Кыргыз суруйааччыларын бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Токтоболот Абдумомунов 1966 сыллаахха Саха сиригэр Кыргызстан литературатын нэдиэлэтигэр кэлэ сылдьан “Сүүстэ истибиттээҕэр, биирдэ көрбүт ордук” диэбиттээх. 1966 сыл атырдьах ыйыгар Дьокуускайга суруйааччылар эйгэлэригэр эрэ буолбакка, Саха сирин олохтоохторугар сэргэх, биһирэнэр тэрээһин буолбута. Саха сиригэр бырааттыы Кыргызстантан суруйааччылар кэлэннэр, үгүс көрсүһүүлэргэ кыттыбыттара.
Ол улахан тэрээһин туһунан бэчээккэ элбэхтэ таһаарбыттар. “Кыым”, “Социалистическая Якутия” хаһыакка көрсүһүүлэртэн репортажтар, ыалдьыттары кытары интервьюлар, санаа атастаһыылар сотору-сотору бэчээттэммиттэр. Бу суруйуулартан да сабаҕалаатахха, Саха сиригэр Кыргыз литературатын нэдиэлэтэ үрдүк таһымнаахтык ааспыт.
1966 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр Саха АССР Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын мунньаҕар биэс боппуруоһу көрбүттэр. Онтон биирдэстэринэн атырдьах ыйын 16-22 күннэригэр Кыргыз литературатын нэдиэлэтин ыытыы буолбут. Мунньах түмүгүнэн кэлбит ыалдьыттары көрсүү, сырытыннарыы былаанын бигэргэппиттэр, “Хотугу сулус” сурунаалга кыргыз суруйааччыларын талыллыбыт уус-уран айымньыларын таһаарарга, Саха сиринээҕи кинигэ издательствота кыргыз суруйааччыларын айымньыларын хомуурунньугун таһаарарыгар этиилээх тахсарга быһаарбыттар.
Литературалар доҕордоһуулара — норуоттар доҕордоһуулара
Бу курдук девизтээх Саха сиригэр кыргыз литературатын нэдиэлэтэ 1966 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр саҕаламмыт. Бу икки бырааттыы өрөспүүбүлүкэҕэ суолталаах тэрээһин ылбычча ыытыллыбатах. Саха суруйааччылара уонна кыргыз суруйааччылара ол сылларга айымньылаахтык алтыһан, билсэн кэлбиттэр. Ол туһунан “Хотугу сулус” сурунаал кылаабынай редактора Дмитрий Кириллин 1966 сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр “Доҕотторбутугар Киргизияҕа сылдьан” диэн ыстатыйата тахсыбыт. Д. Кириллин Фрунзе куоракка кыргыз суруйааччыларын сийиэһигэр кыттыбытын кэпсиир. Бу иннинэ Саха сирин суруйааччыларын бөлөҕө Кыргызстаҥҥа бара сылдьыбыт эбит. Салгыы кини икки өрөспүүбүлүкэ суруйааччылара ситимнээх үлэлэрин туһунан суруйар. “Киргизскэй литература, эмиэ биһиэнин курдук, Улуу Октябрьскай литератураттан ыла төрүттэнэн, сириэдийэ сайдыбыт литература… Чингиз Айтматов айымньылара биһиги дойдубут бары норуоттарын тылларыгар тылбаастаммыт… Биһиги издательствобыт бу күннэргэ Ч. Айтматов сэһэннэрин кинигэтин сахалыы тылынан таһааран эрэр, оттон “Ийэ сирэ” диэн кини аатырбыт сэһэнинэн оҥоһуллубут пьесата быйыл биһиги театрбытыгар ситиһиилээхтик барда. Эмиэ Саха музыкальнай драматическай театра “Ким буруйдааҕый?” диэн Т.Абдумомунов пьесатын туруорар” диэн ыстатыйатыгар суруйбут. Кыргызстан өттүттэн саха суруйааччыларыгар эмиэ чиэс-бочуот оҥоһуллубутун туһунан бэлиэтиир. “Киргизия издательствотыгар Саха сирин суруйааччыларын айымньыларын хомуурунньуга бэчээккэ бэлэмнэнэр. Оттон биһиги издательствобыт кыргыз суруйааччыларын хомуурунньугун бэлэмниир. Ити курдук икки бырааттыы литературалар хардарыта сибээстэһиилэрэ сылтан сыл ахсын сайдан, кэҥээн иһэр” диэбит.
