30 Муус устар 30.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Кыайыы 80 сылыгар бэтэрээннэр 100 тыһ солк ылыахтара

11:33, 17 апреля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыайыы күнүгэр, ыам ыйын 9-гар, Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэригэр уонна кыттыылаахтарыгар, кинилэр огдооболоругар уонна кинилэргэ тэҥнээх категорияҕа, Саха сиригэр олорор дьоҥҥо биир кэмнээх харчынан төлөбүр оҥоһуллар.

2025 сылга, Кыайыы 80 сылын бэлиэтииргэ, төлөбүр хас да төгүл улаатыаҕа. Ол туһунан ЯСИА-ҕа социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эттэ.

«Кэлэр сылга төлөбүр 5 тыһыынчаттан 100 тыһыынча солк диэри эбиллиэҕэ. Бырайыак сөбүлэҥҥэ сылдьар», – диэтэ миниистир.

Ханнык категорияларга төһө суума буоларын манна көр: https://ysia.ru/v-god-80-letiya-pobedy-veterany-poluchat-do-100-tysyach-rublej/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА