"Кыл Саха" төрүт дорҕоон бөлөҕө кэнсиэртээтэ

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын Дьиэтигэр «КЫЛ САХА» төрүт дорҕоон бөлөҕө 5 сылыгар анаммыт улахан кэнсиэрэ буолан ааста. Киирээти кытары вестибюльга төрүт дорҕоону сэҥээрээччилэр тоҕуоруһа мустан «КЫЛ САХА» 5 сыл устата үлэлээн кэлбит хаартысканан, афишаларынан киэргэммит быыстапканы уонна биир идэлээхтэрэ, норуот муускукатыгар сүгүрүйээччилэр араас дойду муннугуттан видеозапиһынан ыыппыт эҕэрдэлэрин үөрэ-көтө көрдүлэр.


Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кылыһаҕы – кыл струналааах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна онно оонньооһун тэтимнээхтик сайдар. 2014 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин Гранынан, оччолорго миниистир Андрей Саввич Борисов өйөөһүнэн, Руслан Габышев уонна Александр Чахов маастардарга аан бастаан кыл струналаах үнүстүрүмүөннэри оҥотторон «КЫЛ САХА» төрүт дорҕоон бөлөх Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын национальнай аркыастырын иһинэн тэриллибитэ. Бу бөлөх уратыта диэн – үнүстүрүмүөннэрэ кыл струналаах, саха төрүт дорҕоонун, кылыһаҕын чопчу биэрэр уратылаах. Айылҕаттан айдарыылаах маастар Руслан Прокопьевич көмүс тарбахтарыттан чочуллан тахсыбыт көмүлүөк быһыылаах саха кыла дьон-сэргэ, муусука эйгэтин идэлээхтэрин сэҥээриилэрин ылла. Бөлөх Сахабыт сиригэр, Арассыыйаҕа, тас дойдуларга да номнуо бэйэтин аатын киэҥник ааттатта.

Бу бөлөх сүрүннээччитэ, уһуйааччыта, ыйан-кэрдэн, бас-көс салайааччыта, 5 сыллаах тэрээһин режиссера Саха аркыастыр сүрүн дирижера Николай Петров. Кэнсиэр кини айбыт «Дорҕоон айыллыыта» муусукатынан саҕаланна. Көрөөччүлэр «Көлүкэчээн», Христофор Максимов «Кырдал кыыһа», Сиэн Тиитэп «Ахсым ат» саха матыыптарын дуоһуйа, астына иһиттилэр.

Руслан Габышев ох саа — кыл айан, оҥорон, онно бэйэтэ ыллатан, дьон-сэргэ кутун тутта. Бу күһүн бырааттыы омуктарбыт — казахтар, татаардар муусука улахан тэрээһиннэригэр тиийэн, кыттан улаханнык сөхтөрдө, астыннарда. кэнсиэргэ «Сах саҕана» импровизацияны ох сааҕа оонньоон көрөөччүлэри сүргэлэрин көтөхтө. Ытыс тыаһа тохтообокко хабылынна, хаста да “БРАВО! БРАВО! БРАВО!” — диэн өрө күүрэн махтаннылар.

«КЫЛ САХА» биир уруккаттан үлэлэһэр доҕордоро Үөһэ Бүлүүттэн төрүттээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан оһуохайдьыта, тойуксута, норуот ырыаһыта Сахаайта Мойтохонова. Кини толоруутугар алгыстаах тойугу уонна былыргы хоһуйсуу «Дьахтар ырыатын» көрөөччүлэр үрдүктүк сыаналаан, махтанан иһиттилэр, улаханнык ытыстарын тыаһын бэлэхтээтилэр.

Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Оҕо ускуустубатын оскуолатын үҥкүүтүн учуутала, «Бриллианты Якутии» оҕо үҥкүүтүн бөлөҕүн салайааччыта Афанасий Афанасьевич Соловьев 30 сылтан тахса үлэлээбит Кыыл Уола аатынан тыйаатырын кэлэктиибин кытары ыкса сибээстээх. Афанасий Афанасьевич туруорбут «Эдэр саас» үҥкүүтүн «КЫЛ САХА» доҕуһуолунунан эдэр үҥкүүһүттэр эрчимнээхтик, күлүүлээхтик, чэпчэкитик, үөрэ-көтө толордулар.

Александр Дьячковскай-Саарын «КЫЛ САХА» бөлөх муусукатыгар бастакынан ыллаабыт ырыаһыттартан биирдэстэрэ. Кини толоруутугар бу киэһэ аан бастаан Ойуунускай тылыгар, Валентина Романова-Чыскыырай матыыбыгар «Күнү көрсө» ырыа ураты кылыһахтаах куолас уонна кыл дорҕооно кэрэтик силбэнэн, биир күдьүс суккуллар уу дьикти муусуката буолан иһилиннэ.

