 тиийдэ, онон кини билигин Саха сиригэр соҕотох бултанар көрүҥүнэн буолар.
This post was published on 21.09.2020 13:01 13:01