Нам улууһуттан Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт ветераннар тустарынан элбэх матырыйааллар (хаартыскалар, ыстатыйалар, ахтыылар) хомулуннулар. Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын информационнай-методическай отдела тэрийдэ.
Нам улууһуттан 1849 киһи кырыктаах Аан дойду иккис сэриитигэр хорсуннук кыттыбыта. 1117 киһи сэрии толоонугар охтубута, 732 буойун дойдуларыгар тыыннаах эргиллэн эйэлээх олоҕу уһансыбыта, ол иһиттэн 529 киһи төрөөбүт улуустарыгар, 203 киһи республика атын оройуоннарыгар олохсуйбута.
Хомуллубут матырыйаалларга олоҕуран, информационнай-методическай салаа үлэһиттэрэ «Солдаты Победы: славные сыны земли Намской» диэн электроннай энциклопедия оҥоро сылдьаллар. Бу үлэ сүрүн сыалынан – сэриигэ кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт үтүө ааттарын үйэтитии, кэнчээри ыччакка патриотическай өйү-санааны иитии, хомуллубут докуменнары оцифровкалаан хас биирдии киһи туһунан дааннайдары Интернет ситимин көмөтүнэн буларга табыгастаах буоларыгар оҥоһуллар.
Электроннай энциклопедияҕа Нам улууһуттан Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт бар дьоммут испииһэк быһыытынан бары хабыллан киириэхтээхтэр уонна кинилэр тустарынан ыстатыйалар, хаартыскалар, фронтовай суруктар, видеоматырыйааллар барыта түмүллэн угуллан иһиэхтээхтэр. Билиҥҥи туругунан энциклопедияҕа 779 кинигэ, бэчээт ыстатыйалара киирэн тураллар. Бу үлэ эһиил Кыайыы 75 сылыгар түмүктэнэн, Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын сайтыгар (namlib.ru) көһөрүллэн, ким баҕалаах киирэн чугас дьонун туһунан наадалаах матырыйааллары буларыгар төһүү күүс буолуоҕа.
«Күндү биир дойдулаахтарбыт! Электроннай энциклопедия толору, баай матырыйааллаах буоларын туһугар эһэлэргит, аймахтаргыт тустарынан дьиэ-кэргэн архивыттан хаартыскалары, фронтан суруктары, буклеттары библиотека электроннай почтатыгар namlib@mail.ru «Электронная энциклопедия» диэн бэлиэтээн баран ыытаргытыгар көрдөһөбүт эбэтэр 41-7-59 нүөмэринэн эрийэн билсиэххитин сөп», — диэн этэр А.С. Колпашникова, Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын сүрүн библиограба.
This post was published on 15.11.2019 11:31 11:31