«КЫЛ САХА» бөлөх бэйэлэрин биир идэлээхтэрин иһигэр элбэх доҕоттордоохтор-атастаахтар. Онтон биирдэстэринэн тас дойдуга улаханнык биллибит, үрдүк сэҥээриини ылбыт «Айархаан» бөлөх буолар. Альбина Дегтярева-Айархаан, Нарыйаана Ренанто, Варвара Степанова – Арчыына, Артур Семенов – Тоҥ Саха «Алгыс ырыата» айымньыны «КЫЛ САХА» кылыһаҕын дорҕоонун доҕуһуолугар уйдаран, киһи этин сааһынан иҥэн киирэр, санаатын сайгыыр, сааһылыыр, ис кутун бөҕөргөтөр, сырдык суол диэки олоҕун салайар гына толордулар.

Сылтан сыл «КЫЛ САХА» репертуара кэҥээн, элбээн, халыҥаан иһэр. 1937 сыллаахха Адам Скрябин хомуйан таһаарбыт «Саха ырыалара» хомуурунньукка «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр», «Саргылардаах сахаларбыт» ырыалар киирбиттэр. Ити норуокка киэҥник биллибит ырыалары «КЫЛ САХА» бөлөх иэйэн-туойан, долгутан, киһи сүрэҕин, дууһатын таарыйар гына бэйэлэрэ ыллааннар толордулар.

Бөлөх салайааччыта Саха аркыастыр артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, М.Н.Жирков аатынан муусука кэллиэһин уонна Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун учуутала Анна Ивановна Томская. Кини элбэх ыччаты муусука салаатыгар уһуйда, такыйда, үөрэттэ. Онтон биирдэстэрэ Аан дойдутааҕы түүр эдэр ыччат «УРАЛ МОНО-2018» күөн күрэх кыайыылааҕа хомусчут-импровизатор Артур Семенов дьоро киэһэҕэ хомуска сыыйа тардан оонньоон дьон-сэргэ биһирэбилин уонна хайҕабылын ылыан-ылла.

Дьоро киэһэ биир долгутуулаах түгэнинэн, Казахстантан сылдьар ыалдьыт Марат Абсатарович Рыскулов Руслан Габышевка махтанан туран бэйэтин казахскай домбратын бэлэх ууммута, буолла.

«КЫЛ САХА» бөлөх эр дьонноро: кыл үнүстүрүмүөннэри айан оҥорбут Руслан Габышев, Афанасий Томскай, Афанасий Фёдоров, Дмитрий Винокуров, Прокопий Сыроватскай, Артур Семенов, Дьулустаан Никифоров «Тэтим уһуктуута» импровизацияны үрдүк таһымнаахтык, эр киһилии эрээллээхтик толордулар. Бу айымньыга кыл кылыһах, ох саа-кыл, хомус, күпсүр, чааҕыра, дьарыкта үстүрүмүөннэр тыаһаатылар. Дьарыкта – струналаах дүҥүр үстүрүмүөнү оҥорон таһаарбыт маастар Василий Николаевич Атласов. Онтон Василий Авксентьевич Мохначевскай оҥорбут чааҕыра үстүрүмүөнүн «КЫЛ САХА» бөлөххө саха эстрадатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Юрий Егорович Платонов бэлэх ууммут. Артыыстар кинилэргэ махталлара муҥура суох.

Бөлөх сүрүн муусукаана Афанасий Томскай бэйэтэ муусуканы айар дьоҕурдаах. 2012 сыллаахха Үҥкүү тыйаатырыгар кини айбыт муусукатыгар «На краю Ойкумены» улахан испэктээкил турбута. 2016 сыллаахха Афанасий Томскай биир идэлээхтэрин кытары уостан түспэт номоххо киирбит Манчаары Баһылай туһунан «Манчаары» испэктээкил муусукатын айан, суруйан таһаарбыттара. Бу киэһэ, 5 сыллаах тэрээһиҥҥэ Афанасий Томскай ити балекка айбыт «Ыһыах» муусукатын кэрэтик да сырдыктык толородулар.

