Сахабыт сирин үрдүнэн ыһыахтар саҕаланнылар. Бэс ыйын 11 күнүгэр Кытаанах нэһилиэгэ сурукка киирбитэ 100, үс тумус туттар дьоно — улуу тренер Дмитрий Коркин, суруйааччы Далан, худуоһунньук Сабаакын төрөөбүттэрэ 95, нэһилиэккэр «Кэскил» сылларынан улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа тэрилиннэ.
Бу күн сарсыардаттан Далан аатынан орто оскуолабытыгар, нэһилиэкпит баһылыга Егор Николаевич бииргэ төрөөбүт убайынаан Владимир Николаевичтыын «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо сюжетынан худуоһунньук Иннокентий Пестряков ойуулаабыт 25 хартыыналаах кэмпилиэгин оскуолаҕа бэлэхтээтилэр. Хартыыналар саха тылын кабинетын биир эркинин толору ыйаннылар. Манна даҕатан эттэххэ, Потаповтар эһэлэрэ Василий Потапов — Маайа Баһылайа уран тыллаах олоҥхоһут. Кини 30 олоҥхону билэрэ кэпсээҥҥэ сылдьар. «Биллиилээх олоҥхоһуттар, кинилэр ортолоругар Табаахырап биһиэхэ кэлэн олоҥхолоон, хонон — өрөөн ааһаллар эбит»,- диэн Егор Николаевич ахтан- санаан ааста.
Үөрүүнү үллэстэ улуус салайааччылара, элбэх ыалдьыт, биир дойдулаахтарбыт кэлэн ыһыахпыт таһымын үрдэттилэр. Ол курдук улууспут баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Филипповна Кронникова, Дьокуускайтан Олоҥхо ассоциациятын вице-президенэ Протодьяконова Елена Николаевна, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин кылаабынай методиһа Васильева Любовь Ивановна, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин саха салаатыгар сүрүннүүр исписэлииһэ Шишигина Любовь Егоровна, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Слепцов Анатолий Игнатьевич, суруйааччы Иван Иванович Осипов — Ойуур, уус- уран тыл маастара Альбина Андриановна Борисова, суруйааччы, Далан үөрэнээччитэ Павел Петрович Федоров — Сомоҕо, улуустааҕы Олоҥхо кииниттэн салайааччы Дмитрий Дмитриевич Попов, уус-уран салайааччы Валерий Петрович Герасимов, специалист Оксана Егоровна Монастырева, Өндөрүүскэ Саабын аатынан улуустааҕы түмэл салайааччыта Юрий Семенович Толстоухов уо.д.а.
«Аана алааһа» ыһыахтыыр түһүлгэбит ыалдьыттарынан, дьонунан ситэри симэннэ, түптэ сытынан, оҕо-аймах күлүүтүнэн туолан, киһи сүргэтэ көтөҕүллэн, бу барыта ыһыах тэрээһинигэр күүс — көмө буолла.
Ыһыахпыт аһыллыыта баһылык Моҕол ураһаттан ыалдьыттарынаан түһүлгэҕэ киириититтэн саҕаланна. Маҥан халадаайдаах Далбар хотуттар ыалдьыттары утары көрсөн, ыалдьыттар салама баайдылар.
Ыһыах сиэрин — туомун Аан Алахчын эҕэрдэтэ аста, түһүлгэ арчылааһын, холумтаны ыраастааһын, алгыска бэлэмнэнэн аас тэллэҕи тэлгээн, ол үрдүгэр арыылаах алаадьы, кымыс, саламаат ууран, Алгысчыт 9 уол, 7 кыыс арыалдьыттанан аал уоту оттон, айах тутан, үөһэ дойду кыргыттара 7 кыталыктар киирэн үҥкүүлээн аастылар, кымыс үрдүн охторуу туспа сиэринэн- туомунан ыытылынна. Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтин Ытык Дуоҕаны Чакыртан олоҥхону толорооччу, Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Кылаан Чыпчаал кыайыылааҕа Николай Григорьев нэһилиэкпит баһылыгар туттарда.
