Горнайтан сэриигэ ыҥырыллыбыттартан саамай улахан бойобуой наҕараадалаах – Кыһыл Знамя уордьаннаах — Мытаахтан төрүттээх Николаев Николай Иннокентьевич бойобуой суола ситэ үөрэтиллэ илик. Кини уордьанын ылбыт докумуона РФ оборонатын министиэристибэтин архыыбыгар баар. Онно суруллар: “Тов. Николаев – бесстрашный офицер, показавший в боях с немецкими захватчиками свою исключительную храбрость и мужество”.
Докумуонтан
Мытаахтан төрүттээх, уоттаах сэриигэ ыҥырыллыбыт Николай Николаев взвода бастакы киирсиигэ өстөөх үс атаакатын төттөрү охсор, 30 өстөөҕү хаптатар. Онтон үс хонон баран, Михайло дэриэбинэ иһин кыргыһыыга немецтэр түөрт төгүл кимэллэр эрээри, элбэх сүтүктэнэн киэр быраҕыллаллар. Биһиги дьоммут “Ураа” хаһыытаат, хардары атаакаҕа киирэллэр. Николай граната быраҕаттаан, өстөөх окуопатыгар бастакынан ыстанар, элбэх немеһи дьууктууллар. Онтон взвод аҕыйах да киһилээх буоллар, салгыы кимэн киирэн иһэр. Взвод хамандыырын хорсун быһыытыттан биирдэстэрэ Щиты дэриэбинэ иһин кыргыһыыга көстөр — «В рукопашной схватке взвод т. Николаева уничтожил 40 немецких солдат» диэн наҕараадалыыр илиис бүтэһигэр суруллар.
Бу хорсун быһыытын кэнниттэн Николаев аны ротаны хамаандалыыр. Биһиги норуоппутугар элбэх иэдээни иҥнэри үктээн киллэрбит немецтэр хааннаах биһиктэрин урусхаллаһар, онон Кыайыы көтөллөнөр. Ол эрээри соһуччу биир атаҕастабыллаах түгэни тулуйбакка, буруйу оҥорон, хаайыллыбытын туһунан кэпсииллэрэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта биһиэхэ кини кыра кыыһа, Уус Алдан Дүпсүнүгэр олорор Л.Н.Прибылых убайа Н.Н.Прохоровы, эдьиийэ О.Н.Бережнованы кытта соһуччу, күндү “кэһиилээх” кэлэ сырыттылар. Буойун 60-ча сыл устата хатанан турбут ыскаабын арыйан сөхпүттэр-махтайбыттар. Онно хамандыыр, үтүөкэннээх киһи эмиэ да дьоллоох, эмиэ да эрэйдээх олоҕун кэпсиир докумуоннар, араас суруктар бааллар эбит.
Ордук үөрүүлээҕэ, кини сэриигэ сылдьыбыт түгэннэриттэн суруйбут рукопиһа ол ыскаапка харалла сыппыт! Ону саха народнай поэта Сэмэн Данилов “өссө чочуй” диэн рецензиялаабыт. Кини буойуҥҥа сыһыаннаан маннык этэр:
– Сэһэҥҥин ааҕабын. Дьоҕур Эйиэхэ баарыгар, кыһалыннаххына, ис сүрэххиттэн туруннаххына, Эн биһигиттэн итэҕэһэ суох суруйааччы буоларгар, туох да мөккүөр баар буолуон сатаммат.
Сэмэн Петрович киниэхэ олус үрдүк сыанабылы биэрбит дии! Салгыы биир дойдулааҕар ис сүрэхтэн тахсар истиҥ тыллары аһаҕастык аныыр, сүбэлиир: “Бука диэн доруобуйаҕын харыстан, элбэхтик аах.”
Германияҕа сэрии кэнниттэн сулууспалыы сылдьан, буруйу оҥоруутугар сыһыаннааҕы маннык быһаарар: «Очень плохо, что я самолюбив, горд, и неступчив. Знаю это видимо не всем нравится, даже ни кому. Но я рожден и вырост быть таким и иначе я не могу вести себя, чтоб быть тряпкой, которой полы моют. Я ни кому еще не позволял и не позволю оскорбить мою личность…(бэйэтэ хайдах суруйбутунан). Ууну-уоту, өлүүнү ортотунан ааспыт, кыргыһыы хонуутугар хаарыаннаахай доҕотторун сүтэрбит, өссө билии-көрүү, сатабыл өттүнэн баһыйа тутан, араас омуктары хамаандалаабыт буойун ханнык да түгэҥҥэ атаҕастабылы тулуйбата, сэнэбилгэ сылдьыбата, бэйэтин норуотун, аатын-суолун үрдүктүк тутара, бу суругар көстөн ааһар.
