Кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр Кытай бизнеһин интэриэһэ улаатар. Өрөспүүбүлүкэҕэ кэлэ сылдьыбыт инвестордар сир аһын, тэллэйи астыыр туһунан этии киллэрдилэр. Ити туһунан федеративнай сыһыаннаһыыларга, тас сибээскэ миниистир Владимир Васильев бэлиэтиир.
«Олунньуга «Синогидро» уонна «Китайская железнодорожная корпорация 18 бюро», уо.д.а. компанияларын, инвестиция структураларын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэ сылдьыбыттара. Онно Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны эрэ буолбакка, атын бырайыактары ырыттыбыт. Уларытан оҥоруу промышленноһын үөскэтиигэ ураты болҕомто ууруллубута. Кытайдар соҕуруу Саха сиригэр сылдьан баран айылҕа баайын сөхпүттэрэ-махтайбыттара уонна сир аһын, тэллэйи астыыр производствоны сайыннарар туһунан этии киллэрбиттэрэ. Ол эрээри ити чопчу болдьоҕо билиҥҥитэ биллибэт», — диир миниистир.
Владимир Васильев суруналыыстары кытта кэпсэтиитин сиһилии бүгүн, муус устар 1 күнүгэр Саха24» ханаалыгар 19.30 чааска уонна СИА саайтыгар көрүҥ.
This post was published on 01.04.2016 12:34 12:34