Бырааттыы өрөспүүбүлүкэ ыалдьыттарыгар уруй
Хаһыакка тахсыбыт матырыйааллар Кыргызстан литературатын нэдиэлэтэ Саха сиригэр өрө көтөҕүллүүлээхтик, толору ис хоһоонноохтук ааспытын туоһулууллар. 1966 сыл атырдьах ыйын 17 күнүнээҕи “Кыым” хаһыакка “Киргизия уонна Москва суруйааччыларын Якутскайга көрсүһүү” диэн төбөлөөх кыргыз литературатын нэдиэлэтигэр кэлбит ыалдьыттары көрсүһүүттэн репортаж тахсыбыт. Бастаан Москваттан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата, РСФСР Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын председателэ Леонид Соболев, суруйааччы Франц Таурин, поэттар Яков Шведов, Сергей Викулов кэлбиттэр. “Саха биллиилээх поэта Күннүк Уурастыырап Яков Шведовы кууһар” диэн суруналыыс бэлиэтээбит түгэннэриттэн биирдэстэрэ.
Ол кэннэ суруналыыс Кыргызстан столицатыттан суруйааччылар, поэттар көтөн кэлбиттэрин сурукка түһэрбит: “Бу доҕордоһуу кутаатын биһиги тапталлаах чаҕылхай Максиммыт Ала-Тоо тэллэҕэр аан бастаан умаппыта. Ол уот умайарын саҕана киргизтэр, эмиэ биһиги курдук, саҥа үүнэн-сайдан эрэллэрэ. Социалистическай ис хоһоонноох, национальнай тас формалаах Киргизия литературатын представителлэрэ кэлиилэрин республика столицатын олохтоохторо улахан үөрүүнэн көрүстүлэр. Т. Абдумомуновка, Ж. Мавляновка, Б.Сарногоевка, С. Сасыкбаевка, С. Джусуевка, К. Джунусовка, Т. Уметалиевка, С. Шимеевка тыыннаах сибэккилэр, чороонноох кымыстар – доҕордоһуу уонна ытыктабыл бэлиэлэрэ туттарыллаллар. Хаан-уруу бырааттарым, сахалар, — диэтэ харда тылыгар Киргизия суруйааччыларын делегациятын салайааччы Токтоболот Абдумомунов, — биһиги эһиги сиргитигэр сылдьыахпытын баҕарбыппыт олус өр буолла. Ол баҕа санаабыт бүгүн дьэ туолла.”
Бу курдук атырдьах ыйын 16 күнүттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэ киин хаһыаттарыгар кыргыз суруйааччыларын кытары көрсүһүү туһунан үгүс матырыйаал тахсыбыт. “Кыым” биир нүөмэригэр “Ыалдьыттар — ыччаттарга” диэн төбөнөн Союзтар дьиэлэригэр республика ыччатын бэрэстэбиитэллэрэ кыргыз литературатын нэдиэлэтин кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүлэрин туһунан суруйбуттар. Онно поэттар Темиркул Уметалиев, Камчи Джунусов, Смар Шимеев, Байдулда Сарногоев, Жунай Мавлянов, Сооронбай Джусуев бэйэлэрин тылларынан хоһооннорун аахпыттарын туһунан суруйбуттар. Прозаик Саткын Сасыкбаев бу көрсүһүүгэ маннык эппит: “Литератураҕа саҥа киирэр кэммэр хоһооннору суруйарым. Онтон прозаҕа олохтоохтук көспүтүм. Манна кэлээт, улуу Лена өрүс кэрэтин көрөөт, эмиэ хоһоон суруйар баҕам күөдьүйдэ”.
Күндү ыалдьыттарбыт — кыргызтар Саха сирин кытары билсиһэллэр
“Күндү ыалдьыттарбыт – киргизтэр Саха сирин кытары билсиһэллэр” диэн аатынан кылгас быһаарыылаах хаартыска “Кыым” хаһыакка тахсыбыт. Онно Леонид Соболев чороонтон кымыс иһэр, сибэкки тутуурдаах кыргыз суруйааччылара мичээрдии туралларын фотограф Е. Порядин түһэрбит. Хаартыска анныгар “Бу снимокка эһиги Киргизия уонна Москва суруйааччыларын Якутскай аэродромугар көрсүһүүнү көрөҕүт” диэн суруллубут.
