Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр былырыын бэртээхэй таас оскуола тутуллубута. Мастарыскыайдар, анал тэриллэр, миэбэл кэмпилиэк быһыытынан бииргэ кэлбиттэрэ. Оскуола дизайнын »Ай-Тал» хампаанньа оҥорбута. Этээс аайы витраж, барельеф, хартыына, хурустаал лүүстүрэлэр… Чахчы, маннык кэрэ үөрэх храмыгар үтүө оҕолор иитиллэр буоллахтара. Онон олохтоохтор махталлара улахан.
Ол эрээри, Кыйы сэлиэнньэтигэр коррекционнай оскуола дьиэтэ тутуллара наадатын олохтоохтор бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр туруорустулар. Билигин коррекционнай оскуола 6 сиринэн ыһыллан үөрэнэ, үлэлии олороллор. Дьиҥэ, оскуоланы тутууну туруорсуу 1996 сылтан саҕаламмыт эбит. Хаарбах оскуолалар испииһэктэригэр киирбит. Туруохтаах сирэ бигэргэммэккэ сылдьар. Бырайыагын оҥорторуохтарын наада. Коррекционнай оскуола үлэһитэ, 15 сыл салайбыт Анна Слепцова өр сыллаах туруорсуу баарын үрдүнэн, тоҕо кыалла илигин, уларыйа турарын ыйытта.
Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров быһаарбытынан, коррекционнай оскуола тутуллар уочарата кэлбит. Үөрэх министиэристибэтин үлэһиттэрин ыҥыран, үс сири көрдөрбүттэр. Билигин амбулаторияны кытары тэҥҥэ тутуу боппуруоһун көрөллөр.
Нэһилиэк дьокутаата Иван Собакин халааҥҥа быһыт алдьаммытын, кыра өрөмүөн оҥоһуллубутун кэпсээтэ. »Үп көрүллэн, саҥа быһыт оҥоһуллуон дуо?» диэн ыйытта.
Уу хаһаайыстыбатыгар уонна халаан содулун туоратыыга дирекция дириэктэрэ Гаврил Слободчиков маннык хоруйдаата:
— »Автоводовброс» үлэлээбэтин көрдөрдө. Ону чөлүгэр түһэрии саҕаланна. 4,7 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Итинтэн 500 тыһыынча солкуобайга »техническое решение» бырайыага оҥоһуллар. Хамыыһыйа үлэлээбитэ. Аны саас ууну тохтообокко ыытыахха наада.
Евдокия Антонова, »Кыйы» ТХПК үлэһитэ:
— Федеральнай суолу мииннэн олоробут. Быыстала суох массыына ааһар, быыла тохтообокко өрүкүйэр. Таҥас да сууйан ыйаабаккын, оҕуруот аһын да олордубаккын. Аны массыына гааһа сөҥмүт дьааттаах быыл тыҥабытыгар сөҥөр, бронхит ыарыы элбэх. Туруорсан, быылы хаптатар реагент куттарабыт да, ардах түстэр эрэ, өрүкүйэн кэлэр. Бу үлэни ким хонтуруоллуур?
Манна Михаил Соров хоруйдаабытынан, Чурапчыга диэри аспаал суол кэлэн турар. Быйыл 34 км Таатта диэки кэлиэхтээх. 2024-25 сылларга Ытык Күөлгэ диэри тиийиэхтээх. Онуоха диэри быылы хаптатар үлэни күүһүрдүөххэ наада.
Маны тэҥэ, кыйылар саха сылгытын элбэтии, оҕолору сахалыы саҥардыы, о.д.а. ыйытыылары биэрдилэр.
Ангелина Васильева