Евдокия Гаврильевна Афанасьева (Гурьева) балаҕан ыйын 1 күнүгэр 1934 сыллаахха Арҕаа Хаҥалас оройуонун Хачыкаат нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ Гаврил Аммосович, Варвара Николаевна Гурьевтар чиэһинэй колхуостаах үлэһит дьон этилэр. Кыыс үөрэхтэнэн, иитээччи буолан, төрөөбүт алааһын сэрии кэминээҕи олоҕун тутууга күүһүн-кыаҕын, сыратын уурбута. Билигин ыччатын ортотугар эйэни уһансар.
Евдокия Гаврильевна олоҕун тухары араас үйэҕэ олорон кэллэ. Ол курдук Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии суостаах сыллара, урусхаллаах сэрии кэнниттэн саҥа олоҕу тутуу, Сталин, Хрущев, Брежнев, Андропов, Ельцин кэминээҕи олох уларыйыыларын барытын этинэн-хаанынан билэн, үлэлээн-хамнаан төһөлөөх олох уопутун ылбыта буолуой? Евдокия Гаврильевна быйыл 86 хаарыгар үктэннэ, билигин даҕаны улууска буолар улахан тэрээһиннэргэ көтүппэккэ интэриэһиргээн сылдьар. Былыргыны-хойуккуну санаһан култуура туһунан ыйытыыларбар маннык кэпсээннээх буолла.
— Мин үөрэххэ баҕам бэрт буолан 1943 сыллаахха тоҕустаахпар Баай Барашков Тииттээххэ туттарбыт икки этээстээх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Киэҥ-куоҥ, улахан түннүктэрдээх, үрдүк кирилиэстээх оскуолаҕа оҕо-аймах сонурҕаан даҕаны бары үчүгэйдик үөрэнэрбит. Учууталбыт көрүөхтэн кэрэ, кыраһыабай уонна култуурунай, олус мааны Луиза Семеновна Петрова (Барашкова) биһигини 4 сылы быһа үөрэппитэ. Учуутал кыыс оччотооҕуга аҕата Семен Петрович Барашков туттарбыт оскуолатыгар учууталлыыра, — диэн Евдокия Гаврильевна прогрессивнай, олоххо саҥалыы өйдөбүллээх С.П.Барашков кыыһыгар үөрэммитинэн киэн тутта, махтана саныыр.
Кини кэпсииринэн, уоттаах сэрии сылларыгар Хачыкаакка холкуос бэрэсэдээтэлинэн Киприянов Данил Васильевич үлэлиирэ. Кини дьаһалынан оскуола үөрэнээччилэрин итии аһылыгынан хааччыйаллара. Хас сарсыарда аайы үс биэрэстэни сатыы хааман кэлбит аччык оҕолор итии миин, амтаннаах хааһы сиэн абыраналлара. Дьон-норуот туһугар олус кыһамньылаах салайааччылаах буолан, Качыкаат дьоно бары даҕаны улаханнык хоргуйбатахтар. 1945 сыллаахтан эр дьон сэрииттэн утуу-субуу кэлэн барбыттар. Оҕо-дьахтар аймах барахсан аҕалара, убайдара сэрии толоонуттан тыыннаах эргиллэн кэлбиттэригэр дьоллонон, саҥа олоҕу тутарга санаалара көтөҕүллүбүт. Кыайыы сылларыгар бурдук холкуос бааһыналарыгар өлгөмнүк үүммүт. Олохтоохтор ампаардардарын сыл тахсар нэчимиэн, дьаарысса бурдугунан толорон үөрүү бөҕө буолбуттар.
Историяны сэгэтэн кэпсиир ытык киһи, 1946 сыллаахха Д. В. Киприянов көҕүлээһининэн нэһилиэккэ Кыайыы ыһыаҕын тэрийбиттэрин ахтар.
— Оччотооҕуга мин 11 саастаах этим. Дьон-сэргэ кыайыыттан сүргэтэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн, ыһыахха элбэх киһи мустубут этэ. Ол кэмҥэ ыһыахтыыр сир билигин Кыһыл-Үрүйэҕэ айанныыр суол кытыытыгар, билигин эдэр дьон бөһүөлэгэ тутуллубут миэстэтигэр баара. Кымыс иһиитин сиэрэ-туома олохтоох дьону түмэ тарпыта. Биэ бөҕөтүн ыан улахан чорооннорго арыылаах кымыһы томточчу тутан эдэр дьон төбүрүөннээн мустан олорор дьоҥҥо биирдиилээн түҥэтэллэрэ. Күүстээхтэр тусталлара, мас тардыһаллара, быһыйдар сүүрэллэрэ, илии-атах оонньуута, ат сүүрдүүтэ олус көхтөөхтүк ыытыллара. Оһуохайы оройуттан туталлара. Күн тахсыар диэри ардаҕы ардах диэбэккэ үҥкүүлүүллэрэ. Улаханнык туойбакка кирпииччэлии үҥкүүлүүллэрэ. Рафаилова (Симерова) Светлана Никифоровна ийэтин (Ааҥка) бииргэ төрөөбүт убайа Буурҕа сүрдээх үчүгэй куоластааҕа. Кини бастакынан оһуохайы таһаарара. Аһаҕас халлаан анныгар Кыһыл-Үрүйэлэр олоҥхо туруорбуттара. Элбэх киһи кыттыбыта. Константинов Константин Петрович, Новгородова Александра оонньообуттарын өйдүүбүн. Дүҥүр тыаһа-ууһа улахана, Абааһы кыыһын ырыата-тойуга, хап-хара таҥас-сап мин оҕо санаабар көрүөххэ кутталлаах этэ. Кэлин Д.В.Киприянов куорат сириттэн артыыстары таһаартаан, сүрдээх көхтөөх улахан ыһыахтары ыһар буолбуттара. Мааны баҕайы муодунай таҥастаах-саптаах дьону көрөн олохтоохтор бэйэ бодолорун тардынан, араас саҥа таҥаһы тиктэн барбыттара. Оччотооҕуга, 40-50-с сылларга кулуупка Намтан сылдьар Полина (араспаанньатын умнан кэбиспиппин) эдэр кыыс үлэлиирэ. Киэһэ аайы эдэр дьон мустан мандолинанан, балалайканан доҕуһуоллатан краковьяк, вальс, полька үҥкүүлүүллэрэ. Сэрии кэнниттэн даҕаны дьон олоҕо сэргэх, баай-тот олорбутугар Данил Васильевич өҥөтө олус улахана. Олохтоох дьон инники кэскиллэрин түстээбит, олус чиэһинэй киһи билиҥҥэ диэри үчүгэйдик сырдатыллыбакка сылдьар дии саныыбын.
