«Область танца» Уһук Илиҥҥи норуот үҥкүүтүгэр куонкурус Благовещенскайга түмүктэннэ. Муҥутуур кыайыылааҕынан уонна гран-при хаһаайынынан Россия норуот айымньытыгар үтүөлээх кэлэктиибэ Майатааҕы «Кыталык» үҥкүү ансаамбыла ааттанна, СИА-ҕа култуура министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Кэлэктииби Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александра Винокурова салайар. Куонкурус муус устар 29 — ыам ыйын 2 күннэригэр ыытылынна. Барыта 115 кэлэктиип кытынна. Гала-кэнсиэргэ 16 бөлөх киирдэ.
Артыыстары култуура миниистирэ Юрий Куприянов эҕэрдэлээтэ.
Быйылгы куонкурус Уһук Илиҥҥи статустаах ыытылынна. Онон Россия элбэх региона кытынна: Бурятия, Татарстаан, Тыва, Саха, Чувашия өрөспүүбүлүкэлэрэ, Забайкальскай, Камчатскай, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдар, Амурскай, Магаданскай, Московскай, Еврейскай автономнай, Калининградскай, Курскай, Липецкай, Омскай, Саратовскай, Сахалинскай уонна Тульскай уобаластар.
Саха сириттэн кэтэхтэн түһүмэххэ «Дружба» ансаамбыл Таатта Ытык-Күөлүттэн кытынна.
This post was published on 03.05.2022 10:01 10:01