“Кыайыыга бииргэ!” доброволецтар форумнара Саха Сиригэр буолуоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Алтынньы 1-31 күннэригэр Саха Сиригэр » Кыайыыга бииргэ!» анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорооччулар пуорумнара буолуоҕа. Тэрээһин Дьокуускайга, Нерюнгрига, Ньурбаҕа, Майаҕа уонна Бэрдьигэстээххэ буолуоҕа.

Пуорум анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр аймахтарын, чугас дьоннорун, ол иһигэр СВО сиригэр-уотугар сылдьар дьон үлэлэрин чэпчэтэр көхтөөх волонтердары түмүөҕэ.

“Пуорумҥа доброволецтар хамсааһыннарын көхтөөх дьоно уонна тэрилтэлэр салайааччылара байыастарбытыгар уонна кинилэр аймахтарыгар көмөлөһүү бастыҥ холобурдарын кэпсэтиэхтэрэ. Биһиги барыларын көхтөөхтүк кыттарга, үлэбитин тупсарарга идеялары, былааннары киллэрэргэ ыҥырабыт”, — диэтэ “Патриот” ыччат киинин директора Сулустан Заболоцкай.

This post was published on 30.09.2025 15:27 15:27