«Бу сырыыга Гран-при хаһаайынын талыы чэпчэки буолла, бары биир киинэни талбыппыт. Ол иһин ханнык да мөккүөр тахсыбата, прения буолбата. Талыыга саамай сүрүнэ ис хоһооно уонна артыыстар оонньуулара буолла», — диэтэ дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Кытай режиссера Ли Баохуа.
Эрдэ бу саха киинэтэ Анадырьга «Золотой ворон» Арктикатааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыта.
Киинэ сюжетыгар Ваня уол, атын дьиэ кэргэн олохтоохторун кытта, ийэтэ суох олорорго үөрэниэхтээх. Уол ийэтин кыталыкка кубулуйбут диэн өйгө-санааҕа кэлэр, онон кини хайаан да бу айыы көтөрдөрүн көрсөр былааннанар.
«Куонкуруска олус күүстээх үлэлэр кытыннылар. Кыайыыга үөрдүбүт, долгуйдубут. Режиссербутун Михаил Лукачевскайы кыайыытынан эҕэрдэлиибин, бу кини улахан үтүөтэ. Киинэни икки сылы быһа оҥорбуппут», — диэтэ продюсер, биллиилээх оператор Семен Аманатов.
Санаттахха, кылаабынай бириис иһин сэттэ киинэ кииристэ араас дойдуттан, ол иһигэр арҕаалар.
Лауреаттар быһаарылыннылар: бастыҥ режиссер Пурев-Очир Лхагвадулама, Монголия («Город ветра»), артыыстарга бастыҥнар Виктория Василевич («78 дней», Сербия) уонна Болд-Эрдэнэ Тэргэл («Город ветра», Монголия).
This post was published on 04.07.2024 11:29 11:29