Россияҕа бу нэдиэлэҕэ үс эрэ хонук (бэнидиэнньиктэн сэрэдэҕэ диэри) үлэлиэхпит, онтон Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн Россия олохтоохторугар чэппиэртэн (кулун тутар 8 күнүттэн) өрөбүлгэ (кулун тутар 11 күнүгэр) диэри түөрт күн өрүөхпүт.
Кулун тутар 8 күнэ чэппиэргэ түбэһэр, онон бу күн уонна өрөбүл күннэринээҕи араастаһыы үлэ күнэ буолбатах бу сыл тохсунньу 6 күнүн (субуота) бээтинсэҕэ — кулун тутар 9 күнүгэр көһөрүү суотугар сабыллар. Бу Россия олохтоохторугар түөрт күн субуруччу сынньанар кыаҕы биэриэҕэ, тоҕо диэтэххэ, кулун тутар 8 уонна 9 күннэригэр көннөрү өрөбүллэр – субуота (кулун тутар 10 күнэ) уонна баскыһыанньа (кулун тутар 11 күнэ) эбиллэллэр.
Өрөбүл күннэргэ күн-дьыл да туруга да үөрдүөҕэ, чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ баара-суоҕа 20-21 кыраадыс тымныы, субуотаҕа-өрөбүлгэ -16-18 кыраадыска тиийиэҕэ.
Аны ыам ыйынааҕы бырааһынньыктарга тохтоотоххо, ыам ыйыни 1 күнэ оптуорунньукка түбэһэринэн, Россия олохтоохторо 4 күн субуруччу сынньаныахтара.
Муус устар 29 күнүттэн, өрөбүлтэн, саҕалаан ыам ыйын 2 күнүгэр диэри бырааһынньыктааҕы өрөбүллэр буолуохтара. Бэнидиэнньик, муус устар 30 күнэ — үлэ күнэ буолбатах, тоҕо диэтэххэ, итиннэ муус устар 28 күнүнээҕи өрөбүл күн көһөрүллүбүтэ. Оттон 2018 сыл тохсунньу 7 күнүнээҕи өрөбүл күн көһөн, ыам ыйын 2 күнүгэр, сэрэдэҕэ, өрүүбүт.
Улуу Кыайыы күнэ сэрэдэҕэ түбэһэринэн, бырааһынньыктааҕы өрөбүл үлэ нэдиэлэтин икки чааска араарыаҕа – ыам ыйын 7 уонна 8 күннэригэр (бэнидиэнньик уонна оптуорунньук) уонна ыам ыйын 10 уонна 11 күнэ (чэппиэр уонна бээтинсэ). Үлэ кодексатыгар олоҕуран, ыам ыйын 8 күнэ бырааһынньык иннинээҕи үлэ күнүнэн ааҕыллар.