Саха сиригэр кыра суудуналарга навигация бэс ыйын 3 күнүттэн аһыллыаҕа диэн Тырааныспарга министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
Бэс ыйын 3 күнүттэн навигация Амма, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус Маайа, Мииринэй, Сунтаар, Нерюнгри, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Уус Алдан, Томпо, Нам, Кэбээйи, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар (оройуоннарга), Дьокуускай, Жатай куораттарга аһыллыаҕа;
Бэс ыйын 12 күнүттэн — Өймөкөөн, Муома, Үөһээ Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Эдьигээн, Өлөөн улуустарыгар (оройуоннарга);
Бэс ыйын 17 күнүттэн — Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Усуйаана, Аллараа Дьааҥы, Булуҥ улуустарыгар (Өлүөхүмэттэн ураты);
От ыйын 25 күнүттэн — Булуҥ улууһугар.
Навигация аһыллыытын болдьоҕо уларыйыан сөп, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 27.05.2024 15:01 15:01