Евдокия Гаврильевна 1953 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн баран, Покровскайга дьыссаакка иитээччинэн үлэлээбит.Оччотооҕу советскай кэмҥэ оройуон Серго Орджоникидзе аатын сүгэрэ, онон Покровскай бөһүөлэгэр араас омук олорон үлэлиирэ. Ол кэмнэргэ телевизор суоҕа. Эдэр ыччат иллэҥ бириэмэтин кулуупка мустан атаарара. Райком үлэһиттэрэ саҥа кэлбит специалистары ааҕа тутан, бөһүөлэк общественнай олоҕор сыһыаран үлэлэтэллэрэ. Ыччат мустар сиринэн оройуоннааҕы култуура (РДК) дьиэтэ буолара. Манна араас куруһуоктар тиһигин быспакка, нэдиэлэҕэ иккитэ элбэх эдэр ыччаты хабан былааннаахтык үлэлииллэрэ. Хорга 80-тан тахса киһи кыттара. Баянынан нуучча уола Егрин Николай Семенович сахалыы, нууччалыы араас ырыалары доҕуһуоллуура. Ырыа куруһуогар Мохсоҕоллоохтон кэргэннии Александровтар, санэпидстанция кылаабынай бырааһа еврей Яганова, тубсанаторий кылаабынай бырааһа Шамнэ Сильвия Петровна, бөһүөлэк кылаабынай бырааһа Зинаида Иноземцева, эдьийдии балыстыы Крокустар, Александра Ларионова, Алла Степанова уо.д.а. сылдьаллара. Салайааччылара пианист Лобань Виктор Иванович олус ирдэбиллээх, дьиссипилиинэни тутуһуннара үөрэппит. Самодеятельность кыттыылаахтарын барыларын хабан сыанаҕа дьон баппат үлүгэрэ буоларын ахтар оччолордооҕу Хачыкаат эдэр ыччата. «Холобур аҕаллахха “Летите голуби” ырыаны хористар 5 куолаһынан ыллаан куоракка ИДьМ кулуубугар улахан биһирэбили ылбыппыт. Концерка сахалыы нүөмэрдэри хомуска Афанасий Маркович, Харитина Егоровна Гоголевтар биэрэллэрэ. Үҥкүүгэ Гоголев Афанасий, Васильев Ефим, Герасимов Никита, Лебедева Анна, Романова Маша, Устинова Маша, мин уо.д.а. мэлдьи кыттарбыт. Салайааччыбыт Яковлева Ольга Васильевна этэ. 1956 сыллаахха Саха тыйаатырыгар “Дружба” диэн үҥкүүнэн инсценировка туруорбуппут. Барыта 20-чэ киһи кыттыбыта», — диир кини.
1954 сыллаахха РДК директорынан культпросвет училищены бүтэрбит Алексеева (Борисова) Анна Прокопьевна үлэлии кэлбит. Олохтоох интеллигенция бөһүөлэк култуурунай олоҕор олус актыыбынайдык кыттан барар. Олохтоох кулууп, библиотека үлэһиттэрэ Лебедева Анна Петровна, Сидорова Акулина Михайловна үгүс эдэр ыччаты көҕүлээн, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьаллара. Ханнык да концерт, ханнык да фестиваль кинилэр кыттыгаһа суох барбаттара.
Бу курдук Евдокия Гаврильевна Афанасьева умнуллубат эдэр сааһын сыллара ырыа-тойук аргыстаах, күргүөмнээх таһаарыылаах үлэлээх ааспыта. Үлэлэрэ, оройуон общественнай олоҕор кыттыылара, араас таһымнаах конференциялары, семинардары ыытыылара, уус-уран самодеятельноска кыттыылара, араас маассабай култуурунай тэрээһиннэр умнуллубат кэрэ сырдык түгэннэри бэлэхтээбиттэригэр үйэтин-сааһын тухары алтыспыт үөлээннээхтэригэр, чугас дьонугар махтанар.