Нам улууһун Хамаҕаттатыгар биллиилээх политическай, государственнай деятель Илья Винокуров төрөөбүтэ 120 сылынан сэргэх фестиваль буолла.
Долгутуулаах киэһэ түөлбэлэр ытык, чулуу киһилэригэр анаабыт бастыҥ нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр. Бу туһунан нэһилиэк иһинэн тахсар “Саҥа саҕахтар” хаһыат редактора Мария Винокурова кэпсиир: «Дьоро киэһэҕэ түөлбэлэр биэстии нүөмэри киллэрдилэр. «Кытыллар» улуустааҕы телестудия көмүс фондатыттан сопхуос оробуочайа Николай Кокорев 80-с сылларга «Красногорск-2» илиинэн эриллэн собуоттанар аппаратынан устубут кинохроникаларын булан, «Комсомольскай» сопхуос оччотооҕу үлэтиттэн сырдаттылар. Киинэни устубут үлэ, тыыл ветеранын, 80 сааһын ааспыт Николай Ивановиһы сыанаҕа таһааран үлэ түгэннэрин кэпсэттэрбиттэрэ көрөөччүлэри улаханнык сэргэхситтэ. «Хардыылар» И.Е.Винокуров конференцияҕа түспүт хаартыскатыгар олоҕуран, дириҥ ис хоһоонноох сценка көрдөрдүлэр. Үлэ, тыыл ветерана Василий Ушницкай-Сэки, үлэ ветераннара Дмитрий Алексеев, Михаил Новгородов оччотооҕу кэмтэн быһа тардан көрдөрүүлэрэ саалаҕа мустубут дьону улаханнык долгутта. М.Новгородов Илья Егорович оруолун толору арыйан, итэҕэтиилээхтик толорон барыбытын үөртэ, астыннарда. Онтон «Үрдэл» түөлбэлэр «Серебряный шар» биэриини үтүгүннэрбиттэрэ эмиэ ураты буолла. Ыытааччы Вульф оруолун түөлбэ кырдьаҕас олохтооҕо, үлэ, спорт ветерана Егор Леонтьев сатабыллаахтык толордо, киинэни устуу сайдыытын, хардыытын кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ. Түмүккэ, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан «Кытыл», «Сайдам», «Үрдэл» түөлбэлэр бастыҥнарынан буоллулар. Онтон саҥа талааннар, бастыҥ ааҕааччылар болҕомтоҕо ылыллан, үчүгэй нүөмэрдэр сүүмэрдэнэн, улуустааҕы көрүүгэ киириэхтэрэ».
Бары кыттааччыларга дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан грамоталар, сертификаттар туттарыллыбыттар. Нэһилиэгин аҕам саастаахтара олоххо көхтөөхтөрүттэн, тэрээһиннэргэ үөрүүнэн кытталларыттан улаханнык үөрэрин, кинилэринэн киэн туттарын бэлиэтээтэ.
This post was published on 15.02.2016 17:27 17:27