Нэһилиэкпит үбүлүөйдээх сылыгар «Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх Кытаанахтарбытый?» төрүттэрбит тустарынан дьүһүйүүнү ыһыах дьоно биир тыынынан көрдүлэр. Олоҥхоһут киирэн кимтэн кииннээхпитин билиһиннэрэн олоҥхолоото, бу кэмҥэ өбүгэбит Батас Мөндүкээн таптыыр кыыһынаан, Тыгын Дархан аччыгый кыыһынаан, хатыҥ чараҥҥа көрсөн харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттарын туһунан үҥкүүнэн көрдөрдүлэр. Кинилэр 9 сыл тухары ыал буолан олорбуттарын устатыгар биир да оҕо төрөөбөтөх. Дьэ ол иһин Тыгын Дархан күтүөтүн Батас Мөндукээни өлөрөргө санаммытын билэн, ойоҕо эригэр этэн биэрэр, онтон куттанан Батас Мөндүкээн ойоҕун бэйэтигэр мииннэрэн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэни харбаан туораан, дьаҕа баһыгар Кытаанах сиригэр Мааллаҕа олохсуйар. Кэлин кинилэр үс уол оҕолонон, аҕалара уолаттарыгар сирдэрин анаталаан биэрбититтэн, биһиги төрүппүтүгэр Кытаанах Баллыга үс үрэх Наммара, Баайаҕа, Танда төрдүлэрин аныыр. Кыра уолаттар улаатан, сүүнэ бухатыыр дьон буолан, үс үрэхтэр устуларынан хааман дойдуларын- сирдэрин араҥаччылыы туралларын, 95 сыл аннараа өттүгэр нэһилиэкпититтэн төрөөн -үөскээн тахсыбыт үс тумус туттар дьоммут кынаттаах тылларын эппиттэрэ дьон — сэргэ өйүгэр — санаатыгар хаалла. Дьүһүйүү «Килэҥки сайда тур, туругур!» нэһилиэкпит Өрөгөй ырыатынан түмүктэннэ.
Ыһыах эҕэрдэлээх чааһыгар нэһилиэкпит 100 сыллаах бэлиэлэрин нэһилиэкпит баһылыга М.С.Леонтьева, Н.В.Захаров, А.В.Захаров, П.Ф.Максимов, Е.П.Скрябина, кэлбит ыалдьыттарга туттарда.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы М.Ф.Кронникова улуус социальнай- экэнэмиическэй сайдыытыгар кылааттарын иһин Улуус Бочуотунай Грамотатын Кытаанахтааҕы дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын маастарыгар Иван Винокуровка, сылгы иитиитинэн дьарыктанар Николай Владимировка, сибээс почта начальнигар Надежда Барашковаҕа, Пантелеймон Сидоровка, спорт салаатын аатыттан Софья Сорокоумоваҕа туттарда. Маны таһынан Кытаанахтааҕы «Түһүлгэ» норуот айымньытын Дьиэтигэр өр сылларга үлэлээбит Геннадий Монгушка «Чурапчы улууһун культуратын бэтэрээнэ» түөскэ анньыллар бэлиэни туттарда.
Ыһыах биир сүрүн көрүҥүнэн буолбут түһүлгэлээн аһылыкка аймахтарынан, ийэ, аҕа ууһунан түһүлгэ тэрийэн, ыраах тэйэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт кэлэн дьоннорун көрсөн, ыһыах дьоно сыллааҕы сонуннарын үллэстэллэрэ туспа көстүү буолла.
Күн иккис аҥарыгар ыһыах көрө- нара, сымсалар, быһыйдар күөн-күрэстэрэ тэрилиннэ.
Улуустааҕы олоҥхобут ыһыаҕын сүрүн күөн-күрэстэринэн буоллулар Олоҥхо, Оһуохай түһүлгэлэрэ. Оһуохайга 5 киһи кытынна. Чакыртан, Болтоҥоттон, Төлөйтөн, Тааттаттан, Чурапчыттан. Дьүүллүүр Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин саха салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Любовь Шишигина үлэлээтэ.
