Кыайыы-75: Уоттаах сэрии буойуна Гаврил Дмитриевич Ефимов-Аратаа ыра санаалара олоххо киирэр кыахтаахтар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Чурапчы улууһун Бочуоттаах гражданина, Кыһыл Сулус, Аҕа дойду сэриитин 1-кы истиэпэннээх, Норуоттар доҕордоһуулара уордьаннар кавалердара, элбэх бойобуой мэтээллэр хаһаайыннара Гаврил Дмитриевич Ефимов бу дьыл олунньу 24 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолуоҕа.


Оонньооботох оҕо саас

Гаврил Дмитриевич Ефимов—Аратаа (ийэлээх аҕата таптаан ааттаабыт ааттара) 1920 сыллаахха олунньу 24 күнүгэр Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр) бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Дмитрий Еремеевич Ефимов, ийэтэ Дария Ивановна Ефимова хас да бииргэ төрөөбүттэр. 1929 сыллаахха Сулҕаччы оскуолатын 3 группатын бүтэрбитэ. 1932 сыллаахха Чурапчы опорнай оскуолатын 4-с кылааһыгар үөрэммитэ, ити сыл комсомолга киирбитэ, төрөппүттэрин кытары колхуос чилиэнэ буолбута. Ол кэмнэргэ саҥа үлэлээн эрэр ШКМ (школа колхознай молодежи) бэһис кылааһыгар үөрэммитэ. Алтыс кылааһы Дириҥҥэ бүтэрбитэ. 1936 сыллаахха Чурапчытааҕы педучилище устудьуона буолбута, 1940 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр бүтэрэн начаалынай кылаас учуутала идэлэммитэ.

Оҕо сааһа итинник түргэнник ааһан, косомол, анал үөрэхтээх киһи саҥа олоххо чиҥник үктэнэн, Чурапчы 8 кылаастаах оскуолатыгар 5—7 кылаастарга учууталлаабыта, 1941 сыллаахха Хайахсыт 7 кылаастаах оскуолатын дириэктэринэн ананан, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллыар диэри үлэлээбитэ.

Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа

Гаврил Дмитриевич сэриигэ Хотугулуу-Арҕааҥҥы фроҥҥа сибээс байыаһынан саҕалаабыта. Уоттаах сэриигэ 1942 сыл бэс ыйыттан 1944 сыл бэс ыйыгар диэри сылдьыбыта. Сэрии хонуутугар сибээс тарда сылдьан икки төгүл бааһырбыта. Бастакыта чэпчэки соҕус эбит буоллаҕына, иккис бааһырыыта улахан этэ, өлөр-тиллэр икки ардынан сыттаҕына санитардар булбуттара. Байыаннай госпитальга өр сытан эмтэнэн сэриилэһэр чааһыгар эргиллибитэ.

Биирдэ строй иннигэр таһааран хамандыыра „За образцовое выполнение боевых заданий командования на фронтах борьбы с немейко-фашистскими захватчиками, за проявленные при этом мужество и доблесть гвардии рядовой Ефимов Гавриил Дмитриевич приказом командования фронта награждается орденом Красной Звезды” диэн бирикээһи аахпыта, уордьаны хорсун саллаат түөһүгэр аспыта. Саллаат: „Служу Советскому Союзу!”, — диэн андаҕарынан хардарбыта.

1944 сыл саас гвардия рядовойа, рота комсора иккис группалаах инбэлиит буолан, Кыһыл Сулус уордьаннаах, элбэх бойобуой мэтээллэрдээх ахтар-саныыр Чурапчытыгар эргиллибитэ. Гавриил Дмитриевиһи дойдутугар Култуура дьиэтигэр дьоно-сэргэтэ 400-чэкэ киһи үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэн туран көрсүбүттэрэ. Фронтан эргиллибит байыас бу да сырыыга биир дойдулаахтарын фрону кытары сибээһи өссө күүһүрдэргэ, тыылга бэйэни харыстаммакка үлэлииргэ ыҥырбыта. Ахтылҕаннаах көрсүһүү, истиҥ кэпсэтии түмүгэр „Көрсүһүү” диэн ийэтигэр анаммыт бэйэтин хоһоонугар норуот матыыбыгар, нууччаттан „Кирпичики” ырыаҕа майгыннаттан ырыа айыллыбыта билиҥҥэ диэри саха дьоно сөбүлээн ыллыыр ырыата буолан сылдьар.

