Кылаас салайааччытыгар көрүллүбүт төлөбүрдэр сотуллубаттар. 5000 солк «надбавка» хаалар, диэн эттэ РФ үөрэххэ миниистирэ Сергей Кравцов.
«Кылаас салайааччыларыгар, дойду президенин быһаарыытынан, балаҕан ыйыттан эбии төлөбүр анаммыта. Хонтуруолланар дьаһал, бу кылаас салайааччыларыгар биллэр көмө, чуолаан манна иитии боппуруостарыгар тэрээһини ыытыы сүктэриллэр. Бары кылаас салайааччыта, бу 810 тыһыынча киһи эбии төлөбүрдэрин кэмигэр ылаллар, маны сэргэ регионнааҕы, муниципалитеттааҕы төлөбүрдэр эмиэ сотуллубатахтара. Казначействоны уонна нолуок сулууспатын кытта тэҥҥэ хонтуруолу тутабыт«, — диэтэ Сергей Кравцов Госдума кэмитиэтин мунньаҕар.
Источник: ТАСС
This post was published on 26.03.2021 16:28 16:28