Кыайыы Знамятын Саха сирин муҥутуур чыпчаалыгар — Кыайыы хайатыгар (3003 м) — таһаарыы үбүлүөйдээх сыл Бэлиэтинэн буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа ыччат министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Саха сиринээҕи Ис дьыала министиэристибэтэ уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай бэтэрээннэр тэрилтэлэрэ Нуучча географическай уопсастыбатын уонна спортивнай туризм Федерациятын кытта «Кыайыы Знамята» киэҥ далааһыннаах экспедиция ыытары былааннаабыттара. Бырайыак чэрчитинэн, РФ хотугулуу-илин өттүн саамай үрдүк миэстэтигэр — Муома улууһугар баар Кыайыы хайатыгар — Кыайыы Знамятын таһаарыы буолар.
«Бу тэрээһин Кыайыы 75 сылыгар ананар. Онон салалта, олохтоохтор биһиги былааммытын өйүүллэригэр эрэллээхпит. Бу биһиги историябыт, биһиги уопсай өйбүнньүкпүт», – диэтэ Василий Местников, байыаннайдар уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ, «Кыайыы Знамята» бырайыак ааптара.
Бөлөххө 12 киһи баар. Бары спортивнай-туристическай хамсааһыннарга уопуттаахтар, «хайа туризма», «хайа-уу туризма» хайысха спортсмен-туристара. Хамаандаҕа ыччат бэрэстэбиитэлинэн Айаан Местников буолар, кини ХИФУ физкультура уонна спорт институтун 1 кууруһун устудьуона. Хайаҕа ытта сылдьыбыт уопуттаах, альпинистар бэлэмнэрин ааспыт.
This post was published on 07.07.2020 13:01 13:01