Бар дьонун туһугар

Сэрииттэн төннөн кэлэн, икки баттыктаах сылдьан, комсомол Чурапчытааҕы райкомун сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбитинэн барбыта. Коммунистическай партия идиэйэлэрин, таһаарар уураахтарын олоххо киллэриигэ эдэр ыччаты түмүүгэ күүһүн харыстаммакка үлэлээбитэ. Чурапчы комсомола саҥа саҕалааһыннары, бачыымнары таһаартаабыта, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ. Холобурдаан эттэххэ, оройуоҥҥа фронтовой биригээдэлэр, вахталар, тимуровскай хамсааһыннар киэҥник тэнийбиттэрэ, тулаайах оҕолору иитэ ыларга бачыым көтөҕүллүбүтэ. Ефимовтар Поля диэн кыыһы ылан улаатыннаран Капрыновтар диэн үтүө-мааны үлэһит ыал ийэтэ оҥорбуттара.

Гаврил Дмитриевич биир кэрэхсэбиллээх хамсааһынынан Чурапчы комсомолун салайар сылларыгар „Ыччат — Производство“ диэн девиһинэн биир бастакынан бачыым көтөҕөн, ыччаттар тыа сиригэр үлэҕэ тахсыбыттара. Ити биир холобурунан Степанида Карпова (МТС) тракторнай биригээдэтэ, Иннокентий Собакин (Мырыла) үрдүк үүнүүтүн звенота өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, ЫБСЛКС Киин Кэмитиэтин Бочуотунай грамотатынан, ааттара суруллубут чаһынан бириэмийэлэммиттэрэ.

Комсомол үлэтин сүрүн соругунан буолар ирдэбиллэри толорууга, пропагандист буолан туран билиитин хаҥатыныыга күүскэ үлэлэспитэ. Ол кэминээҕи оройуон хаһыатын кэрэспэдьиэнэ Петр Седалищев „По зову сердца“ диэн ыстатыйаны суруйбута. Онно маннык этиллэр: „Биография этого человека—это биография егор поколения. В годы войны—фронт… Ранение, награда Орден Красной Звезды. Потом—председатель укрупненного колхоза имени Субурусского. Тирдцатипятитысячник, Заместитель председателя исполкома райсовета.

Оройуоҥҥа кини көҕүлээһининэн бастакы мусуой аһыллан үлэтин саҕалаабыта. Успуорт араас көрүҥнэрэ күүскэ сайдан барбыттара. Тустуу, остуол тенниһэ, баскетбол курдук көрүҥнэргэ ыччат хото тардыллыбыта. Чурапчы орто оскуолатын баазатыгар Оҕо ыспартыыбынай оскуолата үлэлээбитэ. Чурапчы биир баттаамалаах томтордоругар— Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, хаҥас Гражданскай сэрии дьоруойдарыгар аналлаах пааматынньыктар туруоруллубуттара. Итинтэн да атын, киһи суруйан бара туруох курдук, элбэх оҥоһуллубута.

Гаврил Дмитриевич Чурапчы, Кытаанах, Хайахсыт, Одьулуун оскуолаларыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кэлин Өрөспүүбүлүкэтээҕи речевой оскуола, ГПТУ-7 дириэктэрэ, ВООПи К Дьокуускай куораттааҕы тэрилтэтин эппиэттиир сэкирэтээрэ, П. А. Ойуунускай аатынан мусуой младшай научнай сотруднига, ВОИ өрөспүүбүлүкэтээҕи бырабылыанньатын бэрэсэдээтэлэ. Биир киһи холугар сөҕүмэр үлэ.

Айар үлэ алыбыгар

Элбэҕи билиэн-көрүөн баҕарар, үөрэҕи ылынымтыа, уйаҕас дууһалаах, элбэҕи ааҕар киһи, „бириэмэтигэр иэйиитэ киирэр“ дииллэринии, Гаврил Дмитриевич оҕо сааһыттан хоһуйарга холоммута. Үөрэхтэнэн, олох араас эриирдэрин-мускуурдарын эт хаанынан билэн хоһуйар. Суруйар талаана арыллан, сайдан испитэ. Тылбаастааһынан эмиэ дьарыктаммыта. 1933 сыллаахха, 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан:

Биһиги оскуолабыт күн ахсын
Кыайыыны өрүтэ дабайар,
Социализм олоҕун туруорсар,
Кадрдары бэлэмнээн таһаарар.

