Кулун тутар 1 күнүгэр Хаҕыҥҥа сэрии бэтэрээнэ Яков Петрович Григорьев 95 сааһын туолар үбүлүөйдээх тэрээһинин үөрүүлээх күнэ буолла. Уоттаах сэрииттэн ордон кэлэн, эйэлээх олоҕу уһансан, билигин 95 сааһыгар тиийиитэ улахан дьол буоллаҕа. Ытык киһини эҕэрдэлээри, махтанаары улуус биир уһук нэһилиэгэр элбэх киһи муһунна.
Алдьархайдаах уот сэрии ыраах сытар Хаҕын нэһилиэгин эмиэ таарыйбыта. 1941 сыллаахха бэс ыйыгар М.Г.Петров Хаҕын нэһилиэгиттэн аан бастакынан ыҥырыллыбыта. 1942 сылга барыта 21 киһи ытык иэстэрин толоро сэриигэ ыҥырыллан барбыта, онтон 7 эрэ киһи тыыннаах ордон дойдутугар төннүбүтэ.
1943 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр ыҥырыы бэбиэскэ тутаннар 22 киһи барар. Итинник уопсайа Хаҕын нэһилиэгиттэн 57 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбытыттан 27 хорсун буойун Ийэ дойдуларын туһугар олохторун толук уурбуттара, кыргыһыы хонуутугар хаалбыттара. Маны таһынан сэрии тыйыс кэмнэригэр аччыктааһынтан нэһилиэккэ 70 киһи олохтон туораабыта. 30 буойун эргиллэн кэлэн сэрии кэмигэр айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбитэ. Тыыннаах эргиллибиттэртэн үгүстэрэ сэриигэ ылбыт баастарыттан доруобуйалара мөлтөөн уһун үйэлэммэтэхтэрэ. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэлэрин иһин 1946 сыллаахха 64 киһи наҕараадаламмыта.
Билигин Кыайыы 75 сылын көрсө сэрии бэтэрээнэ, Бүлүү улууһун уонна Хаҕын нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Яков Петрович Григорьев, 3 тыыл бэтэрээнэ Христина Тимофеевна Прокопьева, Василий Ксенофонтович Филиппов, Николай Иванович Семенов уонна тоҕус сэрии сылын оҕото бааллар.
Бүлүү куоратын дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Мартыновна Саввинова иилээн-саҕалаан ыытта. Бүлүү улууһа (оройуона) муниципальнай оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Иванович Евсеев ытык кырдьаҕаһы итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин ыыппыт Эҕэрдэ суругун, үбүлүөйнэй мэтээлин, СӨ Ил Дархана А.С.Николаев Эҕэрдэ суругун, улуус аатыттан Махтал суруктары, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин аатыттан өйдөбүнньүк бэлиэни туттартаата. Дьокуускайтан айаннаан кэлбит биир дойдулаахпыт, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын аппараатын үлэһитэ Петр Васильевич Андреев бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ В.В.Солодов, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ П.В.Гоголев, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта А.С.Владимиров, Ил Түмэн дьокутааттара Н.Ф.Захарова, А.В.Гоголев, СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ А.П.Атласов уо.д.а өрөспүүбүлүкэ салайааччылара ыыппыт Эҕэрдэ суруктарын, бэлэхтэрин туттартаата.
Куорат муниципальнай тэриллиитин баһылыга Н.В.Афанасьев куорат олохтоохторун аатыттан махтанан туран, Эҕэрдэ суругун, бэлэҕин уонна Албан аат музейын аатыттан эмиэ туттарда. Улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Г.А.Солтуев, солбуйааччыта Д.С.Седалищев, куорат бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ф.Ф.Николаев, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин Бүлүүтээҕи территориальнай органын босуобуйалары төлүүр отделын начаалынньыга А.И.Комаров, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарын байыаннай хамыһаара С.Н.Харлампьев, Айылҕа харыстабылын кэмитиэтин салайааччыта А.И.Евсеев, ойуур хаһаайыстыбатын Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта К.К.Иванов, улуус спордун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, КПРФ Бүлүүтээҕи салаатын 2-с сэкирэтээрэ Г.С.Евсеев эҕэрдэлээтилэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.
Олохтоохтор ааттарыттан олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Туйаара Григорьевна Докторова улаханнык ытыктыыр, чиэстиир киһилэрин өссө төгүл эҕэрдэлээн туран, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттартаабытын кэннэ Яков Петровиһы кытта өр сылларга бииргэ үлэлээбит биир дойдулаахтара сэрии сылын оҕолорун ааттарыттан Мария Егоровна Докторова, тыыл бэтэрээннэрэ Василий Ксенофонтович Филиппов, Николай Иванович Семенов истиҥ-иһирэх ахтыы оҥордулар.
Таайдарыгар эҕэрдэ уонна ырыа ыллаан туойдулар Яков Николаевич уонна Марфа Гаврильевна Николаевтар.
Ытык кырдьаҕас Яков Петрович кинини убаастаан бачча элбэх киһи кэлэн эҕэрдэлээбитигэр долгуйан туран махтанна. Түмүккэ Яков Петрович кэргэнэ, тыыл бэтэрээнэ Христина Тимофеевна Прокопьева дьиэ кэргэнин аатыттан үөрэн туран, олохтоох дьаһалтаҕа маннык бэлиэ күнүн тэрийэн, улуус, өрөспүүбүлүкэ бары кыттыһан, аҕаларын, эһэлэрин, сэрии бэтэрээнин Яков Петровиһы ытыктаан кэлбит уонна эҕэрдэлээбит дьоҥҥо барыларыгар итии-истиҥ махталын тириэртэ. Итинник ыраах кытыы Хаҕын нэһилиэгэр өр кэмҥэ умнуллубат үтүөкэн күн буолла. Ытык бэтэрээммит Яков Петрович Григорьев 95 сааһын туолбутунан улууһун, нэһилиэгин дьонун-сэргэтин аатыттан өссө төгүл эҕэрдэлээн туран, дьоллоох олоҕу, ыстаал доруобуйаны баҕарабыт.
Ааптар: Федор Николаев.
Хаартыскалар батсаап ситимиттэн. https://ulus.media/2020/03/03/b-l-ha-ynygar-serii-betereenin-95-saa-ynan-chiesteetiler/
This post was published on 03.03.2020 15:12 15:12