Кыбартыыра аны, килиэп курдук, утары харчытыгар атыыланыа

“Сахамедиа” хампаанньа “Улуус олоҕо” бырайыагын “Барыбыт кыһалҕабыт” түһүмэҕэр, “Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтин суруналыыстара тэрийэн ыыппыт “төгүрүк остуолларыгар” «Кыбартыыра аны, килиэп курдук, утары харчытыгар атыыланыа», — диэн кэпсэтии таҕыста. Олорор дьиэнэн хааччыллыы кыһалҕата кыра өрөспүүбүлүкэбит тыһыынчанан ыалын хаарыйар.


Кимнээх эрэ куортамҥа харчы кутартан саллан-салҕан, бэйэлэрэ бас билэр муннуктаныахтарын баҕараллар, кимнээх эрэ олорор усулуобуйаларын тупсарынарга, дьиэлэрин кэҥэттэргэ былаанныыллар. Ити сылдьан, сыыһа үктээн биэрэн, кураанаҕы кууспут даҕаны баһаам. Архитектура уонна тутуу комплексын миниистирин бастакы солбуйааччы Павел Аргунов ааҕарынан, тутааччылар буруйдарынан билигин даҕаны “албыннаппыт испииһэгэр” 800-чэ киһи баар. Барыта элбэх кыбартыыралаах 16 дьиэ ситэ тутуллубакка турар. Павел Анатольевич бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн итилэртэн билигин 2 дьиэни ситэрэргэ үлэ ыытылларын, өссө хас даҕаны дьиэ хонтуруолга тутулларын эттэ.

Киэҥ Арассыыйа үрдүнэн төһөлөөх үлүгэр элбэх ыал үп-харчы бөҕөтүн тэбээн баран сылдьара – көннөрү киһи төбөтүгэр баппат сыыппара. Ол даҕаны иһин, дойдубут баһылыга Владимир Путин үс сыл иһинэн өлүүлэһэн (долевой) тутууну суох оҥорорго, ол оннугар баан ставкатын бырыһыанын лаппа түһэрэн, ипотека кирэдьииттээһинин киэҥник туһанарга быйыл күһүн дьаһал биэрэн турар. Онон үөһээ таһымҥа тутууну баан үбүлүүр ньымса схемата оҥоһулла-чочулла сылдьар.

“Стройкон” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Иван Полушкин саныырынан, тутааччыларга ирдэбили күүһүрдэр саҥа сокуон эһиил сайын от ыйыттан олоххо киирдэҕинэ, тутааччы ахсаана лаппа аҕыйыыр туруктаах. “Өлүүлэһэн тутуу тохтотулуннаҕына, хампаанньа баантан кирэдьиит ылан дьиэни тутан баран, бэлэм кыбартыыралары атыыга таһаарыа. Оттон атыылаһааччы эмиэ баантан чэпчэтиилээх кирэдьиит ылар. Баан икки хос кирэдьииттиир курдук буолан тахсар”, — диир Иван Иванович. Баан бырыһыанын кыччаттаҕына, олорор дьиэ ырыынагар атыылаһааччы элбиирэ биллэр. Оччоҕуна кыбартыыра сыаната үрдүө суоҕа дуо? Сорохтор сыана тахсыа диэн билгэлииллэр. Утары санаа эмиэ баар.

(Сиһилии “Саха сирэ” хаһыат сэтинньи 22 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ).

This post was published on 17.11.2017 13:29 13:29