Хайыһарынан айан Булуҥ улууһун Күһүүрүттэн саҕаланан, Ньурба улууһун Ньурба куоратыгар тиийэн түмүктэниэ. Дьаһал Кыайыы 75 сылыгар уонна Ил Дархан биллэрбит Патриотизм сылыгар ананар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков хайыһарынан айан тэрийэр мунньаҕын ыытта.
«Сэрии сылларыгар Саха сирин Арктикатын кытылынан тайаан сытар улуустар олохтоохторо армияҕа ыҥырыыттан босхоломмуттара. Ити эрээри элбэх киһи баҕа өттүнэн сэриигэ барбыта. Кинилэр фроҥҥа тиийэннэр, ыарахан сатыы уонна хайыһарынан айаннарга кытталлара«, — диэтэ Жирков.
Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола курсана Семен Сюльскай, баҕалаахтар бөлөхтөрүн салайан, 1942 сыл олунньу ыйын орулуур тымныытыгар Хотугу муустаах байҕал кытылыттан Ньурбаҕа сэриигэ ыҥырар пууннарыгар айаннаан тиийбитэ. Кинилэр 35 хонук иһигэр туундаранан, тайҕанан, хайанан барыта 2500 км барбыттара. Семен Сюльскай онон Ньурбаттан Хотугулуу-илиҥҥи фроҥҥа атаарыллыбыта. Ржев, Старай Русса уонна Великай Лука анныларыгар сэриилэспитэ. Курскай Дугаҕа ыараханнык бааһырбыт Сюльскай билиэҥҥэ түбэспитэ. Онтон куоппута уонна Украинатааҕы «Буревестник» бартыһааннар этэрээттэригэр кыттыспыта. Этэрээт бастакы Украинатааҕы фронт линейнай войскатын кытта кыттыспытын кэннэ, Украинаттан Прагаҕа тиийэ кыайыыны турууласпыттара. Элбэх бойобуой уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
«Семен Сюльскайдаах тыйыс айылҕалаах Саха сирин усулуобуйатыгар хайыһарынан айаннара — кинилэр фроҥҥа тиийэр уонна Аҕа дойдуларын көмүскүүр күүстээх баҕа санаалара буолбута», — диэн бэлиэтээн эттэ Александр Жирков.
Кини эппитинэн, Булуҥ улууһун ыччата 1973–1981 сыллар усталарыгар хас да хайыһарынан айаны ыытта. 1973 сыллаахха Дьааҥы хайаларын уҥуордаан Күһүүр — Тиксии хайысханан 180 км, 1978 сыллаахха Күһүүр — Эдьигээн 600 км, 1981 сылга Дьокуускай — Тиксии 1650 км.
Жирков 75 сыллаах үбүлүөйдээх айан эһэлэрбитигэр, аҕаларбытыгар үтүө ытыктабыл, өйдөбүл бэлиэтинэн буоларын эбэн эттэ.
Күһүүр — Ньурба хайысханан хайыһарынан айаны өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев өйүүрүн иһитиннэрдилэр.