Түмсүүлээх буолуу бастыҥ холобурун Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгин олохтоохторо көрдөрөллөрө күнтэн күн эбиллэн иһэр. Нэһилиэк баһылыга Егор Потапов «Бары күүһү оттук маһы бэлэмнииргэ!» диэн бачыым көтөхтө.
Өрөбүллэргэ кыратыттан улаханыттан тутулуга суох, бары түмсэн, тыаҕа тахсан, оттук маһы эрбээн, хайытан, 9 бырысыап маһы бэлэмнээтилэр. Мастарын кырдьаҕастарга, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэнигэр киллэрэн биэрдилэр.
Маннык дьоһуннаах дьаһал салҕанан бара турарыгар баҕарыллар. Кытаанахтар — үлэ-хамнас үөһүгэр! Үлэ-чиэс кинилэргэ бастакы миэстэҕэ турар, диэн суруйда Сэмэн Жендринскэй, @sanaoloh
This post was published on 22.04.2024 16:01 16:01