Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйдээх күнүн Саха сирин олохтоохторо быйыл уратытык көрсөллөр. Урукку курдук уулуссаларга сэлэлии хаамыы суох, «Ураа!» хаһыы ньиргийбэт. Ити эрээри дьон, дойду үрдүнэн бүрүүкээн турар балаһыанньаны өйдөөн, санаатын түһэрбэккэ бырааһынньык күнү өрө күүрүүлээхтик бэлиэтиир. Үөһээ Бүлүү олохтоохторо Туйаара уонна Александр Кондратьевтар оҕолоругар сэриигэ сылдьыбыт эһэлэрин уонна аймахтарын тустарынан кэпсииллэр.
Туйаара Кондратьева кэпсииринэн, кини эбэтин бииргэ төрөөбүт быраата Семенов Макар Герасимович Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүт. «Аҕыйах кылаас үөрэхтээх, нууччалыы аҕыйах тылы билэр боростуой саха уола 1942 сыллаахха уоттаах сэриигэ ыҥырыллар. 1943 сыллаахха сэрии саамай кутаа уотугар — Курскай дугаҕа түбэһэр«, — диир кини.
Туйаара Ивановна оҕолоругар бу алдьархайдаах, кыа-хааннаах кыргыһыыга геройдуу охтубут аймаҕын туһунан кэпсиир. «Манна олус элбэх саха чулуу уола бэйэлэрин олохторун толук уурбуттара. Ол иһин да Курскай уобалас Озерово диэн дэриэбинэтигэр биир уулусса «улица Якутская» диэн ааттаннаҕа. Саха саллааттарын көмүс уҥуохтара манна көмүллэ сыталлар«, — диир. Оҕолор ааспыт үйэ историятын, онно аймах дьоно, Саха сирин хорсун-хоодуот саллааттара кыттыыны ылбыттарын олус болҕойон истэллэр.
Билигин Кондратьевтар ыччаттара билэллэр — Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгиттэн Аҕа дойду улуу сэриитигэр сырдык тыыннарын биэрбит биир дойдулаахтарыгар пааматынньык тутуллубутун, онно кинилэр килбиэннээх ааттара үйэлэргэ суруллубутун.
Хомойуох иһин, Макар Герасимович хаартыската суох. Сэрии иннинэ кэргэннэммэтэх да, оҕоломмотох да… Сэрии толоонугар охторугар 31 эрэ саастааҕа.
Оттон оҕолор аҕаларынан хос эһэлэрэ Кондратьев Иван Львович 1909 сыллаахха Уус-Алдан оройуонун Найахы нэһилиэгэр төрөөбүт.
Александр Константинович оҕолоругар кэпсииринэн, кини эһэтэ 1942 с. сайын Аҕа дойду сэриитигэр барар. Старая Русса, Вышний Волочок, Волоколамск куораттарга, Ильмень күөл кырыктаах сэриитигэр пехотаҕа сылдьыбыт. «Хорсунун иһин» мэтээллээх сэрииттэн эргиллибит.
«Эйэлээх олоххо ыал буолан, элбэх оҕону төрөтөн, биир дойдулаахтарын убаастабылын ылан дьоллоохтук олорбута. 1973 с., сэриигэ ылбыт баастара дьарҕаран, онуоха эбии оһолго түбэһэн, бу олохтон туораабыта. Көмүс уҥуоҕа төрөөбүт алааһыгар Аччыгый Балаҕаннаахха Уус Алдаҥҥа хараллан сытар«, — диир Александр Кондратьев.
This post was published on 09.05.2020 16:01 16:01