Кыайыы Параада Кыһыл болуоссакка буолуоҕа - Владимир Путин

Россия Президенэ Владимир Путин, коронавирус тарҕаныытын куттала тохтоотоҕуна, Кыайыы 75 сылын бырааһынньыга сүрүн Параадтаах уонна «Үйэлээх полк» аахсыйалаах ыытылларын эрэннэрдэ, СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.


«Кыайыы 75 сылыгар былааннаммыт барыта буолуоҕа: Кыһыл болуоссакка Параад  уонна «Үйэлээх полк» марш», — судаарыстыба баһылыга Россия олохтоохторугар туһаайыытын кэмигэр эттэ.

«Үбүлүөйдээх Кыайыы күнүн биһиги дьоһуннаахтык бэлиэтиэхпит, өскөтүн дойдуга бүрүүкээн турар балаһыанньа, ордук биһиги бэтэрээннэрбитигэр, кутталы үөскэппэт буоллаҕына», — диэтэ Владимир Путин.

Президент ыам ыйын 9 күнүгэр авиация параада уонна куораттарга салюттар баар буолалларын эрэннэрдэ.

«Куттал суох буолуутугар ирдэбиллэри толору тутуһан, самоизоляция эрэһиимин кэспэккэ, биһиги улуу бырааһынньыкпытын — Кыйыы күнүн — бэлиэтиэхпит. Бары бииргэ, дойдубут үрдүнэн», — судаарыстыба баһылыга эттэ.

Кини иһитиннэрбитинн, «ыам ыйын 9 күнүгэр Россия халлааныгар авиация техниката тахсыаҕа. Аныгы байыаннай сөмөлүөттэр, бөртөлүөттэр геройдарга чиэс биэриэхтэрэ. Онтон киэһэ өттүгэр үгэскэ кубулуйбут салюттар ньиргийиэхтэрэ».

This post was published on 29.04.2020 10:01 10:01