Кыайыы музейын куонкурсугар Саха сирин олохтоохторо кытталлар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ыам ыйын 9 күнүн көрсө Кыайыы музейа «Кыайыы открытката» норуоттар ардыларынааҕы куонкурсу ыытар.

Быйыл барыта Россияттан уонна тас дойдулартан 17 тыһыынчаттан тахса үлэ оҕолортон уонна улахан дьонтон киирдэ. Кинилэр ортолоругар Саха сириттэн кыттааччылар бааллар. Саайтка киирэн, сөбүлээбит үлэҕэр ыам ыйын 1 күнүгэр диэри куоластыаххын сөп.

Кыайыы открытката

Саамай элбэх куолаһы ылбыт биэс уруһуй «Приз зрительских симпатий» номинация кыайыылааҕынан буолуоҕа, саастарынан арахсар.

This post was published on 25.04.2024 14:33 14:33