Кыра учаастактарга мобильнай медицина комплекса оҥоһуллан эрэр

“Оптимизациянан аһары үлүһүйээри гынныбыт. Нэһилиэктэргэ балыыһалар сабыллаллар. Нэһилиэнньэ медицина өҥөтө суох хаалла”, — диэн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр бэлиэтиир.


Владимир Путин доруобуйа харыстабылын туһунан этэригэр, бастатан туран, быраастарга, фельдшердэргэ, медсиэстирэлэргэ махтанарын биллэрдэ. Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин хамнастара кэлиҥҥи кэмҥэ биллэ үрдээбитин бэлиэтээтэ. “Ыам ыйын ыйаахтарын чэрчитинэн, билигин медиктэр хамнастара үрдээтэ. Ол эрээри, итинэн тохтоон хаалыа суохтаахпыт”, — диэн этэр.

Итини бэлиэтээн туран, Владимир Путин кэлиҥҥи сылларга аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга балыыһалар сабыллыбыттарын, онуоха медицина өҥөтүн солбуйар туох да оҥоһуллубатаҕын эттэ. “Онон 100-тэн 2000 киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннарга 2020 сылга диэри фельдшерскэй-акушерскай пууннар, амбулаториялар, оттон 100 киһиттэн аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга хайаатар да көһө сылдьар мобильнай медицинскэй массыына-комлекстар баар буолуохтаахтар. Бу комплекстар бары оборудованиенан хааччыллыахтара. Маны Норуот фрона хонтуруолга тутуҥ”, — диэн иһитиннэрдэ.

Манна бэлиэтээн эттэххэ, биһиэхэ аҕыйах сылтан бэттэх модульнай фельдшерскэй-акушерскай пууннар диэн киирбиттэрэ. Былаан быһыытынан, 2020 сылга диэри Арктика, хотугу улуустарга барыларыгар киириэхтээх.

This post was published on 02.03.2018 09:41 09:41