Төлөйтөн саамай эдэр кыттааччы Каролина Спиридонова «Биһирэбил» бириис хаһаайкатынан буолла, анал аат — Болтоҥоттон Валентина Дьячковская, Үһүс Үрдэл — Тааттаттан Николаев, иккис Үрдэл Чакыртан Николай Григорьев уонна бастакы Үрдэл Чурапчыттан Семен Морфунов, бары миэстэлэспиттэргэ сертификаттар туттарылыннылар.
«Нохтолоох сүрэхтэн долгуйан «Ноо» дэтэн чоргуйан» бөлөҕүнэн ыччат, улахан дьон олоҥхону толорууларыгар үс бөлөҕүнэн 23 киһи кытынна, онтон икки бөлөҕө Таатта улууһуттан кэлэн кыттан ыһыахпытын киэргэттилэр. Түмүккэ Үһүс үрдэл — «Дьолуо» бөлөх, салайааччы Цой Л.К. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо 2-с ырыатын толорудулар.
Иккис үрдэл — «Удьурхай» бөлөх — Таатта, салайааччы Тарабукина М.В. Кинилэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону толордулар, Бастакы Үрдэл Чурапчытааҕы «Айылгы» норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир олоҥхо бөлөҕө. Салайааччы Оконешникова В.И. Ырыа Ымыычаан «Уһук туйгун» олоҥхотун толордулар. Дьүүллүүр Сүбэ салайааччытынан үлэлээтэ Протодьяконова Елена Николаевна — Олоҥхо ассоциациятын вице-президенэ.
Биирдиилээн олоҥхону толорууга 10 киһи кытынна. Григорьев Н. Н. — Чакыр, Слепцов И.И. — Таатта Харбалаах, Докторова Р. — Таатта Ытык -Күөл, Баҕардынов А.Н. — Таатта, Уус-Таатта, Слепцова Т.Е. — Таатта, Ытык Күөл, Читаева К.И.- Таатта Ытык — Күөл, Лазарева С. В. — Чурапчы Кытаанах, Христофоров А.Н. — Чурапчы Мырыла, Шестаков А.В- Таатта, Дьүлэй, Дьячковскай Н.Р.- Чурапчы. Дьүүллүүр Сүбэни салайда Парфенова Варвара Алексеевна — фольклор уһуйааччыта, алгысчыт.
Түмүккэ «Саамай эдэр олоҥхону толорооччу» анал аат- Шестаков А.В, анал аат — Григорьев Н.Н., Үһүс үрдэл — Слепцов И.И., Иккис Үрдэл- Христофоров А.Н, Бастакы Үрдэл- Докторова Р.П , Кылаан — Чыпчаал ааты эрэллээхтик Лазарева Сусанна Васильевна ылла. Кыайыылаахтар сертификаттарынан наҕараадаланнылар. Бары кыттааччыларга Кытаанах нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйдээх сувенирдара, туоһу суруктар ананнылар. Нэһилиэк баһылыга Егор Потапов анал бирииһин эдэр толорооччу Шестаков Альбертка уонна нэһилиэкпитигэр фольклору тарҕатааччы, олоҥхону толорооччу Сусанна Лазареваҕа туттарда.
Илии — атах күрэхтэһиилэрэ ыһыылаах — хаһыылаах, буоларын курдук элбэх көрөөччүлээх буолла. Ол курдук улууска бастакы, нэһилиэкпитигэр үһүс төгүлүн ыытыллар «Үрүҥ Үйэн оонньуулара» 18-тан 35 -гэр диэри саастаах кэрэ аҥардарга 5 кыыс кытынна. Халадаайдаах сүүрүү, моһоллору туорааһын, далла мэндэйии, уҥуох быраҕыы, көтөх ынаҕы туруоруу түһүмэхтэригэр илин- кэлин түһүстүлэр. Хас түһүмэх аайы кыайыылаахтар мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Түмүккэ 5 миэстэ Ольга Захарова — 2 тыһ солк, 4 миэстэ Мария Пономарева — 3 тыһ солк, 3 миэстэ- Сара Дьячковская 10 тыһ солк, 2 миэстэ — Луиза Барашкова — 15 тыһ солк уонна Бастакы миэстэ — Сардана Федорова — ЖК телевизор, 20 тыһ солк уу харчынан наҕараадаланнылар.
