Саха норуотугар көҥүлү, дьолу аҕалбыт Сэбиэскэй былааһы сууллараары үрүҥ офицердар саалаах-сэптээх өрө туруулары тэрийбиттэрэ. Үрүҥ бандьыыттары утары уоттаах охсуһууга норуоту түмэргэ Саха сирин маҥнайгы хомуньуустара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Степан Гоголев уо.д.а. эр санаалаах күүстээх үлэни ыыппыттара.
1921 сыл алтынньытыгар илинтэн Жарников офицер үрүҥ баандата киирэн иһэрин истэн губревком боломуочунайа Степан Аржаков, губчека үлэһитэ Тимофей Гаврильев уонна олохтоохъ партийнай ячейка сэкирэтээрэ Николай Субуруускай быһаччы салалталарынан Чурапчыга партизанскай бойобуой дружина тэриллибитэ. Итиннэ хомуньуустар, хомсомуоллар, ревкомовецтар, дьадаҥылар көҥүл өттүлэринэн киирбиттэрэ.
Дружинаҕа Чурапчы икки кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сылдьар, Кытаанах нэһилиэгин бастакы комсомолецтара И.Р. Данилов, Д.Н. Дьячковскай, И.И. Кононов, Н.Р. Миронов, И.Е. Митрофанов, С.Т. Собакин, В.И. Чепалов, П.Г. Яковлев эмиэ киирбиттэрэ. Этэрээт Чурапчыга олорор кэмигэр разведкалыыр үлэнэн, аһылыгы-көлөнү хомуйуунан дьарыктаммыта. Сэриигэ бэлэмнэрин окуопа хастар, сыал ытар – быһата дьиҥнээх байыаннай бэлэмнэниини ыытар этэ.
1922 сыл тохсунньутугар Коробейников баандата Амманы төгүрүйбүтэ. Онон сибээстээн командование Чурапчы бойобуой этэрээтин Мэҥэ улууһугар көһөрүгэр бирикээстээбитэ.
Саха норуотун үрүҥ бандьыыттартан быыһырга Иркутскайтан, Сибиир атын да куораттарыттан Кыһыл Аармыйа чаастара кэлитэлээбиттэрэ. Итилэри бартыһааннар биллилээх хамандыырдара, саха норуотун үтүө доҕотторо Нестор Каландарашвили, Карл Байкалов, Иван Строд, Ефим Курашов, Широких-Полянскай уо.д.а. салайбыттара.
1922 сыл кулун тутар 26-27 күннэригэр Тулагыга Эверстов сайыымкатыгар бөҕөргөтүммүт өстөөх күүһүн үрэйиигэ икки күн устата тохтоло суох барбыт уоттаах сэриигэ кыһыл бартыһааннар Иван Парфенов, Спиридон Собакин, Павел Яковлев, Иван Даниловхорсуннук сэриилэспиттэрэ. Ити сыл муус устар 13 күнүгэр өстөөх Амма Солобуудатыттан үс биэрэстэлээх Чапчылҕан диэн дэриэбинэҕэ саба түспүтэ. Өстөөххө Чапчылҕаны биэрбэт инниттэн ахсаан өттүнэн быдан баһыйар баанданы утары аҕыс чааһы быһа барбыт кыргыһыыга Иван Кононов, Иван Митрофанов, Павел Яковлев бааллара. Бандьыыттар Чапчылҕаны ылан, Солобууданы ыраастаан Дьокуускай диэки сыҕарыйар былааннара самныбыта. Амманы босхолообут кыһыл этэрээт Дьокуускайга киирэн үс хоноотун кытта Киллэмҥэ баар үрүҥ баандатын тобохторун эһиигэ тахсыбыта.
Өстөөх икки, үс хос окуопаны оҥостон бөҕөргөтүнэн сытара. Сэрии күнүс саҕаламмыта. Кыһыл сэрииһиттэр дэриэбинэ үс өттүттэн төгүрүктээн киирбиттэрэ. Икки өттүттэн күүстээх ытыалаһыы саҕаламмыта. Өлүү-сүтүү, бааһырыы да үгүстүк тахсыбыта. Кыһыл сэрииһиттэр элбэх сүтүктэнэн туран Киллэми түүн босхолообуттара. Бу сэриигэ кыттыбыт кыһыл бартыһаан Иван Парфенов бэйэтин ахтыытыгар суруйбута: “Дэриэбинэни ылан баран, түүҥҥү хараҥаҕа Уйбаан, Испирдиэн, Миитэрэй, бааргын дуо? – диэн хаһыытаһан, хор тыыннаах хаалбыппыт диэн олус үөрбүппүт”.
226-с Петроградскай полк Саха сиригэр көмөҕө кэлбит кэмигэр Төхтүргэ үрүҥ баандата түмсэн эрэр диэн биллэрии кэлбитэ. Нөҥүө күнүгэр онно хорҕойбут үрүҥ баандатын үлтү сынньа ГПУ этэрээтэ тахсыбыта. Этэрээти Карл Байкалов бэйэтэ хамаандалаабыта.
