Кыаммат ыалларга тус сыаллаах көмө оҥоруохтара

Кыаммат ыалларга, ол иһигэр элбэх оҕолоохторго көмөлөһүөхтэрэ. Дьиэ кэргэттэргэ оскуола таҥаһын, ас ылалларыгар, оҕо уһуйаанын төлүүллэригэр көмө харчы көрүөхтэрэ.


Кыаммат ыалларга 3 756 солкуобайы төлүөхтэрэ. Бу туһунан үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйаачы Елена Теплякова «Саха» НКИХ «Диалог с властью» биэриитигэр быһа тахсыытын кэмигэр эттэ. Миниистири солбуйааччы элбэх оҕолоох ыаллар үөрэнээччилэригэр көрүллэр көмө харчы кээмэйэ үрдээбитин иһитиннэрдэ.

2021 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 16-гар диэри саастаах оҕотугар көмө харчыны 51,3 тыһ дьиэ кэргэн ылар. Итилэргэ 108 тыһ оҕо иитиллэр.

Быйыл ыйдааҕы көмө харчы кээмэйэ 1 147,0 — 1 755,0 солкуобайга тэҥнэһэр.

This post was published on 09.03.2021 15:03 15:03