Оскуола уолаттарыгар 70 диэри 70 үөһэ ыйааһыннаахтарга хапсаҕайга Кытаанахтан Слава Сивцев бастаата, иккис миэстэ Арыылаахтан Миша Ван Чу Лин таҕыста. Мас тардыһыытыгар оскуола уолаттарыгар Дьулус Барашков Арыылаахтан эрэллээхтик бастаата.
Хапсаҕайга 70 кг эр дьоҥҥо бастакы миэстэ — Андрей Пугачев Арыылаах, иккис Влад Беляев Түөйэ, Вася Саввинов Арыылаах буоллулар, 70 үөһэ ыйааһыннаахтарга бастакы миэстэни эрэллээхтик ылла Иван Оконешников -Кытаанахтан, таҥас сууйар массыына хаһаайынынан буолла.
Нэһилиэкпит дьоно — сэргэтэ кэтэһэр, сымсалар, күүстээхтэр бэлэмнэнэр күрэхтэһиилэринэн «Кытаанах Баллы оонньуулара» манна атын нэһилиэктэртэн уратыбыт диэн ким баҕалаах барыта күрэхтэһэр, ол иһин ыалдьыт уолаттар эмиэ кэтэһэр көрүҥнэрэ буолла. Мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, сүүрүүгэ, ыараханы көтөҕүүгэ, тутум эргииргэ, үс төгүл үс, өһөс торбос көрүҥнэригэр күрэхтэһэн Арыылаахтан Андрей Пугачев бастакы, Мырылаттан Конон Федоров иккис, Сылаҥтан Юрий Семенов үһүс миэстэ буоллулар.
«Түһүлгэ» норуот айымньытын Дьиэтэ тэрийбит «Ыһыах бэлэҕэ» тэҥнэбиллээх оонньуу киин түһүлгэҕэ ыытылынна. Супер бирииһи ларьдаах холодильник сүүйдэ Чурапчыттан Сергей Заровняев. Киэһэ 21 чаастан саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Кэскил Баишев айар бөлөҕүн кэнсиэрэ элбэх киһини муста.
Нэһилиэкпит 100 сыллаах үбүлүөйдээх улуустааҕы Олоҥхо ыһыахпыт этэҥҥэ ааста. Күммүт да туран биэрэн күөх халлааммытыгар чаҕылыччы күн тыган, эмиэ да сөрүүн тыал илгийэн дьон санаатын хоту күн туран биэрэн, ыһыахпыт өрө көтөҕүллэн ааста.
Ыһыахпыт түһүлгэтигэр, нэһилиэкпит ыччат уолаттара Иван, Альберт Собакиннар, Ньургун Новгородов, кылгас кэмҥэ Олоҥхо балаҕанын, Иван Винокуров Ытык Дуоҕа олорор олоҕун хаачыстыбалаахтык тутан, түһүлгэбит көстүүтүн киэргэттилэр.
Ыһыах аһыллыытын сиэригэр — туомугар, дьүһүйүүгэ 70 тахса киһи кытынна, биир дойдулаахтарбыт, оскуолабыт оҕолоро олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, эдэр ийэлэрбит түмсүүлэрэ, «Алаас» дьахталлар, хомусчуттар бөлөхтөрө, ыччат дьоммут, аҕам саастаахтарбыт бары бииргэ түмсэн ыыттыбыт. Бары кыттыбыт дьоммутугар «Түһүлгэ» норуот айымньытын Дьиэтин кэлэктиибин аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Ыһыахпытын сырдаппыт «Саҥа олох», Саха НВК үлэһиттэригэр барҕа махтал буолуохтун.
This post was published on 14.06.2023 16:01 16:01