Национальнай художественнай музейга бэс ыйын 20 күнүгэр «Изобразительное искусство Кыргызстана» диэн быыстапка арылынна. Тэрээһин Саха сиригэр Кыргызтан күннэрин чэрчитинэн ыытыллар.
Быыстапкаҕа Кыргызтан уруһуйдьуттарын, скульптордарын уонна графиктарын үлэлэрэ туруорулуннулар. Сапар Торобеков, Таалайбек Усубалиев, Николай Иннокентьев, Аыйп Алакунов, Жакшыбек Жунушев хартыыналарын бэлиэтиэххэ сөп. Баларга сүрүн матыыптарынан аныгы үйэ уобарастара, айылҕа уонна боростуой дьон олохторо дьүһүйүллүбүт.
Саха сирин култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин быыстапка икки норуот доҕордоһуутун уонна бииргэ үлэлээһин мэктиэтинэн буоларын бэлиэтээтэ: «Кыргызтар — соҕуруу түүр омуктар, сахалар — хотугулар. Эһиги олус интэриэһинэй култууралааххыт уонна ойуулуур-дьүһүннүүр айымньыгытынан биһиэхэ олус чугаскыт. Бу быыстапка өссө күүскэ биһигини сомоҕолууругар эрэллээхпин«.
Кыргыз маастардара тулалыыр эйгэттэн, литератураттан, историяттан ылан ураты графическай композициялары оҥороллор.
Национальнай художественнай музей генеральнай дириэктэрэ Ася Габышева национальнай искусство суолтатын уонна түүр норуоттарын икки ардыгар баар уруулуу сибээһи тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Төһө да технология түргэнник сайдыбытын уонна аныгы олох олус түргэнник барарын үрдүнэн, биһиги норуоттарбыт бэйэлэрин уратыларын илдьэ сылдьаллар. Сахалар куруук бэйэлэрин төрүттэрин өйдүүллэр, умнубаттар, кыргызтар хартыыналарыгар ойууламмыт күннээх истиэби уонна хайалары өрүү саныы сылдьыахтара«, — диэтэ кини.
Норуоттар икки ардыларынааҕы евразийскай көҕүлээһин фонда директора, биллиилээх суруйааччы Чингиз Айтматов уола Аскар быыстапка сыала уонна култуурунай кылаата Саха сирэ уонна Кыргызтаан сыһыаннарын сайдыытыгар суолтатын туһунан СИА-ҕа кэпсээтэ.
«Манна биһиги маастардарбыт араас хайысхаҕа оҥорбут дьүһүйүүлэрэ турар. Мин хартыыналары барытын кэрэхсиибин. Маны көрбүт киһи билиҥҥи уруһуй искусствота тугунан тыынан олорорун уонна өссө тугу инникитин толкуйдуурун тута быһаарар. Быыстапканы көрөөччүлэр Кыргызтаан бу хайысхатын толору билсиэхтэрэ уонна дуоһуйууну ылыахтара дии саныыбын«, — диэтэ кини.
This post was published on 21.06.2017 16:00 16:00