Онтон 1934 сылаахха Хатын Халыйа, Бабаҕа үрэх туһунан:

Үүнэр дьирим үйэбэр
Үөрэ-көтө сылдьарбын
Саҥа олох күлүмэр
Саныы-өйдүү турабын,
Төгүрүйэр айылҕам
Төгүл араас быһыытын,
Эргийээхтиир хара тыам
Ибир-сибир хамсыырын.
Үүнэн үөһээ күндээрэр
Үөрэхтэрим туһатын
Саҥа олох сандаарар
Саабылалаах батаһын
Үөрэ-көтө үлэлиир
Колхуостарым кыайыытын
Үрэх устун килбэҥниир
Хотуурдарын сытыытын
Колхуостарым хотуутун
Хотор дохсун хардыытын
Хотолдьуһа долгуһан,
Хомуунаны туойарын
Өрө үүнэр сойууспут
Үрдүк турар былаахпын
Үөһээ туолар былааммын
Үөскүүр чаҕыл кэмнэрбин, — диэн суруйбута.

Араас тиэмэлэргэ суруйбут элбэх хоһоонноро бэчээттэммэккэ, биллибэккэ сылдьаллар. Кини ырыаларын, хоһооннорун тустарынан 75 сааһын туолар үбүлүөйүгэр саха саарына, Чурапчы чулуу уола, бастакы Ил Түмэн аллаараа палататын бэрэссэдээтэлэ, Хайахсыт ыччата, юрист, суруйааччы А. П. Илларионов: „Тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Гавриил Дмитриевич норуот өйүттэн сүппэт-оспот суоллаах поэт. Кини сэрии суолларыгар саллаат ыар дьылҕатын сүгэ сылдьар кэмигэр Чурапчы колхуостарын хоту көһөрүү кыһалҕатыгар төрөөбүт киһи мин алталаахтыыр сааспар диэри ийэм эмиийин соппойон тыыннаах ордубуппун. Онон, ама, оччо бэдик хайдах өйбөр-мэйиибэр хатыам суоҕай. Ийэм минньигэс уоскутар-саататар ырыаларын. Онно ити Эллэй, Күннүк ырыаларын тэҥэ мин өйбөр ийэм эмиийин үүтүттэн иҥэн хаалбыттара Ганя Ефимов ырыалара, кини аата”. Дьэ, сыанабыл чахчы да ис сүрэхтэн, ол иһин да буолуо, „Көрсүһүү“ ырыатын норуот сөбүлээн ыллыыр, быйыл 100 сылыгар, Кыайыы 75-сылынан сир сир аайы улуустарга араас форманан толорон эрэллэр.

Гаврил Дмитриевич хоһоонноро олус ис киирбэхтэр, бары аналлаахтар. Олоҕо уостубат улахан тапталынан доҕуһуолланан дьоллоохтук дьоһун олоҕу олорон аастаҕа. Аны олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

Г. Д. Ефимов—Аратаа ыра санаалара

Гаврил Ефимов төрөөбүт дойдутугар, норуотугар ахсаабат итии тапталынан, турунуулаах патриотизмынан олорон ааста. Кини олох өлүөн эрэ иннинэ: „Биирдэ бэриллэр олоҕу бэйэҕэ да, атыттарга да туһалаахтык олоруохха наада. Мин олоҕу, дьону, дойдубун таптыырым. Оннук олорбутум уонна үлэлээбитим. Патриотизм диэн баар буолуохтаах. Онтуката суох киһи силистэриттэн, тирэҕиттэн матар. Үрдэххэ, көтөн хаалыаҕа. Патриотизм киһи төрөөбүт алааһыттан, оҕо сааһа ааспыт, үөрэммит сирдэриттэн саҕаланар. Олох биирдэ бэриллэр уонна олус түргэнник ааһар. Олоҕунан туһан, өрүсүһэн туран олор—тус бэйэҥ, ийэҥ, аҕаҥ, улууһуҥ, төрөөбүт сахаҥ норуотун, аҕа дойдуҥ тустарыгар“, — диэн суруйбута. Итини таһынан ыра санаа оҥостубут, суруйан хаалларбыт туруосуулаах кэс тылларын санатыаҕы баҕарыллар.

Мемориальнай мусуой-комплексы тутуу, Г. П. Башарин Саха сиригэр бурдугу ыһыыны кэҥэтиигэ үлэтин өйөөһүн, Дыгын аатын Дьокуускай куорат уулуссаларыгар иҥэрии, Охотскай муораҕа тахсар суолу тутарга саҥалыы киирсии, Улуу Кудаҥса аатын Чурапчыга үйэтитии боппруостарын туруорсубута. Бу туруорсуулара саҥа кэмҥэ суолталанан олоххо киирэр кыахтаахтар. Кини сырдык аата өссө да киэҥник үөрэтиллиэҕэ, үлэтин уопута холобур буолан туһаны аҕалыаҕа диэн эрэнэбин.

This post was published on 23.02.2020 12:07 12:07