Бу сэриигэ кыттыбыт кыһыл бартыһаан Спиридон Собакин: “Өстөөхтөр сэбилэниилэрэ мөлтөх, аҥардас бэрдээн саалаах этилэр, ол оннугар бөҕөргөтүнүүлэрэ күүстээх этэ. Биһиги улахан орудиелаах, бэнтиэпкэлээх этибит. Төхтүргэ тиийэн бараммыт улахан орудиены мыраан үрдүгэр туруоран ытыалаабыппыт. Дэриэбинэҕэ кимэн киирии саҕаланар. Икки өттүттэн күүстээх уот аһыллар. Мин, Иван Парфенов, Каратаев этэрээтигэр баарбыт. Көмөҕө кэлбит Байкалов этэрээтэ иһирдьэ ытыалаһа сытар дьону солбуйбута. Элбэх сүтүк тахсыбыта. Байкалов улахан орудиены бэйэтэ үлэлэппитэ. Дэриэбинэни күн киириитин саҕана ылбыппыт”, — диэн кэпсээбиттээҕэ. Төхтүр сэриитигэр Дмитрий Дьячковскай, Иван Данилов, Иван Кононов, Никифор Миронов, Спиридон Собакин, Иван Парфенов, Павел Яковлеватын омук бэрэстэбиитэллэрин кытта биир кэккэҕэ ыга доҕордоһон хорсуннук охсуспуттара.
Ити кэмҥэ Ракитин генерал сэриитэ Чурапчы хоту өттүнэн ааҥнаан киирэн Чурапчы, Амма – Дьокуускайы кытта сибээстэрин быһар сыалынан Төҥүлүгэ баар кыһыл этэрээтигэр саба түспүтэ. Чурапчы бойобуой дружината Төҥүлү гарнизонугар көмөлөһөн Ракитин генерал сэриилэригэр улахан охсууну оҥорбута. Бу сэриигэ Кытаанах тоҕус комсомолецтара кыттыыны ылбыттара. Ракитин генерал кыайтаран, онтон кэлин өрүттүбэккэ, Охотскайга күрээбитэ.
Артемьев, Боссоойко баандалара күөрэйтэлээбиттэрэ. Чурапчы бойобуой дружината эмиэ тэриллэн Боссоойко этэрээтинСоморсун Арыылааҕар үлтүрүппүтэ. Субуруускай хамандыырдаах Чурапчы бойобуой этэрээтэ Амманан, илин, Намынан, Уус Майанан үрүҥ баандалары урусхалласпыта.
Кытаанах нэһилиэгин бастакы комсомолецтара Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас туругурарын икки буолуталаабыт улахан кыргыһыыларга ити курдук барыларыгар кэриэтэ сылдьыспыттара.
Сэрии бүтэн, эйэлээх олох тутуута саҕаламмыта. Оччотооҕу күүрээннээх, саҥа уонна эргэ олох күрэс былдьанар, күөн көрсүһэр күннэригэр сүрүн оруолу ылбыттара. Хотону дьиэттэн араарыыга, кулааҕы кылаас быһыытынан эһиигэ, сири дууһанан үллэриигэ, абааһы, таҥара итэҕэлин утары охсуһууга о.д.а. олох хаалынньаҥнарын утары охсуһууга уоттаах-төлөннөөх үлэни ыыппыттара. Улахан дьону үөрэхтээһин, ааҕар балаҕаннары аһыы, саҥа оскуолалары тутуу, колхуостары тэрийии – барыта маҥнайгы комсомолецтар сыралаах-эрчимнээх үлэлэринэн буолара.
Д.Н. Дьячковскай, И.Е. Митрофанов, И.И. Кононов, В.И. Чепалов, Н.Р. Мироновпартийнай-сэбиэскэй үлэҕэ, колхуоһунай тутууга баартыйа эрэллээх саллааттарынан буолбуттара. Н.Р. Данилов гражданскай сэриигэ көхтөөх кыттыытын иһин кэлин Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыта, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо буолбута. С.Т. Собакин икки сэрии кыттыылааҕа, колхуоһунай тутуу бэтэрээнэ, Албан Аат 3-с степеннээх уордьанынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сэбиэскэй-партийнай үлэһит И.И. Парфенов баартыйа обкомун инструкторынан, райком сэкирэтээринэн, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумугар отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1972 сыллаахха Саха АССР тэриллибитэ 50сыла туолуутугар Кытаанах тоҕус бастакы комсомолецтарыгар, кыһыл бартыһааннарыгар пааматынньык туруоруллубута. Кинилэр сырдык кэриэстэрин үйэтитэн бу пааматынньыгы оскуола комсомолецтара көрбүттэрэ-харайбыттара.
Бастакы комсомолецтар күүрээнээх бойобуой сырыылара, охсуһуулара үүнэр ыччаты инники кыайыыга өрө күүрдэ турдуннар.
Ааптар: Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ, Саҥа олох хаһыат
This post was published on 29.10.2024 11:03 11:03