Кыамматтары быһаарар киритиэрийдэр олохтоннулар, реестр оҥоһуллар

СӨ бырабыыталыстыбатын “Социальнай көмөҕө ордук наадыйар дьону, оҕолоох ыаллары персонифицированнай учуокка ылыы туһунан” уурааҕар олоҕуран, киритиэрийдэр олохтоммуттара. Манан сиэттэрэн көмөҕө наадыйааччылар реестрдэрэ (испииһэктэрэ) оҥоһулла сылдьар.


Аныгы ирдэбилинэн, босуобуйаны, араас көмөнү тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьон бары ылар, туһанар кыахтаахтар диэн буолбатах. Киһи көмөҕө наадыйарын быһаарарга, Арассыыйаҕа 20 пууннаах киритиэрийдэри киллэрбиттэрэ. Бу киритиэрийдэргэ төһө хапсаргынан көрөн, көмөҕө наадыйаргын быһаараллар. Көмөҕө наадыйааччылар реестрдэрэ (испииһэктэрэ) оҥоһулла сылдьар.

Тус (персонифицированнай) учуот диэн — биир кэлим судаарыстыбаннай информационнай систиэмэ. Ханнык ыаллар туох көмөҕө наадыйалларын ырытарга, анаалыстыырга уонна инникитин өрөспүүбүлүкэ социальнай бэлиитикэтин былаанныырга туһалаах.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ олунньу 8 күнүгэр таһаарбыт бирикээһинэн, тус учуоту оҥорорго методическэй ыйыылар бааллар. Ол чэрчитинэн, 20 киритиэрийтэн 10-гар хапсар эрэ буоллаххына, реестргэ киириэххин сөп. Ону тэҥэ, дохуот таһыма биир эмэ киритиэрийгэ сөп түбэһэрэ булгуччулаах.

Киритиэрийдэри сүрүннэрин ылан, ырытан көрүөҕүҥ:
1. Ыал састааба: а) кыаммат; б) элбэх оҕолоох; в) толорута суох; г) инбэлиит (инбэлиит оҕолоох); д) соҕотоҕун олорор биэнсийэлээх (кэргэнниилэр); е) кырдьаҕаһы, эбэтэр ыарахан ыарыһаҕы көрөн олорор ыал.
2. Дохуот таһыма: а) ыал социальнай төлөбүрүнэн (биэнсийэнэн, босуобуйанан, о.д.а.) эрэ дохуоттанан олорор; б) ыал дохуота сүрүн бородуукталары, күннээҕи олоххо наадалаах маллары ыларга эрэ тиийэр. Улахан атыыга, сынньанарга, үчүгэй медицинскэй өҥөнү ыларга, оҕону үөрэттэрэргэ тиийбэт.
3. Материальнай балаһыанньата: а) ыал бииртэн элбэҕэ суох олорор дьиэлээх, бииртэн элбэҕэ суох даачалаах; б) бииртэн элбэҕэ суох сир учаастактаах (дьиэ туттарга); в) бииртэн элбэҕэ суох массыыналаах, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэлээх (онтун 5 сылтан ордук туттубут буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын үбүгэр атыыласпыт буоллаҕына, 5-тэн аҕыйах сыл); г) кэтэх хаһаайыстыбаҕа 15-тэн элбэҕэ суох сүөһүлээх уонна сылгылаах; д) олорор дьиэҕэ наадыйар диэн учуокка турар. Учуокка турбат буоллаҕына, олорор усулуобуйаны тупсарыыга наадыйар.
4. Олох-дьаһах балаһыанньата: а) испэт-аһаабат, бигэ туруктаах олохтоох эрээри, бэйэтиттэн тутулуга суох биричиинэнэн, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит (бастайааннай үлэтэ суох, олус кыра хамнастаах, о.д.а.); б) социальнай өттүнэн кутталлаах балаһыанньалаах, иһэр-аһыыр, учуокка турар ыаллар; в) айылҕа иэдээнигэр, эбэтэр баһаарга түбэспит, олорор сирдэриттэн куотарга, көһөргө күһэллибит, о.д.а. ыаллар.
5. Дьиэ кэргэн биир эбэтэр онтон элбэх чилиэнэ үлэлииллэр, дохуоту аҕалар дьарыктаахтар, ол гынан баран, ол аска-таҥаска нэһиилэ тиийэр; б) дьиэ кэргэн үлэлиир саастаах чилиэнэ быстах кэмҥэ үлэлээбэт (оҕотун 3 сааһыгар диэри көрөн олорор), инбэлиит оҕотун 18 сааһыгар диэри, эбэтэр төрүөҕүттэн I группалаах инбэлиити, 80 сааһын туолбут, эбэтэр кыаммат буолбут кырдьаҕаһы көрөн олорор; в) дьиэ кэргэн үлэлиир саастаах чилиэнэ үлэлээбэт уонна үлэни көрдөөбөт.
6. Реестргэ дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр ортотунан тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 0,30-1,0 дохуоттаах ыаллар киирэллэр. Ол эбэтэр, бу кээмэйтэн (прожиточный минимум) элбэх дохуоттаах ыаллар хапсыбаттар.
Онон, түмүктээн эттэххэ, бу 20 пуунтан 10-гар хапсар эрэ киһи кыаммат араҥаны учуоттуур тус (персонифицированнай) реестргэ киирэн, босуобуйаны, араас көмөнү ылар кыахтаах. Маны нэһилиэктэргэ тэриллибит хамыыһыйалар быһаараллар.

This post was published on 09.06.2017 14:30 14:30