КЫЛ САХАЛАР 5 сыллаах тэрээһиҥҥэ өр уонна таһаарыылаахтык бэлэмнэммиттэр. Көрөөччүлэр саҥа клип сүрэхтэниитин дуоһуйа, хайгыы, сэҥээрэ, махтана, сөбүлүү көрдүлэр. Олус да үчүгэйдик сахабыт сирин баай, кыраһыабай айылҕатын уонна төрүт дорҕоон толорооччуларын уһулбуттар. «КЫЛ САХА» салайааччыта Анна Томская үрдүк сценаттан клип режиссеругар Дмитрий Никоноровка, оператор Николай Петровка, звукорежиссер Леонид Иванов-Лүҥкүргэ махталын тириэртэ. Клибы устарга күүс-көмө буолбут Дьокуускай куорат култууратын уонна духуобунай сайдыытын управлениетыгар салайааччытыгар Антонида Николаевна Корякинаҕа, Платон Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр сүрүн режиссерыгар Руслан Игоревич Тараховскайга, Атылааһаптар туристическай, сынньалаҥ комплекстарын хаһаайыннарыгар Валентина Иннокетьевна уонна Василий Николаевич Атласовтарга барҕа махталын биллэрдэ. Биэс сылларыгар “Кыл Сахалар” саҥа көстүүмнэрин тикпит маастардарыгар Прасковья Владимировна Бочкареваҕа, алтан симэхтэрин оҥорбут Олег уонна Варвара Соловьевтарга, көмүс симэхтэринэн куруук өйүүр “Симэх” фирмаҕа махталларын тиэрдэллэр.

«КЫЛ САХА» бөлөх бастакы күнүттэн Олоҥхо тыйаатырын кытта ситимнээхтик үлэлиир. Бөлөх муусукааннара Вероника Лыткина уонна Прокопий Сыроватскай Олоҥхо тыйаатырын артыыстара буолаллар. Кыл-кылыһах, ох саа-кыл үнүстүрүмүөннэр былырыыҥҥыттан Олоҥхо тыйаатыр испэктээкиллэригэр бигэтик киирэн эрэллэр. Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын уонна Прокопий Сыроватскай «Дьиэрэй, хомуһум» айымньылара көрөөччү махталын, тапталын ылыан ылла.

Аан дойду күрэҕин лауреата уонна дипломана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Үҥкүү тыйаатыр сүрүн артыыһа Валентина Аммосова үҥкүү күөгэйэр күнүгэр сылдьар. Биллиилээх үҥкүүһүт «КЫЛ САХА» доҕуһуолунан тыйаатыр уус-уран салайааччыта Светлана Бессонова «Дэйбиирдээх үҥкүү» нүөмэрин 2013 сыллаахха Улан-Удэҕэ, Бурятияҕа буолбут аан дойду «Венок Дружбы» күрэҕэр, 2015 сыллаахха Кыыл Уола 120 сааһыгар анаммыт улахан кэнсиэркэ Санкт-Петербург Эрмитажтааҕы тыйаатырын сценатыгар өрө көтөҕүллэн толорбута. КЫЛ САХА 5 сыллаах кэнсиэригэр эмиэ улахан маастар бэртээхэй толоруутун көрдөрдө, махталлаах көрөөччү киниэхэ ытыс тыаһын хорсуннук бэлэх уурда.

Үҥкүү тыйаатыр иһинэн уус уран салайааччы Светлана Бессонова тэрийбит «Айар Кут» этнобөлөҕө таһаарыылаахтык үлэлиир. Солисткалара — ырыаһыт уонна хомусчут-импровизатор, Арассыыйа уонна аан дойду күрэҕин лауреата Василена Шарина. Кини «КЫЛ САХА» доҕуһүолунан «Дьөһөгөй» хомуска дьүһүйүүнү ис киирбэхтик толордо.

Афанасий Соловьев бу тэрээһиҥҥэ тыйаатыр репертуарыгар саҥа «Үтүлүктээх үҥкүү» туруорда. Үҥкүү сүрэхтэхниитэ куруутун кэтэһиилээх, долгутуулаах буолааччы. Эдэр үҥкүүһүт кыргыттар «КЫЛ САХА» бөлөх доҕуһуолунан мааны үтүлүктэри кэтэн баран иэйэн-куойан, имигэстик, чэпчэкитик, тупсаҕайдык туттан үҥкүүлээтилэр, дьүһүйдүлэр. Афанасий Афанасьевич кэргэнинээн Зоя Михайловналыын сахалыы сэмэйдик күлэн мичик гына-гына көрөөччүлэр быыстарыгар долгуйан үҥкүүлэрин сэҥээрэ көрдүлэр. Үҥкүү муусукатын Анна Томская бэйэтэ оҥорбут эбит, онтон ырыатын тылын кини көрдөһүүтүнэн айбыт аҕата, суруйааччы Уйбаан Бөтүүнүскэй суруйбут.

Аныгы кэм чэрчитинэн «Кыыл Уола» композиция URAAN Айтал Алексеев уонна «КЫЛ САХА» толоруутугар интириэһинэй, сэргэх, аныгылыы тэтимнээх муусука буолан  иһилиннэ.