Бастакы тапталын Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Наталья Степановна Петрованы кытта уонча сыл олус нарыннык, истиҥник суруйсан, билсэн баран ыал буолбуттар. Кинилэр ол иннинээҕи, бииргэ дьоллоохтук олорбут, араас түгэннэртэн өйдөспөккө арахса сылдьыбыт кэмнэригэр, киһини долгутар, аймыыр суруктара кичэллээхтик уурулла сылдьыбыттар.
Соһуччу кэлбит ыалдьыттарбыт көрдөһүүлэрэ биир. Хайдах эмэ гынан Николай Иннокентьевич бу сэһэнин, оройуон бастакы идэтийбит фотограбын быһыытынан түһэртээбит улуус историятыгар сыһыаннаах хаартыскаларын киллэрэн, кинигэ оҥорорбутугар этиилээхтэр.
Дьэ, дьикти, биһиги улуус дьоно ураты киэн туттуохтаах буойуммут бойобуой суолун туһунан суруйуута, итинник кичэллээхтик хараллан, 60-ча сыл бэйэтэ кистэнэн турбута. Ийэлэрэ, офицер иккис кэргэнэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Бочуот знага» уордьан кавалера В.С.Текеянова да арыттарбатах, ыстарбатах, сорохтор курдук оҕолорго оонньоппотох. Кэлин күлүүһүн тыла да сүтэн, ким да кыһаллыбат буола сылдьыбытын кэпсииллэр.
Ураты дьиктитэ, итиччэ уһуннук уурулла сытан баран, Улуу Кыайыы 75 сылыгар биһиэхэ анаан арылла түспүтэ, күөрэс гыммыта били, этиттэриилээх эбит дуу диэххэ дылы?! Онон Патриотизм сылыгар улууспут салалтата, тэрилтэлэр, урбаанньыттар, депутаттар о.д.а. үп хомуйуутугар кыттыһан, тэрийсэн бу кинигэ күн сирин көрөрүгэр көхтөөхтүк ылсыахтара диэн эрэнэн туран, хорсун буойун, харса суох хамандыыр сырдык аатын үйэтитээри, бэчээккэ бэлэмниир үлэбитин саҕалаатыбыт.
Буойун сэһэнин ааҕа олоробун. Бу тэҥэ суох кыргыһыыга, доҕотторун сүтэрбит буойуннар, бүтүн взводтан аҕыйах буолан хаалаллар. Биир да ботуруоннара суох эрээри, окуопа иһигэр кирийэн, санньыйан олороллор. Хантан да көмөнү күүппэттэр. Тула кыргыһыы. Үгүстэр араанньы буолан, бэйэ-бэйэлэрин бэрэбээскилэһэллэр, уоскутуһаллар. Сотору-сотору кинилэр үрдүлэринэн буулдьалар иһиирэн ааһаллар. Хаһан немецтэр өссө атаакалаан киирэн, тааҥканан ныһыйан ааһалларын, үөһэттэн таҥнары өҥөйөн туран, күлэ-күлэ хардарар кыаҕа суох буолбут тиһэх ботуруоннарыгар диэри геройдуу сэриилэспит саллааттары ытыалыылларын күүтэллэр. Бу түгэҥҥэ биһиги буойуммут тугу саныырын суруйар:
– Мин төрөппүттэрим, аймахтарым уонна бииргэ үөскээбит табаарыстарым, дойдум биирдии аахпыт хас үүнэн турар отун-маһын, төрөөбүт алааспын аны хаһан да көрбөт буолбуппуттан, сүрэҕим ытырбахтыыр, этим тымныйарга дылы гынар. Санаабар, дойду ыраах муннугар олорор холкуоһум түөлбэтин кыра алааһа, миэхэ бүгүн хаһааҥҥытааҕар даҕаны ордук кэрэ уонна миигиттэн олус чугас буолан көһүннэ. Сирэйдэрин мырчыстаҕаһа ааҕыллыбат буола элбээбит, бырдьаспыт маҥан бытыктара айахтарын тула адаарыспыт абаҕалаах аҕам, сүүрэн иһэн соһуйан тохтообут быраатым уонна кэлээри дьүккүһэр Вераны уоскута сатыыр, кэлиҥҥи сылларга хап-хара баттаҕа хаар маҥан буолбут ийэм барахсан, өлөөрү хаанынан уста сытарбын көрөн, миигин өлүүттэн сулбу ойутар кыахтара суоҕуттан, харахтара ууламмыт сирэйдэрэ, бу мэрбэҥнэһэ турарга дылылар…
Василий Алексеев. https://ulus.media/2020/02/12/berdigesteehhe-60-syl-kistene-syppyt-suruktar-k-nn-ler/