25 Муус устар 25.04
  • -2°
  • $ 92,51
  • 98,91

Кыра оҕону көрүү иһин больничнай кээмэйэ балаҕан ыйыттан үрдүө

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сэттэтигэр диэри саастаах оҕону ыалдьыбыт кэмигэр көрүү иһин төрөппүккэ больничнайы 100% балаҕан ыйын 1 күнүттэн биэрэн саҕалыахтара. Дойду үрдүнэн 1,5 мөл киһи бу миэрэнэн туһаныан сөбүн туһунан үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


«Төрөппүттэр эбии докумуон туттараллара наадата суох, социальнай страхование пуондата больничнай лиис дааннайдарынан бэйэтэ көрөн суоттуо», — диир үлэ миниистирэ Антон Котяков.

Больничнай кээмэйэ үрдүүрүттэн үлэ биэрээччи ороскуотуруо суоҕа. Харчыны социальнай страхование пуонда үбүттэн төлүөхтэрэ. Билиҥҥи быраабыланан, больничнай кээмэйэ үлэһит страховой ыстааһыттан тутулуктаах. Холобур, үлэһит тэрилтэҕэ биэс сыл үлэлээбит ыстаастаах буоллаҕына больничнай хамнас орто кээмэйин 60%-на буолар, ол эрэн ыйга 44 400 солк куоһарбат. Үлэһит аҕыс сылтан элбэҕи үлэлээбит буоллаҕына больничнай 100% төлөнөр.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар киллэрбит этиитин бэҕэһээ Федерация Сэбиэтэ бигэргэттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА