Ытыктабыллаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара уонна бэтэрээннэрэ, тыыл үлэһиттэрэ! Күндү биир дойдулаахтарым!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 76 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күммүтүнэн эҕэрдэлиибин!
Уоттаах сэрии аһыытын, эрэйин-муҥун эттэринэн-хааннарынан билбит дьиэ кэргэттэр сыдьааннарын, ХХ үйэ чуматын – нацизмы кыайыы туһунан кырдьык сотуллубатын-суураллыбатын өйдүүр, билинэр мөлүйүөнүнэн дьону түмэр бүттүүн норуот бырааһынньыга. Ыам ыйын 9 күнэ – дойдубут хас биир олохтооҕор ытык күн буолбута, буолар уонна буола туруоҕа.
Бу күннэргэ дьиэ кэргэнинэн биһиги кэккэбитигэр суох чугас дьоммутун – Аҕа дойдуну фашист халабырдьыттарыттан көмүскээбит ытык кырдьаҕастарбытын, Ийэ дойдубутугар эрэ буолбакка, бүтүн Аан дойдуга хорсун, эрдээх санааларынан уонна дьоруойдуу быһыыларынан или-эйэни уһансыбыт, Улуу Кыайыыны аҕалбыт бэтэрээннэрбитин ахтарбытын-саныырбытын биллэрэбит.
Ол уоттаах сэрии аҕалбыт эрэйин-муҥун ССРС доҕордуу уонна бырааттыы норуота эрдээхтик тулуйбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин тыйыс тыына, алдьархайдаах иэдээнэ уонна ыар сыллара таарыйбатах саха ыала диэн суох.
Саха сириттэн 62 тыһыынчаттан тахса киһи Кыһыл армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Саха сирин чулуу уолаттара – бастыҥ снайпердар ааттара билигин аан дойдуга биллэр. Биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитин хонуутугар саа-саадах тутуурдаах эрдээхтик сэриилэспит биир дойдулаахтарбыт – артиллеристар, минометчиктар, ытааччылар хорсун быһыыларынан киэн туттабыт.
Тыһыынчанан биир дойдулаахтарбыт тыылга Улуу Кыайыы күнүн уһансан үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара умнууга хаалбат. «Барыта – фроҥҥа, барыта – Кыайыы туһугар!» диэн ыҥырыы тутуһуллан, хостонор көмүс, бултанар күндү түүлээх уонна балык барыта кэриэтэ фроҥҥа ыытыллара. Саха сирин олохтоохторо оборуона пуондатыгар 37 мөл. солкуобайы, судаарыстыбаннай иэс облигациятынан – 57 мөл. солкуобайы, 2,9 киилэ көмүһү, 550 киилэ үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут киэргэли уонна иһити-хомуоһу туттарбыта. Таанканы уонна самолету оҥорууга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо 27 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы ыыппыттара. Тэҥнээн көрдөххө, 1940 сыллааҕы Саха сирин бүддьүөтэ 190 мөл. солкуобай этэ.
Аляска-Сибиир трассанан аҕыс тыһыынчаттан тахса самолету көтүтэн илдьибит дьон хорсун быһыылара, 1941-1942 сылларга Саха сирин аэродромнарын тутуу уонна уларытан тутуу, 1942 сылтан саҕалаан 1945 сылга диэри көтүүнү хааччыйыы – номоххо киирбит АлСиб историятын умнуллубат кэрчиктэрэ буолаллар.
Бүгүн биһиги бэйэлэрин олохторунан, хорсун быһыыларынан кыайыыны аҕалбыт аҕа көлүөнэбитигэр сүгүрүйэбит. Кинилэр холобурдарыгар биһиги Ийэ дойдуга, төрөөбүт сиргэ уҕараабат тапталы, бэриниилээх буолууну көрөбүт.
Ийэ дойду көмүскээччилэр хорсун быһыыларын уонна тыылга үлэлээбит хас биирдии киһи эрдээх санаатын кэриэстиир билиҥҥи көлүөнэ ытык иэһэ буолар.
Биһиги аҕаларбыт-эһэлэрбит үтүө дьыалаларын дьоһуннаахтык салҕаан, өрөспүүбүлүкэбит бигэтик сайдарын хааччыйар тустаахпыт.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, или-эйэни, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу-соргуну баҕарабын. Улуу Кыайыы күнүнэн!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев