22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кыайыы-75: Хоргуйууну, өлүүнү, сэриини ааспыт Дьааҥы бэтэрээнэ наҕараада тутта

13:25, 28 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олоҕун Саха сирин сайдыытыгар анаабыт Украинаттан төрүттээх хоһуун үлэһит Феодосий Кузьмич Ткаченко «Үлэҕэ килбиэнин иһин» бэлиэнэн наҕараадаланна. «Төрөөбүт дойдубун, дьоммун-сэргэбин ахтабын-саныыбын, бүтэһикпин дойдубар Сепокка 1993 сыллаахха баран кэлбитим, — диэн кэпсиир.


1933 сылтан саҕаламмыт сут, хоргуйуу, аччыктааһын, өлүү Украинаны тумнубатаҕа. Хара сарсыардаттан халлаан хараҥарыар диэри  бааһына, сир хара үлэтинэн иитинэ олорбут нэһилиэнньэтэ улахан охсууну ылбыт, бааһына бааһынан хатан, ыал ыалынан эстибит ыар кэмнэрэ этилэр. «Оччолорго, түөр саастаахпар, эдьиийим, икки убайым уонна аҕам хоргуйан өлбүттэрэ. Мин ийэм ырбааххытыттан тутуһа сылдьарым. Ийэм булбут аһын аан бастаан миэхэ уунара эбитэ буолуо, баҕар ол иһин 90 сааспар тиийдэҕим. Коммуна тэриллэн, ийэм онно үлэҕэ сылдьара. Аҕыстаахпар ньиэмэс сэриитэ саҕаламмыта, аймалҕан бөҕө буолбута, дьиэлэри уоттаабыттара, дьону ыйаталаабыттара… Ньиэмэс оккупациятыгар үс сыл олорбуппут, 1943 сыллаахха биһиги дьоммут кэлэн босхолообуттара. Уончалаахпыттан үлэ диэни билбитим. Оҕо дьиэтигэр биэрбиттэрэ, төрдүс кылааска диэри үөрэммитим. 1945 сыллаах Кыайыыны өйдүүбүн. Оо, онно бүтүн норуот үөрбүппүт даҕаны», — диэн оҕо сааһын ахтан ааһар Дьааҥы олохтооҕо Феодосий Кузьмич Ткаченко.

Феодосий Кузьмич сэрии кэнниттэн холкуоска тыраахтарга үлэлээбит. 18 сааһын туолбут уолчаантан «Дойдуну тутуу үлэтигэр бараҕын дуу, аармыйаҕа ыытабыт дуу?»  диэн ыйыппыттарыгар, үлэтин талбыт. Биэс сыллаах уоттаах  сэрии урусхаллаабыт дойдутун тутуу үлэтэ саҕаланар. Феодосий болуотунньук идэтигэр аҕыс ый үөрэнэн, төрөөбүт дойдутун — Киев уобалаһын Таращанскай оройуонугар тутууга үс сыл тутааччынан үлэлиир. Хомсомуолга киирэр. «Комсомол ыйыытынан 1950-нус сылларга хоту дойдуга үлэҕэ ыыталлар. Саха сиригэр Депутатскайга тиийэн тракториһынан, бульдозериһынан үлэлээбитим. Үһүс сылбар 22 күннээх-түүн быарбынан ыалдьыбытым. Оччолорго Депутатскайга эмтиир кыахтара суох буолан, Дьааҥы оройуонугар Эһэ-Хайа балыыһатыгар ыыппыттара. Эһэ-Хайа тигинэччи үлэлии турар улахан бөһүөлэк этэ. Балыыһаҕа киллэрбиттэригэр «Бу кытай киһитэ хантан кэллиҥ» диэн дьээбэлээбиттэрэ, оннук саһарбыт этим. Эмтэнэн, үтүөрэн баран, Эһэ-Хайатааҕы автобаазаҕа бульдозериһынан үлэлээбитим. Ол сылдьан Софья Ивановна Заборовская диэн кыыһы таптаан, икки өттүттэн сөбүлэһэн ыал буолбуппут», — диэн кини салгыы кэпсиир.

1954 сыл сааһыгар улуус киинэ Верхоянскай куораттан Баатаҕайга көһөр.  Феодосий Кузьмич Баатаҕайга үлэлиир, 1960 сыллаахха Софья Ивановналыын Верхоянскайга көһөн олохсуйбуттар. Райпоҕа трактористаан, 1964 сылтан сынньалаҥҥа барыар диэри Верхоянскайдааҕы коммуналка тэрилтэтигэр бульдозеристыыр, трактористыыр.

Дьааҥы сирин ис сүрэҕиттэн сөбүлээн, иккис төрөөбүт дойду оҥостубут кырдьаҕас куорат ытык олохтооҕо Феодосий Кузьмич сайынын күрүлэс куйаастаах, кыһынын тымныы муҥутаабыт дойдутугар силис тардынан — уол оҕону төрөтөн, үс сиэннэнэн нус-хас олорор. Ыарахан кэмнэр мэлдьэспэт чахчыларын сүрэҕэр хатаабыт, үлэ үөһүгэр сылдьыбыт бэтэрээн хоту дойду сайдыытыгар, тутуутугар олоҕун анаабыт, дьоһун кылаатын киллэрбит кэмнэрин мэтээллэрэ туоһулууллар.

Бараммат сис хайалардаах, киэҥ, барҕа быйаҥнаах дойдуга сайын ахсын балыктаан, оҕуруот үүннэрэн, кыһынын аар тайҕаны кэрийэн бултаан-алтаан, куобахтаан дьолун Дьааҥыга булбут бэтэрээн, сэрии сылларын оҕото  Феодосий Кузьмич Улуу Кыайыы 75 cылын көрсөөрү долгуйар.

Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА