Кытайтан Хэган куоратын делегацията Бүлүү ыһыаҕар кыттар. Ыалдьыттар куорат үбүлүөйүгэр эмиэ сылдьыахтара. Ол туһунан Хэган куоратын народнай бырабыыталыстыбатын мэра господин Ван Синьчжу эттэ. «Хэган куорат Бүлүү улууһун кытта бырааттыы сыһыан буолбута ыраатта. Делегация Саха сиригэр сырыытын кэмигэр Бүлүүгэ сылдьар. Манна ыалдьыттар куорат үбүлүөйүгэр уонна ыһыахха кытталлар», — диэтэ кини.
Господин Ван Синьчжу эппитинэн, Хэган уонна Дьокуускай ардыгар доҕордуу сыһыаҥҥа сөбүлэҥ түһэрсиэхтэрэ. Кини Хэйлунцзян провинциятыгар атыы территориятыгар миэстэлэри биэрэргэ бэлэмнэрин иһитиннэрдэ. «Өрөспүүбүлүкэ Хэган куораты уонна Хэйлунцзян провинцияны кытта атыы-экономическай бииргэ үлэлээһиҥҥэ бэлэм. Биһиэхэ Дьокуускай — Харбин сөмөлүөтүнэн быһа рейс баар, онон туризм сайдыытыгар бу эмиэ сөп түбэһэр. Бүлүү ыһыаҕын эһиги сөбүлүөххүт дии саныыбын. Үчүгэй сынньалаҥы баҕарабын, култуурабытын, национальнай аспытын билсиэххит. Ил Дархан Айсен Николаев уонна бырабыыталыстыба доҕордуу сыһыаны өйүүллэр уонна ону кэҥэтэн биэрэри сөпсөһөллөр. Регионнарбыт, дойдуларбыт сайдыыларыгар бииргэ үлэлиэхпит», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Джулустан Борисов.
This post was published on 17.06.2024 12:32 12:32