Кыайыы-75: “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар хоһоон аахтылар

СӨ Yɵрэххэ уонна билимңэ министиэристибэтэ сыллата ыытар XV өрөспүүбүлүкэтээҕи “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыыларыгар өрөспүүбүлүкэ 10 улууһуттан уонна Дьокуускай куорат оскуолаларыттан 29 бөлөх (255 оҕо) кэтэхтэн, саҥа кэтэхтэн форманан — видеоролигынан кытынна. “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу”  уоланнар ааҕыылара 15 сыллаах үбүлүөйүнэн кыттыыны ылбыт бары бөлөхтөр араас бириистэргэ тигистилэр.


«Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах ааҕыыларга буойун-суруйааччылар, буойун-суруналыыс, буойун-учуутал оҕолоро, дьоно-сэргэтэ, аймахтара кыттыыны ыллылар. Тэрийээччилэр, оҕолор, төрөппүттэр ааттарыттан ытык дьоммут сыдьааннарыгар, уолаттар ааҕыыларын сыаналаабыт дьүүллүүр сүбэҕэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн туругу, дьоллоох олоҕу баҕарабыт, истиҥ махталбытын тиэрдэбит», — диэтэ Н.В. Макарова, Россия үөрэнээччилэрин бүттүүн хамсааһынын Саха сиригэр координатора, Россиятааҕы оҕо уонна ыччат Федеральнай киинин ыччаты кытта үлэҕэ исписэлииһэ.

Быйылгы куонкурус Гран-при хаһаайынынан И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ – Арыы орто оскуолата буолла. Бириистэрэ: 1. Оҕо туризмын сайыннарар Федеральнай бырайыак чэрчитинэн Москва “Золотое кольцо” хайысханан бөлөххө барытыгар путевка сертификата. 2. Москва куоракка  “Россия – Моя история” историческай мультимедийный парк экскурсиятыгар 10 сертификат.  3.  Салайааччыга  Анна Ефимовна Васильеваҕа буойун-учуутал Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия бириэмийэтэ.

Лауреаттар:

С.С. Васильев — Сергей Борогонскай аатынан лауреат. “Хотой” —   Д. П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.

Г.И. Макаров — Дьуон Дьаҥылы аатынан лауреат. “Умсулҕан” —  С.К. Макаров аатынан ЧГ, Чурапчы улууһа.

С.А. Саввин- Күн Дьирибинэ аатынан лауреат.  “Дьикти саас” — С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.

И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан аатынан лауреат.  “Дьулурҕан” — Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа.

А.С.  Бродников аатынан лауреат. “Аман өс” — Хамаҕатта саха француз-лиссиэйэ, Нам улууһа.

В.И.  Башарин аатынан лауреат.  «Дьэргэлгэн»  — И.М. Яковлев аатынан 1 №-дээх Покровскай орто оскуолата, Хаҥалас улууһа.

Т.Е. Сметанин аатынан лауреат.  “Бэргэн” — Н.А. Атласов аатынан Эдьээн орто оскуолата, Уус Майа.

М.И. Кузьмин — Макар Хара аатынан лауреат. “Төлөй өрүөллэрэ” — Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа.

Г.Д.  Ефимов аатынан лауреат. “Добун”.  Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.

В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан лауреат. “Элик бэртэрэ”. Дьокуускай куорат 12№-дээх  оскуолата.

В.С. Соловьев – Болот Боотур аатынан лауреат. “Өркөн” —  С.К. Макаров аатынан ЧГ, Чурапчы улууһа.

Дипломаннар:

I бөлөх  (6-8 кылаастар)

1 степеннээх дипломант. “Дьулуур” — Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.

“Уолан” — Герой Н.С.  Степанов аатынан Бүлүү 3№-дээх  оскуолата, Бүлүү улууһа.

2 степеннээх дипломант. “Добун дорҕоон”-  Хамаҕатта саха француз лиссиэйэ, Нам улууһа.

“Уолан” — И.И. Гоголев-Дыргыабай  аатынан Найахы ОО, Уус Алдан улууһа.