“Кыым” атырдьах ыйын 21 күнүгэр тахсыбыт нүөмэригэр “Максим Аммосов дойдутугар” ыстатыйа бэчээттэммит. Кыргыз суруйааччылара Нам оройуонугар ыалдьыттаабыттарын туһунан суруналыыс С. Тарасов оччотооҕу кэм истиилинэн бэрт өрөгөйдөөхтүк суруйар. “Массыыналар Максим Аммосов аатынан колхозка ааһаллар. Кэлбит дьону колхоз председателэ Г.Г. Сеялов үөрүүнэн көрсөр… Мустубут дьон Токтоболот Абдумомунов этиитин улаханнык кэрэхсээн иһиттилэр: «Эһиги биир дойдулааххыт, саха уонна киргиз норуоттарын улуу уоллара Максим Кирович Аммосов төрөөбүт, үөскээбит сиригэр, кини оонньообут хонуутугар кэлэн турарбытыттан үөрэбит. 1922 сыллаахха саха революционера М.К.Аммосов улуу Ленинныын көрсүбүтэ уонна бэйэтин сахатын эрэ норуотун дьылҕатын туһунан буолбакка, бүтүн Азия норуоттарын кэлэр кэрэ кэнэҕэски кэмнэрин туһунан кэпсэтиспитэ…”
Нам сиригэр-уотугар ыалдьыттары Максим Аммосов олоро сылдьыбыт дьиэтигэр, музейга сырытыннарбыттар, суруйааччылар Хатырык орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытары көрсүбүттэр.
Маны таһынан Саха сиригэр кыргыз литературатын нэдиэлэтин кыттыылаахтара ССКП обкомугар, Союзтар дьиэлэригэр сылдьан дьону-сэргэни кытары көрсүбүттэр, Мирнэй куоракка ыалдьыттаан, алмаас бырамыысыланнаһын кытары билсибиттэр.
Дьокуускайга Ирбэт тоҥу чинчийэр институкка, Наукалар академияларын филиалыгар, Е. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга сылдьыбыттар.
“Кыым”, “Социалистическая Якутия”, “Молодежь Якутии” хаһыаттарга кыргыз поэттарын хоһоонноро элбэхтэ бэчээттэммиттэр. Ол курдук, сахалыы тылбаастаммыт Темиркул Уметалиев “Саас”, “Киргиз сүрэҕэ”, Кубанычбек Маликов “Талас хонуутугар”, “Төрүт тылым” уонна да атын хоһоонноро бэчээттэммиттэр.
Саха сиригэр кыргыз литературатын нэдиэлэтэ түмүктэммитин кэннэ “Кыымҥа” “Саҥа көрсүһүүгэ диэри!”, “Баһыыбаларыҥ, күндү доҕоттор!” диэн кэлэн барбыт ыалдьыттар суруйуулара тахсыбыт. Смар Шимеев доҕордоһуу хаһан да мөлтөөбөтүгэр, Ойуунускайы, Мординовы, Гоголевы биэрбит саха литературата чэчирии сайдарыгар баҕарбыт. Саткын Сасыкбаев: “Биһиги саха доҕотторбут, киргиз литературатын пропагандалааһыҥҥа олус элбэҕи оҥордугут. Токтогул айымньыларын таһаарбыккыт. Билигин Чингиз Айтматов сэһэннэрин кинигэтин тутан турабын. Бу дьиҥнээх истиҥ доҕордуу, табаарыстыы сыһыантан эрэ үөскээбит үтүөкэннээх дьыала”, — диэн суруйбут. Матырыйаал түмүгэр Саха сирин Суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын председателэ С.П.Данилов кыргыз уонна нуучча суруйааччыларыгар махтанан, түмүктүүр тылын аҕалбыттар. Кини бу доҕордоһуу үтүө үөрүйэхтэрин инникитин салҕаан иһэргэ, хардарыта тылбаастаһарга, бэчээттэһэргэ ыҥырбыта күн бүгүн олоххо киирэ турар.
Улуу түүр омуктан дириҥ силистээх-мутуктаах хаан-уруу икки норуот доҕордоһууларын ыга ситимнээбит чаҕылхай Максиммыт бастыҥ баҕата бу курдук туола турдун!
This post was published on 16.06.2017 15:30 15:30