Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромҥа сыана эмискэ үрдээтэ. Алтынньы 24 күнүттэн кыра массыыналарга сыана 10 тыһ солк тиийдэ, микрооптуобустарга уонна внедорожниктарга — 15 тыһ солк диэри улаатта. ЯСИАҕа «Паромы Якутии» УХ дириэктэрэ Николай Ефимов эппитинэн, сыана үрдээһинэ кыһалҕаттан ылыллыбыт миэрэ буолар.
«Өрүскэ балаһыанньа ыараата, муус туран эрэр, тэтимнээхтик. Кыра массыыналаахтар олус элбэхтэр. Таһаҕастаах улахан массыыналары ыыппаттар. Улахан массыыналар уочараттара икки килэмиэтиргэ тиийдэ. Кыһалҕаттан Госавтоинспекция сотрудниктара Мархинка суолун бүөлээтилэр, кыра массыыналар ааспаттарын курдук. Бу сарсыарда тарыыбы үрдэтэр туһунан быһаарыы ылынныбыт. Кыһалҕаттан ылыллар миэрэ, таһаҕастаах улахан массыыналар айанныахтарын наада. Кинилэргэ сыана уларыйбата», — диэтэ Николай Ефимов.
Кини эппитинэн, сорох кыра массыыналаахтар сыана үрдээбитин билэн баран, анараа биэрэккэ туорууртан аккаастаннылар.
«Бу миэрэ харчы оҥостоору буолбатах, кыра массыыналары аҕыйатар сыалтан ылылынна», — диэтэ Ефимов.
Билигин биэс паром үлэлиир, буксирдаах. Сайыҥҥы кэмҥэ биир паром түөрт эргиири оҥорор буоллаҕына, билигин — икки.
«Навигация сабыллыытын кэмигэр өрүһү туоруур айантан туттунаргытыгар көрдөһөбүн», — эттэ Ефимов.
This post was published on 24.10.2024 13:11 13:11