3 степеннээх дипломант. «Эрчим» — Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.

“Дьоҕур” — Курбуһах орто оскуолата, Уус Алдан улууһа.

“Харбалаах уоланнара” — Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаах  орто оскуолата, Таатта улууһа.

II бөлөх  (9-11 кылаастар)

1 степеннээх дипломант. “Хоһуун” — Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолата, Чурапчы улууһа.

“Поиск” — Н.Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор ОО, Өймөкөөн улууһа.

2 степеннээх дипломант. “Төлөн” — М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы ОО, Бүлүү улууһа.

“Дьулуур” — В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.

3 степеннээх дипломант. “Долуо” — Дьокуускай куорат 7 №-дээх оскуолата.

“Дүпсүн уоланнара”-  И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн ОО, Уус Алдан улууһа.

“Саргын ыччаттара” — Арбын орто оскуолата, Нам улууһа.

Оҕолорго анал ааттар:

Оҕо туризмын сайыннарар Федеральнай бырайыак чэрчитинэн Москва “Золотое кольцо” хайысханан путевка сертификатынан наҕараадаланнылар:

«Бастыҥ ааҕааччы» —  Парников Алеша,  Хамаҕатта, Нам улууһа.

«Хомоҕой ааҕааччы» —   Максимов Женя, Кэбээйи улууһа.

«Иһирэх ааҕааччы» — Бачьев Рустам, Эдьээн, Уус Майа улууһа.

«Иэйиилээх ааҕааччы» — Дьячковскай Айтал,  Сылаҥ, Чурапчы улууһа.

«Чаҕылхай ааҕааччы» —  Баин Саша, ЧУГ, Чурапчы улууһа.

«Умсугутар ааҕааччы»  — Руфов Игнатий, Покровскай 1№-дээх оскуолата,  Хаҥалас улууһа.

“Кэскиллээх ааҕааччы”  — Семенов Сандал, Дьокуускай 7 №-дээх  оскуолата.

«Дорҕоонноох ааҕааччы» — Сивцев Влад,  Томтор, Өймөкөөн улууһа.

«Дьоһун ааҕааччы»  — Константинов Сеня, ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.

«Умсугутар ааҕааччы» — Скрябин Ярослав,  ЧСОШ, Чурапчы улууһа.

 Кэлэктиипкэ анал ааттар:

“Бастыҥ арыйыы”  — Дьокуускай куорат 23№-дээх ОО, “Сыккыс”.

“Сонун дьүһүйүү” — Дьокуускай куорат 23№-дээх  ОО “Дьулуур”.

“ Дойдунаат” —  Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, “Эрчим”.

“Бастыҥ тэтим”  — Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, “Чыпчаал”.

“Интернет ситим” – С.А. Новгородов аатынан ЧОО, Чурапчы улууһа. Барыта 3675:  инстаграм – 883, ютуб көрүүтэ – 2128, лайк ютуб – 664.

“Бастыҥ видеомонтаж” — Дьокуускай куорат 12№-дээх  оскуолата, “Элик бэртэрэ”

Спонсордар, тэрийээччилэр анал бириистэрэ:

  1.  ИП “Эверест” анал бирииһэ. /Директор Макаров Д.Ю./ Н.Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор ОО, Өймөкөөн улууһа. Бириис: 50.000 суумалаах сертификат.
  2.  “Россия ийэлэрэ”  Бүтүн Россиятааҕы хамсааһын регионнааҕы Сэбиэт анал бирииһэ. Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолата, Чурапчы улууһа.
  3.  Саха Республикатын “Аҕалар лигалара” общественнай тэрилтэ. Н.А. Атласов аатынан Эдьээн орто оскуолата, Уус Майа улууһа. /Винтовка пневматическая спортивная МР  — 512/.
  4.  П.А. Ойуунскай аатынан Саха академическай театр артиската, Саха АССР үтүөлээх, Саха Республикатын народнай артиската Багынанова Зоя Петровна анал бирииһэ. Оконешников Вадим, ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.
  5.  П.А. Ойуунскай аатынан литературнай музей  анал бирииһэ. “Сыккыс” — Дьокуускай куорат 23№-дээх  оскуолата.
  6.  МКУ «Управление образования  Чурапчинского улуса (района)» анал бирииһэ. Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа. “Сосновый бор”.
  7.  Общественная  организация  ветеранов  (пенсионеров) войны, труда, вооруженных сил и правоохранительных органов Республики Саха (Якутия) / Председатель В.О. Иванов/ Д. П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа. Бириис: Принтер.
  8.  АУ  РС (Я) Мультимедийный парк “Россия — Моя история” анал бирииһэ. Дьокуускай куорат 23№-дээх  оскуолата. Салайааччы  Кулакина Таися Егоровна  Бириис: “Россия –Моя история” Историческай мультимедийный парк экскурсиятыгар 10 сертификат.
  9.  ФГАОУ  ВО  «СВФУ им. М.К. Аммосова» ИНПО анал бирииһэ. Сертификат о прохождении курсов профессиональной переподготовки.  Решетникова Татьяна Николаевна – зам. директора по ВР ЧРССОШИОР им. Д.П. Коркина.
  10.  Сертификат о прохождении курсов ПК в объеме 144 ч. Попова Елена Егоровна, Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа.
  11.  Сертификат о прохождении курсов ПК в объеме 72 ч.  Прядезникова Айталина Гаврильевна, Курбуһах ОО, Уус Алдан улууһа.

Уоланнар ааҕыыларын араас сылларга Гран-при кыайыылаахтарын бириистэрэ:

2006, 2009, 2015 с.с. Гран-при кыайыылааҕа Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО анал бирииһин “Дабаан” лааҕырга 2 путевканы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаах  орто оскуолата “Харбалаах уоланнара” бөлөххө анаата.

2007 с. Гран-при кыайыылааҕа   Чурапчы улууһун Дириҥ орто оскуола 3000 солк. суумалаах сертификаты Хамаҕатта саха француз лиссиэйин  “Добун дорҕоон” (Нам улууһа) бөлөххө анаата.

2008, 2017 сс. Гран-при кыайыылааҕа С.К.Макаров аатынан ЧГ  анал бирииһини  Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа, “Чыпчаал”  бөлөххө “Күн Өркөн” экспедисия лааҕыр 2 путевканы анаата.

2010, 2011, 2012, 2019 с.с. Гран-при кыайыылааҕа Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ, Нам улууhун анал бирииһини “Айар кут — HOLLУWOOD”  С.К.  Макаров аатынан ЧГ бөлөҕөр анаата.

2013 с. Гран-при кыайыылааҕа Харбалаах орто оскуола, Таатта улууһа 3000 солк. суумалаах сертификатнын  И.И. Гоголев-Дыргыабай  аатынан Найахы орто оскуола, Уус-Алдан улууһун “Уолан” бөлөххө анаата.

2014 с. Гран-при кыайыылааҕа Эдьээн орто оскуола, Уус Майа улууһа анал бирииһин   (принтер) Кэбээйи улууһун, Кэбээйи орто оскуола анаата.

2016 с. Гран-при кыайыылааҕа А.И.Софронов аатынан Ытык Күөл орто оскуола  3000 солк. суумалаах анал бирииһин В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын  (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа) бөлөҕөр анаата.

2018 сыл. Гран-при кыайыылааҕа И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы оскуолата (Нам улууһа)   “Айар кут — HOLLУWOOD”  лааҕырга путевканы Герой Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3№-дээх  оскуолатын “Уолан” бөлөххө анаата.

Куонкуруһу тэрийээччилэр:

— Өрөспүүбүлүкэтээҕи оӄо хамсааьынын сайыннарар киин;

— Д.П. Коркин аатынан Чурапчы спортивнай эрэл инетрнат-оскуолата (бырайыак автора саха тылын уонна лиетратуратын учуутала Кузьмина Акулина Николаевна).

This post was published on 09.05.2020 14:01 14:01