«КЫЛ САХА» бөлөх саха хампаһыытардар айымньыларын сөбүлээн толорор. Аркадий Самойлов «Уруу» уонна Василий Зырянов «Оһуор Туос» испэктээкиллэртэн сютаны быһа тардан толордулар. Майаҕа олорор, биллэр үҥкүүлэр муусукалырын ааптарын Дмитрий Санников “Кыл” уонна “Чороонноох үҥкүү” муусукалара бу киэһэ эмиэ олус истиҥник тыаһаатылар.

Кэнсиэр түмүгэр оһуохай таһаарааччылара: «Күн дьоно» Арчы дьиэтин фольклорнай бөлөҕүн тутаах дьоно Евдокия Павлова, Семен Черноградскай, уонна Оһуохай мааны хотуна Сахаайта Мойтохонова улахан оһуохайга ыҥырдылар. Кыттыыны ыллылар М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин уонна Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба устудьуоннара (уһуйааччылара А.И.Томская), Дьокуускай куорат Оҕо дыбарыаһын уонна Дьокуускай куорат гимназиятын үөрэнээччилэрэ (уһуйааччылара В.И.Григорьева) бары тоҕуоруһан тахсан көрөөччүлэри кытта алгыстаах түһүлгэҕэ бары бииргэ түмсүбүччэ, өбүгэбит үҥкүүтүгэр оһуохайга киирэн, оһуор-бичик оһуорунан тиһиллэн биир иллээх дьиэ кэргэн оҕолоро буолан кыл кылыһах үнүстүрүмүөннэринэн алгыстаах дорҕоон таһааран оһүохайдаан ойдулар, эһиэкэйдээн тэйдилэр.

«КЫЛ САХА» бөлөх 5 сыллаах таһаарыылаах үлэтин махтанан, бэлиэтээн туран Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбанай сүбэһитэ, Арассыыйа норуотунай артыыһа Андрей Саввич Борисов, Кыыл Уола Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев уонна профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Айтал Алексеев, Амма улуус баһылыга Николай Архипович Архипов, Дьокуускай куорат култууратын уонна духуобунай сайдыытын управлениетыгар салайааччыта Антонида Николаевна Корякина, биллиилээх музыковед Аиза Петровна Решетникова, Арассыыйа театральнай деятэллэрин сойууһун Саха сиринээҕи правлениетын чилиэнэ Саргылана Саввична Адамова, Г.М.Кривашапко аатынан Саха республикатын филармониятын уус-уран салайааччыта Наталья Владимировна Базалева уо.д.атыттар эҕэрдэлээтилэр.

«КЫЛ САХА» бөлөх кыттыылаахтарын бөлөх солиһын, масстарын, норуоттан тахсыбыт талааны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун норуотунай маастарын, «Дархан уус» аат хаһаайынын Руслан Габышевы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, Саха аркыастыр дирижерын Анюта Иванованы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, саха аркыастыр артыыһын, Вера Григорьеваны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, Саха аркыастыр артыыһын Зоя Васильеваны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһын, Саха аркыастыр артыыһын Афанасий Томскайы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, Саха аркыастыр артыыһын Афанасий Федоровы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, Саха аркыастыр артыыһын Дмитрий Винокуровы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, Олоҥхо тыйаатыр артыыһын Прокопий Сыроватскайы, эдэр кэскиллэх муусукааны, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун устудьуонун Дьулустаан Никифоровы, хомусчут-импровизаторы, Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин төрүт салаатын учууталын Артур Семеновы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, Олоҥхо тыйаатыр артыыһын Вероника Лыткинаны, бөлөх салайааччытын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, РФ театральнай деятельлэр сойууһун уонна Саха сирин музыкальнай сойууһун чилиэнин Анна Томскайаны, «КЫЛ САХА» ансаамбыл сүрүнннээччитин, Кыыл Уола Үҥкүү тыйаатырын сүрүн дирижерын, СР искусствотын үтүөлээх деятелин Николай Петровы «КЫЛ САХА» 5 сыллаах дьоро киэһэтинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Баҕарабыт чэгиэн чэбдик доруобуйаны, айар үлэҕитигэр айымньылаах ситиһиилэри, тус олоххутугар дьолу-саргыны!

«КЫЛ САХА» кэнсиэригэр кэлбит көрөөччүлэр ырыанан кэһиилэнэн, төрүт дорҕоонунан күндүлэнэн үөрэ-көтө тарҕастылар. Саха төрүт дорҕооно – кыл кырылыы тохтор кылыһаҕа куппутун-сүрбүтүн өрүкүттэ, санаабытын сааһылаата, сүргэбитин көтөхтө, диэн «Кыыл Уола» тыйаатыр пресс-киинэ иһитиннэрэр.

This post was published on 02.12.2019 17:58 17:58